Олоҥхону тилиннэриигэ, үйэтитиигэ уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыыга уһулуччу өҥөтүн, өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар көхтөөх үлэтин уонна ыччаты уһуйууга үтүөлэрин иһин олоҕун тухары ананар истипиэндьийэни Ил Дархан Айсен Николаев олоҥхоһут Никандр Тимофеевка туттарда.
Сунтаар улууһун ытык киһитэ, СӨ үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара, саха норуота киэн туттар олоҥхоһута Никандр Тимофеев култуурунай нэһилиэстибэ ыччаты иитиигэ сүҥкэн суолталааҕын ыйан туран, Семен Данилов «Олоҥхо оҕото» диэн хоһоонуттан ойо тутан, алгыс быһыытынан ааҕан иһитиннэрдэ.
Олоҥхону сайыннарыыга ыччаттары кытта үлэлэһэр 90 саастаах ытык кырдьаҕас тыйаатыр артыыстарын кытта бииргэ сылдьара – көлүөнэлэр ыкса ситимнэрин туоһута.
Никандр Тимофеев — «Саха сирэ» хаһыат дьоруойа. Кини айар үлэтин туһунан бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи нүөмэргэ «Олоҥхо тыйаатырын биир дьоро күнэ» репортажка сырдаппытым.
Онон Никандр Прокопьевиһы «Саха сирэ» хаһыат аатыттан өссө төгүл эҕэрдэлиибит!
Никандр Прокопьевиһы Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков анаан кэлэн эҕэрдэлээтэ.
Александр Николаевич Саха сирин биир бастыҥ олоҥхону толорооччутугар Никандр Тимофеевка ыччаты кытта үлэҕэ үгүс ситиһиини баҕарда.
Уһуйааччы-маастар сыралаах үлэтэ үрдүк таһымҥа бэлиэтэммитэ — кини бииргэ үлэлэһэр Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын айар үлэҕэ такайар үлэтин түмүгэ. Өрүү бүгүҥҥүҥ курдук ыччат ортотугар күлэ-үөрэ, кинилэри сырдыкка угуйа сырыт, Никандр Прокопьевич!
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…