«Саха сирэ» хаһыат кэрэхсэтэр матырыйаала үгүс
Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр икки күннээх ойуур баһаарын умуруорууну тэрийиигэ бииргэ үлэлээһиҥҥэ Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна туоратар биир кэлим судаарыстыбаннай систиэмэ (РСЧС) команднай-штабной үөрэҕэ буолан ааста.
Бу туһунан «Саха сирэ баһаар сезонугар бэлэм» диэн суруналыыс Сайаана Львова матырыйаалын ааҕан билсиҥ.
Тыа хаһаайыстыбата олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаатаҕына табыллар. Дьэ, Любовь Васильевна Иванова баһылыктаах бааһынай хаһаайыстыба сайдыы суолун хайдах тобулла? Гааһынан сылытыыны хотонноругар бастакынан киллэттэрэн. Бу туһалаах дьыала өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларыгар туһаныллыан сөбүн холобурун “Сиибиктэ” уот ороскуотун хайдах аччатта?» матырыйаалга ааҕыҥ.
Бэһис-алтыс кылаастан кыра оҕолор, оннооҕор биир да нууччалыы тыллаах суох сиригэр түгэх дэриэбинэҕэ, сахалыы саҥарбаттарын, бэйэлэрин икки ардыларыгар нууччалыы эрэ кэпсэтэллэрин үгүс улахан киһи этэр. Билигин саба быраҕан гаджет, ютуб оҕолоро диэн ааттыыбыт уонна, саамай сүрүнэ, итини туоратар, быһаарар туох үлэ ыытыллыахтааҕын иҥэн-тоҥон билбэппит. Үс чаастаах кэпсэтииттэн быһа тардан Людмила Попова сиһилии ырытыытын салгыы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ Аллараа Бэстээххэ массыынатын үрдүгэр туора тутулукка олордуллар багажниктаах суоппары тохтотон ыстарааптаабыттарын туһунан суруллубута. Оттон массыыналарга итинник тутулукка олордуллар багажниктар табыгастаахтарын, 100 киилэҕэ диэри малы-салы уйалларын туһунан суоппардар хайгыылларын онно-манна түбэһэн ааҕарым. Маннык багажниктар тарҕаныахтарыттан (решетчатай) атыттар муодаттан тахсыбыттара. Төһө баҕарар малы-салы тиэнэр олус табыгастааҕын таксыыстар бэлиэтииллэр этэ. Итинник багажник атыыга хамаҕатык барыаҕыттан уонна бэйэтин табыгастаах өттүнэн көрдөрүөҕүттэн, кыра массыыналар хото иилинэр буолбуттара.
Саха сиригэр таксыыстар багажниктарыгар тобус-толору таһаҕас тиэнэн баран нэһиилэ айанаан түөрэҥэлээн иһэр видеолара социальнай ситимҥэ элбэхтик тарҕанар. Итинник таһаҕастаах тиэхиньикэ аспаал суол устун олус түргэнник сыыйылыннаран иһэн саахалга түбэспит түгэнэ эмиэ элбэх. Ыраах улуустарга айанныыр суоппардар “Хайс” массыына багажнигын устатын тухары быалаан-туһахтаан тиэммит дьааһыктара, кууллара ардыгар суолга тохтон, сэрэхтээх балаһыанньаны үөскэтэн турардаах… Бу сытыы боппуруоһу суруналыыс Ульяна Захарова сиһилии ырытта.
Дьиэ таһыгар турар маҕаһыынтан килиэп, үүт курдук күннээҕи аһы атыылаһыахха сөп. Ол эрээри, атын бородууктаны чугас маҕаһыынтан ылар ночооттооҕун дьон үксэ өйдөөбүтэ ыраатта. Тэйиччи турар улахан маҕаһыыннарга, ырыынактарга ас-үөл, кырдьык, биллэрдик чэпчэки сыаналаах. Дьокуускай куорат сорох олохтоохторо олох даҕаны өрүһү нөҥүөлээн Аллараа Бэстээххэ тиийэллэр. Бу төһө барыстааҕый? Тэҥнээн көрүөҕүҥ. Суруналыыс Егор Карпов «Ытырар» сыаналар… Ыйдааҕы аһы хантан ылар барыстааҕый?» ырытыы матырыйаала хаһыат ааҕааччыларын интэриэһин тардара чахчы.
Буолан ааспыт маастардар быыстапкаларыгар аан бастаан кыттар дьон үгүстэр. Ол да иһин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сыл аайы кыттааччы ахсаана элбээн, дьиэ иһэ кыараан иһэр курдук. Холобура, Үөһээ Бүлүү олохтооҕо Степан Афанасьев худуоһунньук уонна мас ууһа эбит. Норуот маастардарын быыстапкатын урут истэр эбит да, быйыл анаан кыттарга санаммыт. Хартыыналарын хаартыскаҕа түһэрэн баран, уруһуйдуур, арааматын бэйэтэ кыһан оҥорор эбит. Киһи маастар үлэтин көрө туран, хайдах бу хаартыска курдук үүт-үкчү уруһуйдуурун сөҕөр эрэ. Сатабыллаахтар быыстапкаларын туһунан ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Кулун тутар 13-14 күннэригэр Дьокуускайга ХII гражданскай пуорум ыытылынна. Үтүө үгэскэ кубулуйан сыл аайы ыытыллар пуорум гражданскай уопсастыба, былаас, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ дьоһун суолталаах боппуруостары дьүүллэһэр уонна уопсастыба кыһалҕатын быһаарар суоллары көрдүүр былаһааккаларынан буолар. Бу туһунан суруналыыс Надежда Егорова матырыйаалыгар ааҕыҥ.
Бэйэтин дьоһун аатын үрдүктүк тутар тэрилтэ, бастатан туран, туристар сынньанар усулуобуйаларын тэрийиигэ болҕомтотун уурар. Суруналыыстар бөлөхтөрүн түмэ тардан илдьэ кэлбит «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Громов турбаазаны билиһиннэрэн саҕалаата. «Панорама», аата да этэрин курдук, толору хааччыллыылаах хостордоох икки мэндиэмэннээх дьиэ бүтүннүү түннүк. Өлүөнэ очуостарын көрбүтүнэн уһуктуу – ытык сир ураты тыына буоллаҕа. Бу туһунан “Өлүөнэ очуостара” паарка туристары угуйар» матырыйаалбын ааҕан билсиҥ.
Урут бу балыыһаҕа сылдьыы кыбыстыылаах курдук буолар этэ. Ол эрээри, быраас көмөтө суох ыарыы бэйэтэ сүтэн хаалбат, оттон доруобуйаҕа охсуута улахан. Диспансер симиэнэҕэ 150 киһини көрөр кыахтаах. Сүрүннээн аллергодерматоз, экзема, атопическай дерматит, псориаз, себорейнай кератоз, буллезнай дерматоз, пиодермия, микроспория, трихофития, чесотка, о.д.а. тирии ыарыыларынан моһуогурбут дьон кэлэллэр. Бу балыыһа туһунан суруналыыс Ангелина Васильева сырдатта. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: