«Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэрэ — интэриэһинэй
«Саха сирэ» хаһыат бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи нүөмэрин туһунан уочараттаах билиһиннэриибин саҕалыым.
Өбүгэлэрбит «Аан дойду атыйахтаах уу курдук айманна» диэн өс номохтоохтор. Кэлиҥҥи сылларга Сир планета көхсө кыараата, икки атахтаах уйулҕата көттө. Тиһигин быспакка утум-ситим салҕанан иһэр локальнай сэриилэр, судаарыстыбаннай былааһы суулларыы, экэниэмикэ кириисиһэ, экология кыһалҕалара уонна тиһэҕэр коронавирус пандемията… Аны Украинаҕа буолбут бэлиитикэ кириисиһигэр орооһорго тиийбит Арассыыйа анал байыаннай эпэрээссийэтэ… Дьэ, бу кэннэ аан дойду уонна киһи аймах, Арассыыйа уонна биһиги, Арассыыйа гражданнара, хайдах-туох буолабыт? Политолог, суруналыыс, «Саха сирэ» хаһыат бас эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев «Чолбон» сурунаалга ол туһунан санааларын, сабаҕалааһыннарын үллэстибитин интервьютуттан бүгүҥҥү хаһыакка быһа тардан бэчээттэннэ. Ааҕыҥ, сэргээҥ.
Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан Саха сириттэн баҕа да өттүнэн, быстах байыаннай хомуурга да хапсан дойдуларын көмүскүү барбыттара. Украинаҕа уоттаах киирсиигэ сылдьан кэлбит Хоһуун уола Ил Дархан диэн сахалыы ааттаах киһини суруналыыс Ульяна Захарова анаан көрсөн кэпсэтиитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
«Ырыынакка кэлбит киһи эрэ барыта илии тутуурдаах, өттүк харалаах дьиэтигэр тиийэр. Онон, мин даҕаны сыалбын ситиһэн, күн бэҕэһээ Ньидьили эбэҕэ уста сылдьыбыт Кэбээйи сибиэһэй соботун атыыластым. Сыаната “тос” курдук. Биир киилэтэ 350 солкуобай. Инньэ гынан, түөрт устуука арыый ортоһуор кээмэйдээх соболору 530 солкуобайга ыллым. Баҕар, сибиэһэй убаһа этин атыылаһыам диэн, эт сыанатын сурастым. Уонна ыйыппыппыттан кэмсинним… Биир киилэ убаһа этин балтараа тыһыынчанан быспыттар. Дьэ хайдаҕый?! Уус Алдан убаһатын этэ саамай чэпчээбитэ, “көтөҕө, уҥуохтааҕа” диэххэ дуу, 700 солкуобайга атыыланар. “Идэһэ кэмэ саҕаланнаҕына, сыана лаппа түһүөҕэ. Сыллата күһүн маннык сыана үрдүүр. Былырыын эмиэ бачча этэ”, – диэн атыыһыттар уоскутардыы этэллэр». Бу курдук бааһынай ырыынагар сылдьыбыт суруналыыс Анивера Акимова ырытыытын сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
«Билиҥҥи кэмҥэ аныгы тэтимнээх олоххо хас биирдии эдэр киһи бэйэтин түөлбэтин, дойдутун, култууратын ытыктыы, убаастыы улаатарыгар болҕомто уурарга уонна сөптөөх үлэни ыытарга бэйэтин иннигэр тустаах соругу туруоруохтаах. Киһи буолан айыллан, бу сиргэ тирэхтээх буоларын ситиһэргэ өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин сөргүтэн, устуоруйаларын сырдатан, төрөөбүт төрүт тылы ырыанан, тойугунан, хоһоонунан, суругунан атын араас ньымалары холбуу тутан, араас тэрээһиннэри ыытар сорук турбута. Итинник санааттан үөскээбитэ «Дойдум миэнэ Чаппанда» диэн социокултуурунай бырайыак. Ньурба улууһугар ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын IX спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэниини төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэкпиттэн саҕалыырга санаммытым. Чаппандаҕа, нууччалыы эттэххэ, «олимпийскай дэриэбинэ» оҥорор соруктаахпын. Ол инниттэн бастакы хамсааһын – ыһыахтыыр сирбитин былыргы сиэри-туому тутуһан оҥоруохпут. Күн көрсөр сирбитин Чаппандаҕа киириигэ Бырыы Күрүө диэн сыһыыга оҥоруохпут. Манна кэнэҕэс туристическай комплекс, паарка, дьон түһэр дьиэлэрэ, оҕо лааҕыра тутуллуохтара. «Дойдум миэнэ Чаппанда» диэн бырайыак хас да сыллаах буолуоҕа. Онон үлэбитин эһиил өссө күүһүрдэн биэрэр былааннаахпыт», — бу курдук санаалаах «Айар Кут» түмсүү, «PROФОТО» устуудьуйа салайааччыта Егор Иванов – «Саха сирэ» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Оҕо эрдэххэ, таһырдьа оонньуу сылдьан “мультик кэллэ!” диэн ыҥырыыны иһиттэххэ, буут быстарынан дьиэ диэки сүүрэр буолуллар этэ. “Ну погоди!”, “Леопольд” курдук хамсыыр көрдөөх хартыыҥкалар дьоруойдарын дьиҥнээх курдук ылынарбыт. Саха сиригэр уус-уран киинэни оҥоруу аан дойду таһымыгар чугаһыыр ускуустубаҕа кубулуйда. Оттон омос санаатахха, ханыылыы хайысха – анимация тоҕо биһиэхэ соччо сайда илигий? Сарсын, алтынньы 28 күнүгэр, Аан дойдутааҕы анимация уонна мультипликация устуустубатын күнэ. Бу күҥҥэ сигэнэн, сахалыы мультик баар дуо? диэн тиэмэнэн сирдэтэн, суруналыыс Егор Карпов дойдубутугар бу эйгэҕэ туох ситиһиилэр, хамсааһыннар баалларын ырытыыта үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.
«Оҕо идэтин төһө да бэйэтэ талбытын иһин, сүнньүнэн, төрөппүттэрэ кыратыттан салайбыт санааларын учуоттуур. Онон үлэ ырыынагар ханнык-туох идэлээх дьон наадаларын, ирдэбилэ, усулуобуйата хайдаҕын, хамнаһа төһөтүн, бастатан туран, төрөппүт билсэрэ көдьүүстээх буолаарай дуу. Аныгы төрөппүт иҥэн-тоҥон ырытыллыбатах, быстах, ааһан иһэр, сарсын умнуллар иһитиннэриилэринэн сирдэтэр. Онон бүгүҥҥү төрөппүккэ иһитиннэрэр-биллэрэр бырайыак толкуйдуур көдьүүстээх курдук. Бу буолан ааспыт кэпсэтии кыттыылаахтара, аҕыйах сылынан оробуочай идэлээхтэр үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэрдээҕэр элбэх хамнаһы аахсыахтара, үлэ ырыынага, олох бэйэтэ оннук салайар диэн этиилэрэ оруннаах. Ии-үс үрдүк үөрэх дьупулуома быыллыйа сытыаҕынааҕар, биир оробуочай исписээлинэһи баһылаан, олоҕу хааччыммыт ордук» диэн туран, суруналыыс Людмила Попова туох интэриэһинэй бырайыагы ырыппытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
«Алтынньыга «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар суруйааччы, сценарист Сардаана Сивцева-Даана Сард айымньытынан режиссер Елена Эверстова хамаандата устубут «Мин таптыыр Спутнигым» сэрийээли көрдүбүт. Бу ааттыын да киһини толкуйдатар киинэ киэһэ аайы дьиэ кэргэттэри, эдэр-эмэн дьону түмэ тарта. Бары билэрбит курдук, сэрийээл түмүгэ аһаҕас хаалан, элбэх көрөөччүнү хомоппута, соһуппута. Ол эрэн, салгыыта «Күн кыыһа Күннэй» диэн киинэ буолан улахан экраҥҥа тахсыахтааҕын бары билэрбит, долгуйа күүппүппүт. Дьиҥэр, маннык сэрийээллэр түмүктэрин киинэ оҥорон көрдөрүү аан дойду быраактыкатыгар баар эбит, оттон биһиги тэлэбиидэнньэбитигэр – саҥа, сонун холонуу», — диэн бүгүн дьон болҕомтотугар сылдьар «Саха» НКИХ сонун сүүрээнин туһунан суруналыыс Надежда Егорова ырытыыгар ааҕыҥ.
.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: