Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллаах үлэтин түмүгүн отчуоттара салҕаналлар.
«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын отчуотун сырдатаары Бүлүү, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар сылдьан, дьон-сэргэ туох боппуруостары туруорсубуттарын туһунан ырытыы матырыйааллара хаһыакка хото таҕыстылар. Бүлүү улууһугар оробуочай бөлөххө суруналыыс Сардаана Баснаева сырытта. Үс күн устатыгар түөрт бөлөх 21 нэһилиэгинэн үлэлээбитин туһунан ааҕыҥ.
Мэҥэ Хаҥаласка ситэриилээх былаас ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотун суруналыыс Женни Стрюкова сырдатта. «Арктика эрэ улуустарыгар каадыр тиийбэт дии саныыр этим. Сыыстарбыппын. Мэҥэ Хаҥаласка нуучча тылын, математика, физика учууталлара дэписсиит буолбут. Түгэх сытар Чыамайыкыга нуучча тылын учуутала суох буолан, оҕолор тэйиччиттэн үөрэнэргэ күһэллибиттэр. Учуутал Антонина Филиппова, үөрэҕи бүтэрэн тахсааччылар ханна, тугу гыналларын кэтээн көрүү, үөрэтии баар дуу диэн туоһуласта. Хата, үөрэх улуустааҕы управлениета учуутал тиийбэт оскуолаларыгар 3-4 куурус устудьуоннарын дуогабарынан үлэлэтэр суолу торумнаабыт. Сыымахха, Хорообукка учууталлар тиийбэттэр. Ол оннугар улууска алын кылаас, физкултуура учуутала элбэх — бу курдук суруналыыстар ситэриилээх былаас отчуоттарыгар туох интэрэһинэйи, ханнык сытыы боппуруостарга болҕомтолорун хатаабыттарын хаһыаттан ааҕан билсиҥ.
«Ситэриилээх былаас сыллааҕы отчуот биэрэр үлэтэ тэриллибитэ бэрт үчүгэй. Ону кытта сокуону оҥорор былаас уоргана – Ил Түмэн сыллааҕы отчуота баара буоллар. Дьокутааттар, норуот талбыт дьоно, бу курдук эппиэт тутуохтаахтар дии саныыбын», — диэн бэрт сонун этиини ханнык нэһилиэккэ ким маннык анаан бэлиэтээбитин эмиэ хаһыаттан билиэххит.
Тымныы полюһунан аатырбыт Өймөкөөн улууһугар быйыл хаһааҥҥытааҕар да олус тымныы кыһын бэлиэтэннэ. Онон сылгы туруга бу улууска олус ыарахан. Күһүн уу дэлби киирэн, аһылыгы барытын уу баттаан турар. Онон сылгы хаһыыта суох. Билиҥҥиттэн сылгылар мөлтөөбүттэр, ырыганнаан эрэллэр. Онон элбэх аһылык наада буолбут. Быйылгы ыарахан кыстыкка сылгылары барыларын кэриэтэ аһатан эрэллэр. Онон сылтаан от тиийбэт кыһалҕата үөскүүһү. Сылгыһыттар өртөөһүн суоҕа иэдэппитин чопчулууллар. Барыта хагдаҥ от, лаҥха. Күһүн ыйтан ордук ардаабыта, ол иһин от аһыйан балаһыанньаны өссө уустугурта. Өймөкөөн улууһун бу сытыы боппуруоһун суруналыыс Женни Стрюкова сырдатта.
«Биһиги ааспыт нүөмэргэ түөрт оҕолоох эдэр ыал кыһалҕаларын, суобаһа суох тутааччы туһунан сиһилии суруйбуппут. Хара түүнүк буолбут түннүктээх кыракый хоско киһилии олорор усулуобуйа суоҕуттан, эһээхэй оҕолоро ыалдьан билигин ийэтин кытта балыыһаҕа сыталлар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эспэртиисэ түмүгүнэн, тутуу сыыһалардааҕа биллибит. Ол курдук, урут туттулла сылдьыбыт эргэ матырыйаалтан, ону таһынан, хаачыстыбата суох тутуу үлэтэ ыытыллыбыт диэн быһаарбыт. Оттон Уһук Илин ипотека сууматын биэрбит баан Даниловтарга, суут быһаарыытын аҕаллаххытына, ыстараап болдьоҕун сыҕарытан биэриэхпит диэбиттэр. «Килбиэнстрой» тэрилтэ салайааччыта Егор Куприянов эдэр ыалы кытта сибээстэспэтэҕэ ырааппыт. Дьиҥэр чиэһинэй, суобастаах тутааччыга түбэспиттэрэ буоллар, түөрт оҕолоох Даниловтар билигин ньир-бааччы чааһынай дьиэлэригэр олорбуттара үһүс сыллара буолуохтааҕа. Ону баара, сииктээх, хара түүнүктээх кыараҕас хоско олорон эһээхэй барахсан этэ-сиинэ бааһыран балыыһаҕа киирбит. Кураанахха ипотека харчытын төлүүр иэдээн буолбатах дуо?» диэн туран, бу сытыы тиэмэни суруналыыс Ульяна Захарова салгыы сырдатыытын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Соторутааҕыта тарҕаммыт видеоҕа тыс этэрбэс тигэ олорон, Пушкин хоһооннорун өйүттэн ааҕан субурутар кырдьаҕаһы үгүс киһи сэргии көрбүтэ. Барахсан, бу өйө-санаата тобуллаҕаһын, тарбаҕа имигэһин, сүрэҕин-бэлэһин көрүөххүт этэ! Дьэ, кини кимин сиһилии суруналыыс Ангелина Васильева матырыйаалыттан билсиҥ.
Дьиэ сыаната хайдах буолара олоҕун оҥостуон, дьиэлэнэн-уоттанан олоруон баҕарар дьону өрүү долгутар. Онон бүгүҥҥү хаһыакка дьиэ сыаната хайдах, хаһан уларыйбытын ырытыы үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардара чахчы.
Кинилэр иккиэн Хатырыкка төрөөн-үөскээн, биир оскуолаҕа үөрэммиттэр. Оскуолаҕа сылдьан бэйэ-бэйэлэрин диэки килбиктик көрсүүттэн, аҕыйах тылынан истиҥник кэпсэтииттэн саҕалаан, чугас сыһыаннара сыыйа-баайа тапталга кубулуйбут. Оскуолаларын бүтэрэн баран, 2001 сыллаахха ыал буоларга быһаарыммыттар. Бу сыл бастакы оҕолоро Станислав бэбээрбитинэн тиийэн кэлбит. Ити кэмтэн ыла, бииртэн биир кырачаан күн сирин көрбүт. Төрөппүттэр: “Биһиги хаһан да бачча оҕолонуохпут диэн былааннаабат этибит. Айыыһыппыт төһөнү биэрэринэн сирдэтэн, уон оҕоҕо (8 уол, 2 кыыс) орто дойду олоҕун бэлэхтээбит дьоллоохпут”, – диэн сэмэйдик этэллэр. Дьиэ кэргэн сылынан суруналыыс Надежда Егорова ханнык улууска, ханнык нэһилиэккэ тиийэн элбэх оҕолоох ыалы көрсөн сырдаппытын хаһыакка ааҕыҥ.
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…