«Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэрин ааҕыҥ
«Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр Ил Дархан Анал этиитин туһунан суруналыыс Сайаана Львова матырыйаалын интэриэһиргиэххит.
Ол курдук, быйыл төрдүс сылын Ил Дархан Айсен Николаев сыл бүтүүтэ, ахсынньы иккис аҥаарыгар Анал этиитин истэбит. Өскөтүн 2019 сыл Сомоҕолоһуу сылынан биллэриллибит буоллаҕына, онтон кэлэр 2020 сыл – Патриотизм, 2021 сыл – Доруобуйа, 2022 сыл Ийэ сылынан биллэриллибиттэрэ. Оттон эһиилги сыл туһунан бэнидиэнньик күн Ил Дархан Айсен Николаев быйылгы Анал этиитигэр истиэхпит.
Саха сирин күннэрин дойду киин куоратыгар уонна Санкт-Петербурга биэс сылга биирдэ ыытыы номнуо үтүө үгэскэ кубулуйда. Оруобуна биэс сыллааҕыта, 2017 сыллаахха, эмиэ ахсынньы саҥата Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата уонна Ил Түмэн дьокутааттара Күннэр чэрчилэринэн араас тэрээһиннэргэ, киэҥ ыҥырыылаах мунньахтарга кыттан, тыын суолталаах боппуруостар тула кэпсэппиттэрэ. Быйылгы көрсүһүүлэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананаллар. Бу туһунан суруналыыс Анивера Акимова сырдатар.
“Төннөн кэлбитим кэнниттэн көрсүбүт дьонум биир киһи курдук “хайа, антах хайдаҕый?” диэн ыйыталлар. Онуоха “этэҥҥэ” диэхпин табыллыбат – урусхалламмыт, өлүүнү-сүтүүнү көрбүт дьон олорор куораттарыгар билигин ханнык да “этэҥҥэ буолуу” суох. “Куһаҕан” диир эмиэ күчүмэҕэй – онно эмиэ күннээҕи олох баар, салҕанар – тутуу бөҕөтө бара турар, эрэгийиэҥҥэ быстыбат субурҕанан тутуу матырыйаала, ас-үөл киирэ турар. Дьон урукку олохторугар сыыйа төннөн эрэллэр, — диэн кэпсиир “Донбасска — 20 күн” матырыйаалыгар Амма улууһун Эмис нэһилиэгин баһылыга, “Саха сирэ” хаһыат 2017-2018 сс. кылаабынай эрэдээктэрэ Прокопий Бубякин. Кини бу сырыытыгар “Чэриктэй” диэн суруктах тааҥканы көрбүтүн туһунан суруйбута үгүс ааҕааччы интэриэһин тардыаҕа.
Сибиинньэ кириибин хайдах араарабыт, онтон харыстанабыт? Бу сүбэлиир матырыйаалы ааҕыҥ, туһаныҥ.
“Сахамедиа” “Редколлегия” анал биэриитигэр бу сырыыга “Аныгы байыаннай суруналыыстыка” диэн тиэмэҕэ кэпсэтиини тэрийдэ. Бу тиэмэ, боппуруос таарыллыыта мээнэҕэ буолбатах. Тоҕотун салгыы аахтаххытына, өйдүөххүт.
Дойду үрдүнэн арыгылааһын, итирдэр утахтары атыылааһын боппуруоһа сытыытык турар. Ахсынньы 8 күнүгэр «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ, чуолаан, сокуон барылын туһунан тустаах дьону ыҥыран кэпсэттэ.
“Олунньу ыйтан сибээстэн сүппүт оҕом арай муус устарга эрийэн «ийээ» диэбитэ. Мин дөйө таалан балачча саҥата суох турдум быһыылааҕа. Онтон оҕом эрийэр дии диэн уһуктубут курдук буолбутум. Бастаан куолаһын билбэтэҕим. Бириэмэбит араастаһар буолан биһиги, төрөппүттэр, аны үс мүнүүтэ кэпсэтиэхтээх түгэммитин куоттарыахпыт диэн түүннэри маныыр буолбуппут. Оҕолорбут кэпсэтэр үс мүнүүтэлэрэ күндүтүөн…”. Бу эрэдээксийэҕэ суруналыыс Ульяна Захарова Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар оҕолордоох ийэлэри кытта кэпсэтиититтэн холобурдаатым. Ааҕыҥ, сэргээҥ.
Ахсынньы 4-14 күннэригэр саахымат өрөспүүбүлүкэтээҕи III кэнгириэһэ буолан ааста. Бу иннинээҕи кэнгириэстэр 2006, 2012 сылларга ыытыллыбыттара. Уһун кэм устата тохтуу сылдьан баран сөргүттүлэр. Тэрээһин сүрүн соруга – саахыматы успуорт эрэ көрүҥүн быһыытынан буолбакка, оҕону сайыннарар сүрүн суоллартан биирдэстэрэ буоларын өйдөтүү. Манна даҕатан эттэххэ, исписэлиистэр, сыһыаннаах дьон ааспыт икки кэнгириэс кэнниттэн Саха сиригэр саахымакка улахан хамсааһын таҕыста диэн чорботон этэллэр. Бу туһунан суруналыыс Людмила Попова суруйда.
Саха киинэтэ өссө биир үрдэлгэ таҕыста. “Кэрэни көрбүт” (“Не хороните меня без Ивана”) диэн режиссер Любовь Борисова саҥа киинэтэ көрөөччүгэ тиийэ да илигинэ, “Зимний” диэн Арассыыйатааҕы ааптарыскай киинэ аһаҕас бэстибээлигэр муҥутуур кыайыылааҕынан ааттанна. Бу кыайыы саха киинэтин Арассыыйаҕа, аан дойдуга билиниигэ өссө биир үктэл буолар. Бу туһунан суруналыыс Ангелина Васильева сиһилии сырдатта.
М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин Г.Г.Колесов аатынан фольклор салаата быйыл икки бүк үбүлүөйү бэлиэтиир. Быйыл — суруйааччы, РСФСР үтүөлээх артыыһа, САССР норуодунай артыыһа Гаврил Гаврильевич Колесов төрөөбүтэ 90, эһиил — кэллиэс тэриллибитэ 75 сыла. Гаврил Колесов кэллиэс иһинэн саха фольклорун салаатын тэрийсибит уонна айымньылаах үлэтинэн элбэх саха талааннаах ыччатын арыйбыт, фольклору сөргүтүүгэ кылаатын киллэрбит улахан өҥөлөөх. Кэлин кини аата бу отделениеҕа иҥэриллибитэ. Фольклор салаатын преподавателлара уонна устудьуоннара саха култууратын аан дойду таһымыгар тиийэ билиһиннэрэллэр. Бу туһунан суруналыыс Надежда Егорова матырыйаалыгар ааҕыҥ.
«Миниистири кытта бастаан “Цифровой алмаз” пуорумҥа, онтон IT-пааркаҕа көрсүбүппүт. Онно олохтоохтук кэпсэппиппит. Ылсыбыт үлэбин, кэккэ бырайыакпын, былааммын истэн баран, олус сэргээбитэ уонна “сурукта суруйаарыҥ” диэн өйүөх буолбута. Максут Шадаевка таба сэртипикээтин бэлэхтээбитим. Ол табата мин общинабар сылдьыаҕа. Билигин саайт оҥоро сылдьабын, ыстаадам олоҕун барытын кэпсии, сырдата олороору. Сэртипикээт анал штрих-кодтаах, ол онон саайтка киирэн миниистир бэйэтин табатын, община олоҕун көрө-истэ сылдьыаҕа”, — диэн кэпсиир Эдьигээҥҥэ эһэтин ыстаадатын сөргүтэргэ санаммыт Раиса Ильинова. Бэйэтин табатын Арассыыйа миниистирэ хайдах билиэй? Бу туһунан салгыы хаһыаты аахтаххытына билиэххиит.
Бу нэдиэлэтээҕи “Саха сирэ” хаһыат” Манчаары” сыһыарыылаах таҕыста. “Киһи күлүөх да түгэнэ элбэҕэ. Эппиэтсэкирэтээр Татьяна Павлова ыксаллаах балаһа оҥоһуллар кэмигэр: “Лена кэбиньиэтигэр эмиэ ыйаммыт быһыылаах, баран көрө охсуҥ эрэ!” – диирин элбэхтик истэрбит, маҥнай утаа күлсэн быара суох барарбыт. Кэлин тута өйдөөн, бүппэт мунньахтаах суруналыыс Елена Иванова “ыйаммыт” көмпүүтэрин холбуу политотдел кэбиньиэтин диэки ойорбут” – бу уонна да атын үлэтин күлүүлээх да, ыксаллаах да түгэннэрин СӨ бэчээтин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Дария Макарова бүгүҥҥү хаһыаччыттарга анаммыт “Манчаары” сыһыарыыга кэпсиирин ааҕыҥ.
Бу күннэргэ “Сүллүкүүн таптала” мусукаалынай испэктээк иккис чааһа “Сүллүкүүн уонна Чучунаа“ мюзикл эрэпэтииссийэтигэр Саха тыйаатырын талааннаах артыыстара, эстрада чаҕылхай сулустара, “Дыгын оонньууларын» ааттаах-суоллаах спортсменнара “буһа-хата” сылдьаллар. Кинилэр кимнээхтэрин чэппиэрдээҕи хаһыаттан билиэххит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: