“Саха сирэ” хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэрин ааҕыҥ

Share

“Саха сирэ” хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэрэ үгүс интэриэһи тардар матырыйаалларынан баай. Ол онтон кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык.

“Быһата, идэһэ этин туттарыыга тыа сиригэр ким хайдах сатанарынан дьаһанар. Оттон чугас улуустарга сайыҥҥы өттүгэр омуктар кэлэн сүөһүнү атыылаһан барааччылар диэн кэпсээн эмиэ баар. Чэпчэки сыанаҕа да тутталлар, тыа дьоно кирэдьиит, оҕону үөрэттэрии, тиэхиньикэни атыылаһыы эҥин кыһалҕатыттан туттарарга күһэллэр эбит” диэн суруналыыс Женни Стрюкова быйылгы эти туттарыыны улуустарынан ырытыытын ааҕыҥ.

“Аныгы технологияны олоххо киллэриигэ араас хайысхалаах тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлиэхтээхпит. Ол курдук, киинэ салаатыгар “Сахафильм” тэрилтэни, Саха сирин сайдыытын корпорациятын, “Килиэп кэмбинээтэ”, “Сахабулт” хампаанньалары кытта бииргэ үлэлиэхпит. Бииргэ үлэлиир тэрилтэлэрбит “маннык технологиялар наадалар” диэн биһиэхэ сакаас оҥороллор. Онон сирдэтэн, үөрэх былаанын оҥоруохпут. Бу “Приоритет-2030” бырагыраама эмиэ биир сүрүн ирдэбилэ” – бу маннык соторутааҕыта Арассыыйатааҕы таһымнаах куонкуруска кыайыылааҕынан тахсыбыт АГИКИ ректора Саргылаана Игнатьева санаатын үллэһиннэ. Бу үрдүк үөрэх кыһатын кэскиллээх былааннарын аахтаххытына, Саха сиригэр сонун сүүрээн бөҕө киирииһи диэн үөрүөххүт.

“2014 сылтан «Алампаҕа айан» диэн бырайыагы олоххо киллэрэн, өрөспүүбүлүкэни тилэри кэрийэн, Алампаны кэпсээн, ааҕан, сайыҥҥы оскуолалары тэрийэн, Куобах Буһарбыттаахха оҕолору илдьэн үлэлээн-хамсаан кэллибит. Ол сылдьарбыт тухары дьон бары: “Алампаны ааҕабыт, ааҕыахпыт, таптыыбыт”, — дииллэр. Алампа курдук чахчы дойдуларыгар бэриниилээх, дойдуларын таптыыр, сахалыы толкуйдаах, уопсастыбаннай  өйдөөх-санаалаах ыччаттар тахсыахтара диэн үлэлиибит” диэн суруналыыс Надежда Егороваҕа “Алампа” бириэмийэтин лауреата кэпсиир. Кини кимий? Кимнээх быйыл бу суолталаах бириэмийэҕэ тигистилэр? Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Сиэним сайаҕас санаалаах Сайаана буоллун диэн ийэм аат иҥэрбитэ. Күннэй аатын хотунум, күн курдук сандаара сырыттын диэн биэрбитэ. Уолу аҕата ааттаатын диэн быһаар­бытым, Сайаан диэн сүрэхтээбитэ. Маҥнай Сайаана диэн кыыс­таахпыт диэн этэн көрбүтүм эрээри, уруккуттан уолланнахпына оҕобор ити ааты биэриэм диэн баҕа санаа­лааҕын истэн, ылыммытым. Күнчээнэ диэн ааты тойонум толкуйдаабыта. Күннэйи кыра эрдэҕинэ Күнчээнэ диэн ыҥырара. Муруммут бүөтүгэр Күнчээнэни кытта ханыылыы буоллун диэн Кэрэчээнэ диэбитим”, – диэн быһаарар ыал ийэтэ. Көстөрүн курдук, Егоровтар оҕолорун ааттара сахалыытын ааһан, дорҕоонноро кытта дьүөрэлэһэр, сонун, ураты” – бу суруналыыс Людмила Попова киһи холобур оҥостор ыалын туһунан суруйуута үгүс ааҕааччы болмҕомтотун тардыаҕа.

“Национальнай өрөспүүбүлүкэҕэ сылдьар курдукпут эрээри, биир да сахалыы сурук-бичик баарын көрбөтүм. Дьокуускайга барытыгар нууччалыы уонна английскайдыы тыл баһыйар эбит. Холобура, уулуссалар уонна маҕаһыыннар ааттарыгар. Дьокуускай куораты сирэйдиир биир да туристическай бренд-эбийиэк суоҕа соһутта. Холобура, улахан куорат аайы биир эмэ аатырбыт эбийиэк баар буолар: Москваҕа – Кириэмил, Василий Блаженнай Собуора, Санкт-Петербурга – Исаакиевскай Собор, Казаҥҥа – Кул-Шариф. Дьокуускай олохтоохторуттан ыйытан көрдүм да, кыайан эппэтилэр. Онон ити боппуруостарга болҕомто ууруллуон наада эбит”, — диэн соторутааҕыта дойду араас куораттарыттан кэлэн барбыт устудьуоннар киин куорат туһунан санааларын үгүс ааҕааччыны интэриэһиргэтэрин саарбахтаабаппын.

“Заметки” (“Бэлиэтээһиннэр”) олохтоох ситим кэккэ дьайымтыалаах үнүстүрүмүөннэрдээх. Бастатан, саайтка киирээтин, туһанааччыга тиэмэлэр бэриллэллэр. Саайтка киирбит киһи талбыт тиэмэтинэн, холобур, сибилигин интэриэһиргэтэр аһылык, кинигэ, култуура, о.д.а. эйгэлэригэр наадалааҕын ааҕар. Лиэнтэҕэ итинтэн атын кинини интэриэ­һиргэппэт ханнык да дааннай, иһитиннэрии суох. Сотору кэминэн тиэмэлэри бэйэбит толкуйдаан таһаарар буолуохпут. Ол эбэтэр, атыттартан ураты биисинэстээх, дьарык­таах, хоббилаах киһи “Заметки” (“Бэлиэтээһиннэр”) былаһааккаларыгар чаҕылхайдык чорбойуон сөп. Оччотугар кини лиэнтэлэргэ таһаарар бэйэтэ туспа тиэмэлэнэр”, — диэн быһаарда бырайыагы айааччы Андрей Никифоров. “Сахамедиа” холдинг туох аныгы ситими айбытын туһунан суруналыыс Иван Ксенофонтов “Манчаары” сыһыарыыга бэчээккэ бэлэмнээтэ.

Татарстааны уонна Саха сирин туох ситимниирий? Үйэ анараа өттүгэр төрүттэммит саастыы өрөспүүбүлүкэлэр билиҥҥи олохторо-дьаһахтара хайдаҕый? Ханна уонна туохха ситиһии, хаалыы баарый? Бу туһунан бу күннэргэ Татарстааҥҥа баран кэлбит суруналыс Айтаана Аммосова билиһиннэриитин ааҕыҥ.

“Буспут убаһа этин уһун синньигэс гына кырбаныллар. Манна эмиэ итинник быһыллыбыт эриэппэ луугу, туустаах оҕурсуну кутуллар. Хара биэрэс, кыратык туус эбэн булкуйуллар. Мас арыытын кутуохха сөп. Ол эрээри, арыыта да суох табыллар. Бэрт түргэнник оҥоһуллар салаат” – бу хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр сылгыны сааһынан, өҥүнэн  араарыыны, сылгы этиттэн бүлүүдэлэр бэчээттэммит “Сүбэһит” рубрикатыттан холобурдаатым.

«Саха сирэ» хаһыаты ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

3 секунды ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

27 минут ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

2 часа ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

2 часа ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

2 часа ago