“Саха сирэ” хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэрин сонуна үгүс

Share

Өрөспүүбүлүкэ өрүстэринэн айан-сырыы саҕаланан, пассажирдары таһыыга теплоходтар, дьоҕус суудуналар үлэлээн эрэллэр.

СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү туругунан Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан дьону нөҥүө кытылга туоратыыга 21 суудуна үлэлиир. Киин куораттан икки сиринэн Аллараа Бэстээххэ диэри тиийиэххэ сөп. Өрүс нөҥүө хантан, ханнык суудуналарынан уонна айан сыанатын туһунан суруналыыс Айаал Аргунов ырытыытын ааҕыҥ.

Кинилэр бастакы баайдара – үс ынах сүөһү уонна кытай тыраахтара этэ. Эбии 45 сүөһүнү атыылаһан, хаһаайыстыбаларын бөҕөргөтөргө санаммытттара. Сүрүн кыһалҕа – сир-уот тиийбэтэ. Онон 2005 сыллаахха уруккута аэропорт буолан турбут өрүс уҥуор тахсан, хаһаайыстыбаларын олугун уурбуттара. Ып-ыраас сиргэ ыанньык, субан сүѳһү турар иккилии хотонун, үлэһиттэригэр үс дьиэни, баанньыгы, титииги уо.д.а. хаһаайыстыбаҕа наадалаах эбийиэги туппуттара. Бэлэм оттуур ходуһа суох буолан, сирдэрин бэйэлэрэ оҥостубуттара. Ити курдук “Үлэ киһитэ” бириэмийэ лауреата буолбут киһи кимин, хайдахтаах курдук сыралаах үлэнэн бу маннык ситиһии кэлбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

«Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын Национальнай Киинин отделын салайааччыта Дмитрий Осипов көҕүлээн, Чороон оҥорооччулар сойуустарын тэрийбиппит. Бэйэбит бөлөхтөөхпүт. Киһи үөрүөҕэ, сойууспутугар ыччат киириитэ үксээтэ. Онон эдэрдэргэ сүбэ-ама биэрэбин. Сүрүн сорукпут – түмэллэргэ хараллан турар чорооннорунан холобурдаан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ баран иһэрин курдук өбүгэ үгэһин үйэтитии”, — диэн Үөһээ Бүлүүттэн Михаил Егоров-Хаттаанай Уус кэпсиир. Уус киһи үлэтин туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Дьокуускай куоракка “Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин: үгэстэр уонна ыйыылар“ өрөспүүбүлүкэтээҕи уһуйаан үлэһиттэрин пуорума буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан, Арктика улуустарыттан итиэннэ дойду биэс эрэгийиэниттэн 850-ча уһуйаан үлэһитэ кытынна. Бу суолталаах тэрээһин туһунан суруналыыс Людмила Попова сырдатыытын ааҕыҥ.

“Ыччат да, аҕам саастаах да дьон барытын смартфоннарыгар түһэрэ, уһула сылдьар буоллулар. Билиҥҥи кэмҥэ киһи барыта блог арыныан, ыытыан сөптөөх – баҕалаах эрэ буол. Ол эрээри, Саха сиригэр бастакынан суолу тэлбит блогердар бааллар диэххэ сөп. Кинилэртэн биирдэстэрэ – тоҕус томтордоох Чурапчы кыыһа Анастасия Дьяконова-Ананас. Кини тэттик видеоларын социальнай ситимигэр 36,7 тыһ. киһи сэргээн көрөр” диэн суруйар бүгүн “Эдэр саас” хаһыат сыһыарыыга устудьуон Эльдар Садовников. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

”Бастаан ис сүрэххиттэн баҕарар, сөбүлүүр дьыалаҕын булан баран, туохтан да толлубакка, инниҥ диэки күрдьэн баран иһиэххэ наада. Хас да куобаҕы сырсыбакка, биир дьыаланы кэҥэтэн, сайыннаран иһиэхтээххин. Баҕа санаа күүһэ наада. Оччоҕо тугу барытын кыайыахха сөп эбит. Дьыалам табыллан иһэриттэн, дьон астынар, махтанар тылларыттан наһаа үөрэбин, кынаттанабын, күүспэр күүс эбиллэр, – диэн кэпсиир Анна. Суруналыыс Ангелина Васильева бу ким туһунан суруйбутун бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи хаһыаттан булан ааҕыҥ.

“90-с сыллар дьалхааннаах кэмнэрэ этэ. Оччолорго 27 саастаах эр бэрдэ куһаҕан дьаллыкка ылларан, 2011 сыллаахха  РФ ХК 228 ыстатыйатынан наркотиктан сылтаан, хаайыыга түбэспитим. Киһи буолуох быабар, өр буолбатаҕым, 2013 сыллаахха “УДО”-нан босхолломмутум. Ол дойдуга сылдьан, олоҕум суолтатын туһунан толкуйдуур буолбутум. Хаайыыттан тахсыыбар икки сыл иһигэр билэр уолаттарым  олохторо огдолуйбут этэ: ким бу дойдуттан бараахтаабыт, ким ыарыһах буолбут. Киһи көнө суолга үктэнэригэр уопсастыба илиитин утары уунан көрсүбэт. Ол да иһин  олоҕун уларытарга соруммут киһи тута өйөбүлү була охсубакка, санаата оонньоон, төттөрү дьэбэрэҕэ түһэрэ үгүс. Онон хаайыыттан босхоломмут киһи  уонна уопсастыба икки ардыгар туох эрэ “далаһа” наадатын таба өйдөөн, оччолорго Дьокуускай куорат наркологияҕа дьыспаансырын кылаабынай бырааһа Петр Тумусов бу маннык бэйэм курдук дьону өйүүр киини аһарбар сүбэлээбитэ. “Бу үлэни бэйэтэ уустук кэми ааспыт эрэ киһи кыайар кыахтаах. Онон дьоҥҥор-сэргэҕэ көмөлөс” диэн сүбэлээбитэ. Кини эппитэ сөптөөҕө көстөн таҕыста” диэн Кэбээйи Мукучутугар тыа хаһаайыстыбатын коммунатын тэрийбит уонна Дьокуускай куоракка Реабилитациялыыр киини аспыт Серафим Иванов ыытар кэскиллээх үлэтин туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Сахаларга “биир күн дьылы аһатар” диэн өс хоһооно баар. Сүрүн аһылык да буолбатар, хаһаайкалар кылгас сайыҥҥа кыһыҥҥыларыгар хаһаанар луук үргүүр түбүгэр сылдьаллар. Эр дьон булка умсугуйалларын курдук, аны күһүҥҥэ диэри кэрэ аҥаардар лууктан саҕалаан, сир аһыгар тиийэ түһүнэллэр. Луугу хомуйуу үгэннээн турарынан сибээстээн, бүгүн бу үүнээйи туһатын, буортутун уонна кыһыҥҥыга хаһааныы ньымаларыттан суруналыыс Людмила Попова билиһиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка икки массыына харсыспыт

Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed  массыына 55 саастаах суоппара утары…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 3  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый?  Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

16 часов ago