«Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр тугу ааҕыахха?

«Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр тугу ааҕыахха?

29.09.2022, 18:10
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат бүгүн, буоларын курдук, интэриэһинэй матырыйаалларынан баай.

Үөрэтэр устудьуоннарбын астына көрөбүн. Биһигиттэн атын көрүүлээх, толкуйдаах дьон. Ордук киһини сөхтөрөр дьоҕурдара, элбэх информацияны түргэнник уйунар кыахтара. Уон сыл анараа өттүгэр бүтүн бырагыраама диэн бэлэмнээбит билиигин биир паара иһигэр ылынар, өйдүүр кыахтаахтар. Биир астынарым – билиҥҥи оҕолор университет үөрэҕин үстүрүмүөн быһыытынан көрөллөр. Ол эбэтэр, бу ылбыт билиилэрэ кэлэр олохторугар хайдах туһаны аҕалыан сөбүн өйдөөн кэлэллэр. Урукку курдук, “кылаабынайа үрдүк үөрэх эрэ буоллун!” диэн сыһыан улам кыччаан иһэр», диэн хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев “Сэмсэ” рубрикатыгар ким маннык санаатын үллэстибитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

Сочи куоракка «Вся Россия» диэн аныгы суруналыыстыка пуорума буола турар. Саха сириттэн 18 киһилээх улахан дэлэгээссийэ иһигэр “Саха сирэ” хаһыаттан суруналыыстар Анивера Акимова уонна Ангелина Васильева кытта сылдьаллар. Кинилэр күн аайы бу пуорумҥа туох буолбутун иһитиннэрэ олороллор.  “Суруналыыстар куруук дьон туһунан суруйаллар, бэйэлэрин туһунан букатын умнан кэбиһэллэр. Онон биһиги хайдах курдук бэриниилээхтик үлэлиирбитин, түүннэри суруйарбытын, ууга-уокка да киирэрбитин эмиэ суруйуох, үйэтитиэх тустаахпыт” диэн ким тоҕо эппитин бүгүҥҥү хаһыакка биһиги суруналыыстарбыт суруйууларыгар ааҕыҥ.

“Аан дойдутааҕы Туризм күнүгэр түбэһиннэрэн, предпринимательство, эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Хандыны кытта өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдыытын туһунан кэпсэтээри болдьоммут кэммэр тиийдим. Сэкиритээр кыыс “киир” диэн ааны аһан биэрдэ. Миниистир Тимур Ханды көмпүүтэриттэн арахсыбакка,  “аас, олор” диэтэ. “Бырабыыталыстыба иһинэн үлэлиир сүрүннүүр сэбиэт уочараттаах мунньаҕар өрөспүүбүлүкэҕэ туризм салаатын сайыннарыы туһунан кэпсэтии түмүктэнэн эрэр. Бары улуустар дьаһалталара кыттыыны ылаллар. Эн биһикки таарыйыахтаах тиэмэбит эмиэ – туризм. Олоруохтааҕар, иһит. Мунньах бүтээтин кытта кэпсэтиэхпит”, — диэн Тимур Юрьевич эппитигэр, олохпун булан олорон иһиттим. Дьэ, бу олорон тугу сэргии көрбүппүн бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Бу күннэргэ “Сахамедиа” холдинг пресс-киинигэр экстремал-айанньыт, Өймөкөөн улууһун сылгыһыта Дугуйдан Винокуров “Тымныы полюһуттан – Москваҕа” айанын түмүгүн таһаарар пресс-кэмпириэнсийэтэ буолан ааста. Дугуйдан Винокуров бэйэтин баҕатынан Саха АССР 100 сылыгар анаан бырайыак тэрийэн, саха атын уонна  үлэ киһитин – сылгыһыт аатын дорҕоонноохтук ааттатта. Суруналыыстары кытта көрсүһүү “айанныаҥ иннинэ үөһэттэн түүл-бит, Үөһээ Айыылартан илдьит курдук баара дуо?” диэн ыйытыыттан саҕаламмыта. Онуоха Дугуйдан “кырдьык, 2020 сыллахха кулун тутарга улаханнык ыалдьыбытым. Ол сытан, бэрт дьикти түүлү көрбүтүм” диэн хоруйу биэрбитэ. Дьэ, Дугуйдаммыт туох түүлү түһээбитин бүгүҥҥү хаһыат кэпсиэҕэ.

16-лаах кыыс үс кыра саастаах бырааттарын  кытта оҕо иитэр дьиэтигэр былырыын кэлбиттэр. Төрөппүт ийэлэрэ иһэн-аһаан оҕолорун сатаан көрбөккө, оҕолор кыһалҕаттан бу дьиэҕэ иитиллэргэ күһэллибиттэр. Дьиҥэр, оҕолор хаан-уруу эбэлэрэ Дьокуускайга баар. Оҕолору тоҕо эбэлэригэр биэрбэттэрий? Бу олус сытыы боппуруос хайдах быһаарыллан эрэрин бүгүн суруналыыс Ульяна Захарова матырыйаалыгар ааҕыҥ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ ТОС түөлбэлэрин ассоциацията саҥалыы тэриллэн үлэтин саҕалаабыта — Гражданскай пуорум биир сүҥкэн ситиһиитэ. Нэһилиэк аайы ТОС үлэлииригэр “күөх уот” умайда диэхпитин сөп. Онон мантан инньэ нэһилиэк аайы ТОС түөлбэлэрэ тэриллэн, олоҕу тупсарыахтара, олохтоох баһылыктары хамнатан нэһилиэктэрин олоҕун күөстүү оргутуохтара диэн эрэнэбит. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Төрөппүт Албан аата” уордьаны Арассыыйа үрдүнэн сылга икки эрэ дьиэ кэргэҥҥэ туттараллар. Тааттаҕа Игнатьевтар төрүт үгэһи тутуһар, тыа сирин уйгутун уһансар, иккиэ бэйэлэрэ уон саҥа киһини иитэргэ-улаатыннарарга, сиэрдээх дьон гына иитэргэ, күннэтэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр тустарынан ааҕан баран, “дьэ, уордьаны ылыахтарын ылбыттар” диэн санааҕа кэлиэххит.

Саха киһитэ былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит үтүө үгэһин, сиэрин-туомун тутуһан, 50 сыл бииргэ олорор, быйыл кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтиир Татьяна Федоровна уонна Николай Николаевич Ребровтар – хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыттара. Суруналыыс Надежда Егорова бу дьоллоох ыал туһунан матырыйаалын хайаан да булан ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

Ааспыт өрөбүллэргэ ас-үөл дьаарбаҥката буолан ааста. Суруналыыс Женни Стрюкова бу дьаарбаҥка туһунан тус санаатын суруйбутун ааҕыҥ.

“Биир биэҕэ кыһын икки ыйга аһатарга, убаһаны хаа­йан туран аһатарга 1 төбөҕө 2 туонна кэриҥэ от, 200 кг эбиэс наада. Оккун күҥҥэ иккитэ ыһан аһатаҕын. Отуҥ хаачыстыбата үчүгэй буолара наада. Эбии бурдугу, ­эбиэһи кыһыҥҥы улахан тымныыларга, тыалга көрөн биэрэҕин, биэ төрүөн иннинэ бурдуктатар наадата суох. Күрүөҕэ туус баар буолара ордук” – бу сылгы иитэр дьоҥҥо олус туһалаах сүбэ бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи хаһыакка таҕыста.

“Саха сирэ” хаһыаты ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: