«Саха сирэ» хаһыат дьоруойа — “Үлэ киһитэ” бириэмийэ хаһаайына
Ил Дархан Айсен Николаев “Үлэ киһитэ” суолталаах бириэмийэтин ылааччылар ортолоругар, 2023 сыллаахха, «Саха сирэ» хаһыат дьоруойа Алексей Герасимов аата эмиэ дорҕоонноохтук ааттаммыта.
Кинини кытары кэпсэтиини хатылыыбыт.
Былырыын “Фермер-Ас” бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, урбаанньыт Алексей Герасимов “Бэйэ аһа” диэн эттэн ас-үөл арааһын оҥорон таһаарар дьоҕус тэрилтэтин туһунан кини үлэлиир миэстэтигэр тиийэн, илэ харахпынан көрөн-истэн суруйбутум.
— Былырыын «Саха сирэ» хаһыакка тахсыахпытттан ыла кынаттанан, бары ыытыллар быыстапкаларга, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар буолбутум. Оннук кыттыым ситиһиилэнэн испитэ. Ол курдук, былырыын Тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар аан бастаан кыттан, 10 саҥа аат иһигэр дьоһуннаахтык холбоһон, тэрилтэм аата дорҕоонноохтук ааттаммыта. Салайар “Фермер-Ас” бааһынай хаһаайыстыбам «Үрдүк хаачыстыбалаах эттэн аһы-үөлү оҥорон таһаарыы» номинацияҕа бочуоттаах 1-кы миэстэни ылбыта, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр хаһыаппыт дьоруойа.
Кырдьык, «Эдэр саас» саайпытыгар «Дьаарбаҥкаҕа «Бэйэ аһын» сулустаах чааһа» суруйуубун “Фермер-Ас” бааһынай хаһаайыстыба “Бэйэ аһа” диэн эттэн бэйэтин бордууксуйатын оҥорон таһаарар дьоҕус тэрилтэтигэр өссө да ситиһиилэр бу курдук сиэттиспитинэн кэлэ туралларыгар баҕарабыт!» диэн түмүктээбитим.
Алгыс баһа сыаланан, быйыл дьоруойум, аны, Ил Дархан 300 тыһыынча солкуобай бириэмийэтин ылар дьоллонно!
— Бириэмийэ ирдэбилэ олус кытаанах эбит. Уопсатыбаннай үлэбин барытын учуоттаабыттар. Оҕолорум сылдьыбыт «Туллукчаан» уһуйааннарыгар, үөрэммит Айыы оскуолатыгар төрөппүт кэмитиэтин биир көхтөөх чилиэнэ этим. Сахалыы тыллаах оскуола тутулларыгар улахан үлэни ыыппытым. Аны, билигин уолум үөрэнэр Автодорожнай техникумугар төрөппүт кэмитиэтин салайабын. Онон оҕолор улаатыыларын «эккирэтэн», төрөппүт кэмитиэтин солбуллубат чилиэнэбин. Олорор Гагаринскай уокурукпар эмиэ актыып чилиэнэбин. Оройуоммутун гаастааһыҥҥа улахан үлэни ыытыһабын. Бириэмийэ ылбыппар миигиннээҕэр улаханнык үөрбүт уокуругум баһылыга Евгений Петров видео устан ыыппыт этэ.
Кулун тутар ый ортотугар СӨ Предпринимательствоҕа уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды үлэлиир сирбэр кэлэн, үлэни-хамнаһы билсибитэ, үөрэппитэ. Уонна кэпсэтиибит түмүгэр «олус да наадалаах дьыаланан дьарыктана сылдьар эбиккин. Баар уустуктартан толлубакка, удамыр сыанаҕа дьоммутугар-сэргэбитигэр күннээҕи астарыгар бэйэ бородууксуйатыттан оҥорон таһаара сыдьар үлэ киһитэ эбиккин» диэн сыана быһан барбыта. Онтон сотору буолан баран, министиэристибэттэн «бириэмийэҕэ кытыннараары гынабыт, докумуоннаргын ыыт» диэн эрийбиттэрэ. Туйах хатарааччы кыыһым (тэрилтэ документацията — кини илиитигэр) туох ирдэнэрин барытын толорон ыыппыта. «Сайаапка бөҕө киирбит үһү, бириэмийэҕэ баҕа өттүнэн кыттыан баҕалаахтар эмиэ бааллар» диэн истибитим. Онон хапсар туһунан санаа да суоҕа. Арай тэрээһин буолуо үс күн иннинэ «эн аастыҥ» диэбиттэригэр итэҕэйбэтэҕим. Бириэмийэбин илиибэр тутан баран, дьэ итэҕэйдим. Онон «Саха сирэ» хаһыакка боростуой үлэ дьонун анаан булан сырдатаргытыгар барҕа махталбын тиэрдэбин. Төһөлөөх элбэх биллибэт-көстүбэт тыа сирин дьонун киэҥ араҥаҕа таһааран, сырдатан кынаттыыргыт буолуой! Ол биир холобура — мин буолабын», — диэн Алексей Петрович үөрэн-көтөн туран, ис сүрэҕиттэн махтанна.
Алексей Герасимов «Бэйэ аһа” диэн бордууксуйатынан олорор түөлбэтин, Гагарин уокуругун олохтоохторун хааччыйар. Былырыын иккис маҕаһыынын тутан киллэрэн, барыта 10-тан тахса киһини үлэҕэ ылбыта. “Фермер-Ас” бэлимиэннэри, кэтилиэттэри, тиэптэллэри, фрикаделькилары, варениктары, “розочкалары” астыырын тэҥэ, сылгы, убаһа этин ыыһыыр. Эбиитин олохтоох убаһа этиттэн “Амтан ас”, “Гагариннааҕы” диэн халбаһылары астыыр. Алексей Герасимов тэрилтэтэ сылга 55 туоннаҕа тиийэ бородууксуйаны астаан таһаарар. Онон киин куорат олохтоохторо туох даҕаны булкадаһыга суох, иҥэмтэлээх аһы хамаҕатык атыылаһаллар.
Алексей Петрович бииртэн хомойор: «Сааҥсыйанан сибээстээн сыана үрдээн, туттар бурдукпут, эппит, тууспут сыаната ыараата. Бурдугу киилэтин 26 солкуобайга атыылаһа сылдьыбыт эбит буоллахпытына, билигин — 34 солкуобайга, туус 17 солк. эбит буоллаҕына, 32 солкуобай буолла. Уопсайынан, сыана 30% үрдээтэ. Онон уустуктардаах. Мин «Бэйэ аһа» пиирмэм бородууксуйатын бренд оҥоруохпун баҕарабын. Ол кыаллара буоллар, — диэн санаатын үллэһиннэ.
«Саха сирэ» хаһыаттан кынаттанан, сыыйа санаабытын ситэн эрэр урбаанньыт-пиэрмэргэ бу да баҕа санаата туоларыгар баҕарабыт!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: