«Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр тугу суруйда?
Бүгүн чэппиэр, онон сибиэһэй хаһыаты ааҕар күн үүннэ.
1976 сыллаахха тутуллубут эт аһы оҥорон таһаарар эргэ 5 мэндиэмэннээх тэрилтэ аныгылыы саҥардан оҥоһуллан, бэртээхэй креативнай кластер буолан, талааннаах, ураты толкуйдаах ыччаттарга аанын тэлэччи аста. Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков: «Бу кластертан саҕыллан тахсыбыт креативнай бырайыактар сотору кэминэн Саха сирэ алмааһын, тымныытын курдук бренд буолан тахсыахтара», — диэн этиитин, тэрилтэ резиденнэрэ алгыс курдук ылыннылар. Бу “Үлэ кластерын” туһунан матырыйаал икки балаһанан таҕыста.
“Биһиги көрүүбүтүгэр сорох дьоһун суолталаах бэлиэтээһиннэрбит киирбэтилэр. Чуолаан, бу хотугу таһаҕаһы таһыыга икки сүрүн тирэх боппуруоска. Бастатан туран, массыына суолун тиһигин оҥорууга уонна ону көрөргө-харайарга, аэродромнарга, гражданскай авиацияҕа уонна уу суолунан хааччыйыыга үбүнэн көмө бэрээдэгэ оҥоһуллуохтаах”, – бу ханнык үрдүк сололоох киһи туох санааттан маннык санаатын үллэһиннэ? Бу туһунан сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Былыр-былыргыттан баччаҕа диэри саха киһитэ эт сиэҕэ, сии да туруоҕа. Эт бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларга субсидия курдук көрүллэрэ буоллар, сыана хонтуруолланыа этэ”, — диэн бу нэһилиэнньэни долгутар олохтоох эт сыаната наһаа ыараабытын, ону хайдах хонтуруоллуур туһунан “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ министиэристибэлэри, оҥорон таһаарааччылары, хаһаайыстыбалары кытта “Төгүрүк остуолу” тэрийэн ыыппытын туһунан суруналыыс Женни Стрюкова “Олохтоох эт сыаната тоҕо үрдүгүй?” матырыйаалыттан холобурдаатым. Эппиэттээх салайааччылар манна туох хоруйу биэрдилэр? Сиһилии ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Соторутааҕыта «Татар-информ» татаардыы тылынан таһаарыытын эрэдээктэрэ Рамис Латипов Дьокуускайга кэлэн нэдиэлэ устата үлэлээтэ, Нам уонна Хаҥалас улуустарыгар тахса сырытта. Кинилиин “Сэмсэ тыл” биэриигэ “Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, политолог Чокуур Гаврильев билиҥҥи кэмҥэ сурунааллар, хаһыаттар, саайтар туох оруоллаахтарыттан саҕалаан биһиги ыһыахпыт, татаардар сабантуйдарын тустарынан атах-тэпсэн олорон кэпсэппитэ интэриэһи тардыаҕа диэн эрэнэбит.
2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа оҕолорго “универсальнай” босуобуйа диэн бэриллэр буолар. Ол эбэтэр, оҕолоох, кыра дохуоттаах ыалларга билигин бэриллэ сылдьар ыйдааҕы босуобуйалары барыларын солбуйар биир төлөбүр буолар. Дьэ, бу босуобуйа кимнээххэ, хаһан, хайдах бэриллэрий? Сиһилии суруналыыс Ангелина Васильева матырыйаалыгар ааҕыҥ.
“Итинник сорудаҕы биһиги сийиэс дэлэгээттэриттэн ылан, докумуоҥҥа тиһэн, былаан оҥостон, үөрэх эйгэтигэр үлэлиир кыаҕы биэриэхтээхпит”, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников туох сорудах туһунан эппитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.
Бүгүн хаһыаппыт “Манчаары” сыһыарыылаах таҕыста. Хаһыат, устуоруйа кэрэһитин быһыытынан, суолтата хаһан да сүппэт, симэлийбэт аналлаах. Быйыл 85 үбүлүөйдээх сылын туолар оройуон үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын сурукка тиһэн үйэтиппит Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Эркээйи” хаһыата баай устуоруйатын туһунан билсиҥ.
Татарстаан артыыһын Ратмир Гарифуллины саха көрөөччүтэ бэркэ диэн билэр. Кини быйыл Арассыыйа үрдүнэн киэҥ экрааҥҥа тахсыбыт “Дьулуур: мас-рестлинг” диэн киинэҕэ (режиссер Валентин Макаров) сүрүн дьоруой утарылаһааччытын оонньообута. Татаар уола саха киинэтигэр Америка спортсменын итэҕэтиилээхтик оонньоон, айар үлэтигэр улахан хамсааһын тахсыбытын туһунан соторутааҕыта Татарстааҥҥа командировкаҕа сылдьыбыт суруналыыс Айтаана Аммосоваҕа үөрэ-көтө кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Уон сыллааҕыта 15 оскуолаҕа төрүт култуура уонна саха тыла үөрэтиллэр эбит буоллаҕына, күн бүгүн үс эрэ оскуолаҕа үөрэтэллэр. Алын кылаастарга учууталлар чаастара тиийбэт буолан, араас омук дьоно бэйэлэрэ хайдах сатыылларынан үөрэтэ сылдьаллар”, — бу суруналыыс Людмила Попова саха тылын учууталларын сийиэһигэр сылдьан, дэлэгээттэри кытта кэпсэтиититтэн холобурдаатым. Бу ханнык улууска маннык балаһыанньа баарын, сийиэс үлэтин ис хоһоонун туһунан “Саха тылын туһугар” матырыйаалтан билиэххит.
“Мин бу боппуруоһу көтөхпүтүм ыраатта, үлэлии сылдьан хаһыаппар икки төгүл бэчээттэтэн турабын. Онон киһи үлэтэ ытыс тыаһынан эрэ сыаналамматын этэн аһарбытым. Иккис сырыыбар киһим үлэтин-хамнаһын, тугу айбытын-туппутун барытын эридьиэстээн ыраас мууска ууран биэрбитим. Биллиннэр-көрдүннэр, итэҕэйдиннэр, сыаналаатыннар диэн. Үһүс төгүлбэр аһаҕастык, малтаччы Алексей Калининскайга СӨ норуодунай артыыһын аатын биэрэр кэм кэлбитин, Алексей Кириллович ол үрдүк аакка, ылыллыбыт балаһыанньаҕа, көрдөнүллэр ирдэбилгэ барытыгар сөп түбэһэрин санаппытым”, — диэн ытыктанар суруналыыс Милан Афанасьев туруорсар боппуруоһа үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.
Саҥа үүммүт ый олох туруору таҕыста – хайдах да биэдэрэ ыйаммат буолла. Онон ахсынньы үгүс улуустарга, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, балай да сымнаҕас буолара сабаҕаланар. Бу курдук бэлиэтээн туран, норуот синоптига Тускул улуустарынан туох диэн билгэлээбитин көтүтүмэҥ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: