«Саха сирэ” хаһыат» чэппиэрдээҕи нүөмэрин ааҕыҥ
Кэлиҥҥи кэмҥэ “Саха сирэ” хаһыаты ырытыыбын үгүс киһи сэҥээрэр буолбутун бэлиэтээн бэйэбэр этэллэрэ – туохтааҕар да күндү.
“Ырытыыны истээт, “Саха сирэ” хаһыаты ыла сүүрүөхпүтүн баҕарабыт да, киин куораттан ыраах олорорбут быһыытынан, бу кыаллыбат суол, онон туох суруллубутун араадьыйаттан эрэ истэбит”, — диэн бэлиэтииллэр. Бу айар-тутар үлэлээх “Саха сиэ” хаһыат кэлэктиибин үлэтин үрдүктүк сыаналаааһын буолар. Онон хаһыаппыт ааҕааччылаоыгар истиҥ санааҕыт иһин барҕа махталбын тиэрдэбин.
“Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэрэ эмиэ интэриэһинэй матырыйаалларынан баай.
“Мантан ыла ханнык оскуола аҕыйах үөрэнээччилээх оскуола ахсааныгар киириэхтээҕин Ил Түмэн бэйэтэ быһаарар буолуоҕа. Инникитин аҕыйах үөрэнээччилээх оскуолаларга, оҕо садтарыгар (уһуйааннарга), ол иһигэр көс оскуолаларга, судаарыстыба өттүттэн көрүллүөхтээх көмөнү эмиэ быстах дьаһалларынан буолбакка сокуонунан мэктиэлиир ордук буолуоҕа”, – диэн этэн туран, сокуон барылын Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков оҥорон Өрөспүүбүлүкэ парламенын көрүүтүгэр киллэрбитэ. Бу матырыйаал болҕомтону тардыаҕа.
Бу күннэргэ саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэстэригэр суруналыыс Людмила Попова тэҥҥэ сылдьыһар.
Кини бүгүҥҥү ыстатыйатыгар Ил Дархан Айсен Николаев «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын оннунан хаалларыы уонна сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааматын сыллааҕы үбүлээһинин эһиил икки бүк үрдэтэргэ диэн этиитэ дьон сүргэтин көтөхтө. Өскөтүн, бырагыраама чэрчитинэн сыл аайы 56 мөл. солк. тахса үп көрүллэр эбит буоллаҕына, эһиил 100 мөл. итэҕэһэ суох үп көрүллүө диэн, сахабыт тыла сайдарыгар киэҥ саҕахтар арыллыбыттарын кэриэтэ үөрэбит эрэ» диэн этиитин холобурдуур. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
“Кэлэр сылтан Ил Түмэҥҥэ сокуоннар барыллара икки судаарыстыбаннай тылынан (нууччалыы, сахалыы) киирэллэрин ситистибит. Улахан болҕомтону сир-дойду аатын сахалыы суруйар эрэйэр. Тиэрмини сөпкө тылбаастааһын, туттуу ордук билим эйгэтигэр суолталаах. Ким хайдах өйдүүрүнэн буолбакка, бигэргэммит нуорма туруоруллуохтаах. Үлэни тэтимирдэр, тупсарар туһугар Ил Түмэҥҥэ тылбаасчыттар бөлөхтөрүн күүһүрдэр үлэ барар”, – диэн саха тылын учууталларын сийиэһигэр ким эттэ? Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.
Саха сирин үрдүнэн Олоҥхо дэкээдэтэ буола турар. Бүгүн сэттэ чулуу олоҥхоһукка анал истипиэндьийэни туттарыллар үтүө күн үүннэ. Түгэнинэн туһанан, «Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев “Сэмсэ санаа” биэриитигэр Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаевалыын аар-саарга аатырбыт-биллибит олоҥхобутун сайыннарыыга туох-ханнык үлэ ыытылларыттан саҕалаан биһиги эпоспытын атын омуктар хайдах ылыналларыгар, олоҥхону сайыннарыыга өссө туох былааннаахтарыгар тиийэ сиһилии кэпсэттэ. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
“2023 сыл тохсунньутуттан Биэнсийэ пуондата уонна Социальнай страховкалааһын пуондата холбоһоллор. Бу тэрилтэ аата Арассыыйа Социальнай пуондата диэн уларыйар. Бу икки пуонда холбоһуута гражданнар, судаарыстыба уонна биисинэс алтыһыыларын судургутутууга быһаччы хардыы буолар. Сүрүн сыал – өйөбүл миэрэлэрэ тустаах дьоҥҥо түргэнник уонна чэпчэкитик тиийэллэрин ситиһии” – диэн Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов сиһилии быһаарыытын бүгүҥҥү хаһыакка билсиҥ.
Тыа сирин сирин-уотун сайыннарыы бырагырааматынан тутуллубут саҥа оскуола-уһуйаан бииргэ тутуллуута кэлиҥҥи кэмҥэ аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэргэ кэм ирдэбилинэн буолан эрэр. Онон оскуола уонна уһуйаан бииргэ тутулларын интэриэһиргиир баһылыктар соторутааҕыта Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр үлэҕэ киирбит киһи тылынан сатаан тиэрдибэт баараҕай тутуутун анаан кэлэн үөрэтэн, көрөн-истэн барыахтарын сөп. Бу туһунан сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Күһүҥҥүттэн ХИФУ иһинэн байыаннай үөрэтэр киин аһыллан үлэлээн эрэр. Устудьуоннар байыаннай кииннэрин илэ харахпынан көрөөрү, Дьокуускай куорат Красильников уулуссатын 13 аадырыһыгар тиийдим. Бу икки этээстээх уһун дьиэҕэ урут СГУ байыаннай хаапыдырата үлэлиирэ эбитэ үһү. Кэлин 2008 cыллаахха сабыллыбытыгар, дьиэни автодорожнай факультекка биэрбиттэр. 14 cыл кэнниттэн сөргүтүллэн, билигин байыаннай үөрэтэр киин диэн ааттанан номнуо үлэтин саҕалаабыт”, диэн ким бэрт интэриэһинэй репортааһы суруйбутун бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
– Бу дьоро киэһэни иккис төгүлүн ыыттым. Манна ыалдьыттар шеф-пуобар бэлэмнээбит аһын боруобалыыллар уонна сыана быһаллар. Бэйэтэ, туһугар, айар үлэ. Бу мин Арассыыйа киин куораттарыгар киэҥник тарҕаммыт уопуту дойдубар олоххо киллэрэн эрэр холобурум. Онон бу тэрээһини сонун тыыннаан, аны улуустарынан кэрийэ барар санаалаахпын. Киһи күҥҥэ үстэ аһыыр. Ол аһыырыттан доруобуйата, настарыанньата, олоххо тардыһыыта тутулуктаах. Бу маннык гастрономическай аһы ким баҕарар дьиэтигэр астыан сөп, — диэн “Атласовтар уһаайбалара” бренд-асчыта Николай Атласов туох сонун сүүрээни киллэрбитин “Саха ыала” балаһаттан билсиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: