Салгыы
“Саха  сирэ” хаһыат” чэппиэрдээҕи нүөмэрин ааҕыҥ

“Саха  сирэ” хаһыат” чэппиэрдээҕи нүөмэрин ааҕыҥ

10.11.2022, 17:49
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэрэ эмиэ интэриэһинэй матырыйаалларынан баай.

Эһиилги бүддьүөппүт бастакы ааҕыыта Ил Түмэҥҥэ ааспыт ый ортотун эргин буолбута. Иккис ааҕыллыыта бу ый бүтүүтэ парламент бэбиэскэтигэр киириэхтээх. “Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев “Сэмсэ санаа” диэн биэриитигэр СӨ үпкэ миниистирин 1-кы солбуйааччы Иван Алексеевтыын кэлэр үс сыллааҕы бүддьүөт сүрүн хайысхаларын, өрөспүүбүлүкэбит экэнэмиичэскэй туругун туһунан атах-тэпсэн олорон сиһилии кэпсэппитэ болҕомтону тардыаҕа.

“Маҕаһыыннарга сырыттахха, улахан лаардарга «Дойдум аһа»  диэн ааттаах эриллибит эт, кэтилиэт, бэлимиэн арааһа элбэх буолааччы. Мин испэр, бу тыа сиригэр олорор дьон дойдуларыгар оҥорон манна атыылыыр буоллахтара дии саныырым. Саха дьоно оҥорон таһаарар бородууксуйалара кэлии аһы-үөлү кытта тэҥҥэ хамаҕатык атыыланарын үөрэ-­астына көрөөччүбүн. Бүгүн Дьокуускайга ньиргиччи үлэлии олорор “Дойдум аһа” сыаҕар сылдьан көрөргө-истэргэ быһаарынным. Салайааччы Саргылаана Григорьеваны кытта сибээстэһэн, Покровскай тракка баар тэрилтэ сыаҕар тиийдим”, — ким бу тэрилтэҕэ тиийэн, тугу көрбүтүн бүгүҥҥү репортажка ааҕыҥ.

“1998 сыл, сайын. Эдэркээн Ирина икки кыбартыыралаах дьиэ умайан эрэрин көрөн, бэйэтин харыстаммакка дьону быыһыы дьиэҕэ ыстаммыта. Бу – 11 тыһ. км айаннаан, саха атынан Москваҕа тиийбит Дугуйдан ийэтэ. Ийэ сылынан аҕыс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт амарах ийэ, истиҥ эбэ, сылгыһыт, ырыаһыт, хорсун, сатабыллаах Ирина Винокурованы кытта сэһэргэһиибитин ааҕыҥ”, диэн саҕалыыр бэйэтин икки балаһанан тахсыбыт улахан матырыйаалын суруналыыс Людмила Попова. Бу бэрт интэриэһинэй суруйуу үгүс ааҕааччыны бэйэтигэр тардара чахчы.

Сэтинньи – идэһэ кэмэ. Миитэрэйэп күнүттэн – сэтинньи 8 күнүттэн саха ыала кыстык устата сиир идэһэтин бэлэмнээбитинэн барар. Идэһэ кэмэ бэйэтэ туспа үөрүүлээх, сүүрүүлээх-көтүүлээх түгэн. Кэлин төһө даҕаны убаһа этэ дэлэйбитин иһин, саха миинимсэх. Ынах этин сылы-эргиччи сиирин, миинниирин ордорор.  Бүгүҥҥү хаһыакка биир балаһаҕа толору  идэһэ сиэриттэн-туомуттан саҕалаан, эт ас ырысыабыгар тиийэ ааҕыҥ.

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугар муҥха кэмэ саҕаланан, Күөх Боллох ыһа-тоҕо дьону-сэргэни күндүлээтэ. Бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи хаһыакка ханнык улуустарга буолбут муҥхалары ким  хайдах ырыппытын билсиэххит.

“Норуоттар ыалдьытымсах буолуулара болҕомтоҕо ылыллыах тустаах. Дэлэҕэ даҕаны, “кавказское гостеприимство” диэн өйдөбүл үөскүө дуо? Аны Саха сиригэр хаста да кэлэ сыльыбыт киһи “якутское гостеприимство” диэн ураты өйдөбүл баарын бэйэбинэн билбитим ыраатта. Онон Уһук Илин норуоттарын ыалдьытымсах үөрүйэхтэрин сырдатар пуоруму Дьокуускай куоракка ыытарга этии киллэрэбин. Биһиги, норуоттар федеральнай ассамблеялара, ити тэрээһини өйүүргэ бэлэммит”, – диэн Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Сомоҕолоһуу күнүгэр ыытыллыбыт төгүрүк остуолга ким санаатын тиэрпитин бүгүҥҥү матырыйаалбар ааҕыҥ.

Икки күн устата Уһук Илин ыччатын пуорумугар араас омук устудьуоннарын кытта бииргэ сылдьыбыт ветеринарнай мэдиссиинэ факультетын дэкээнин иитэр үлэҕэ солбуйааччы, ыстаарсай  преподаватель Владимир Устинов бүгүҥҥү хаһыакка туох интэриэһинэй маастар-кылааска сылдьыбытын  туһунан санаатын  булан ааспыт пуорум туһунан матырыйаалтан билиэххит.

“Быйылгы булт кэмин саҥата букатын чып-чыҥха атын буолан көһүннэ. Өтөрүнэн-наарынан маннык  ардахтаах сайыны уонна ичигэс күһүнү көрбүппүн өйдөөбөт эбиппин. Онно даҕатан, кыратык этэ түһүөм этэ, бэйэм санаабын”, диэн “Сонор суолугар” рубрикаҕа ханнык булчут туох санааны эппитэ үгүс булка сыһыаннаах дьону интэриэһиргэтиэҕэ.

“Кэнники икки сылтан бэттэх күҥҥэ эстии ордук улааппыт кэмэ бэлиэтэнэр. Урукку сылларга ортотунан 45-55 эстии барар эбит буоллаҕына, быйылгы 2022 сылга 135 эстии бэлиэтэннэ. Эһиил күн эстиитин чыпчаала буолар. Ол курдук, 2023 сылга 190 эстии буолаары турар. Аны бу күн эстиитин кытта ыкса сибээстээх түгэннэр: кураан, экэнэмиичэскэй кириисис, иирсээн, сэрии, айылҕа быһылааннара — бары “сиэттиһэ” сылдьаллар. Онон 2023 сыл айылҕаҕа да, олоххо да олус ыарахан сыл кэлээри турар. Сиргэ баар олоҕу үөһээттэн Ый, Күн, сулустар салайан олороллор. Ол иһин биһиги өбүгэлэрбит халлааны үөрэтэллэрэ – хайдах сыл кэлэрин эрдэттэн-эрдэ билэллэр этэ”, — диэн сэтинньи билгэтигэр норуот синоптига  Тускул сылыгын ааҕыҥ.

Бэйдиэ сылдьар ыттар тустарынан хаһыаппытыгар хаһыс да суруйуубут буолар. Кыстык кэллэ даҕаны өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ити кыһалҕа күөрэйэр. Ыттары аһынабыт, кинилэргэ аналлаах приюттар суохтарыттан абарабыт. Ол эрээри, тыйыс усулуобуйалаах Саха сиригэр ыттар бэйдиэ сылдьыылара былырыыҥҥы курдук киһи өлүүлээх иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөп.

Бу соторутааҕыта Дьокуускай куорат Гагаринскай уокуругар үөрүнэн сылдьар ыттар дьахтарга саба түспүттэрэ,  аҕыйах хоноот ити уокурукка – аны 12 саастаах уол оҕоҕо. Саха сиригэр атахтаах «доҕортон» эмсэҕэлээччи ахсаана аҕыйаабат. Суруналыыс Ульяна Захарова “Ыттары сокуон көмүскүүр, оттон биһигини?” диэн сытыы матырыйаала үгүс ааҕааччыны тардыаҕа.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: