«Саха сирэ» хаһыат матырыйааллара бүгүн ааҕааччы болҕомтотун тардыахтара

Share

Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар бүтэн, сыыйа үлэ-хамнас күннэҕи түбүктэрин уонна боппуруостарын быһаарыыга киирдибит.

“Сүрүн кыһалҕабытынан бородууксуйаны батарыы буолар. Төһө да бородууксуйаны оҥорон таһаардахпытына, болдьоҕо үксэ 10 күннээх буолан, батарыыга кыһалҕаны көрсөбүт. Бүддьүөт  тэрилтэлэригэр, чуолаан, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин (араас балыыһаларга) олохтоох аһынан хааччыйыы быһаарыллара буоллар, ыарыһахтар түргэнник үтүөрүөхтэрэ да этэ. Билигин балыыһаҕа кэнсиэрбэ, маргарин эрэ баар” диэн тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт сытыы боппуруостары суруналыыс Женни Стрюковаҕа ким маннык санаатын этиммитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ Дьокуускай куорат олохтооҕун сбербаанын каартатыгар наһаа элбэх харчыны ыыппыккын уонна харчы киирбит диэн баан хааччах туруоран кэбиспит. Соһуйан, бааҥҥа тиийэн ыйыталаспытын, улахан бэрэбиэркэ буола турар эбит. Бу кинини тоҕо бэрэбиэркэлээбит буоллахтарай диэтэххэ, оҕотун кылааһыгар казначейдаабыт” диэн суруйан туран, суруналыыс Антонина Эверстова харчыны кытта сыһыаннаах хас эмэ сыллааҕы кибитээнсийэлэри, докумуоннары, о.д.а. бырахпат ордугун туһунан олус туһалаах суруйуутун бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Ивановтар биэс оҕону иитэн улаатыннардылар. Биэс уолларыттан үһэ байыаннай дьайыыга хантараагынан сылдьаллар, биир уол – волонтер. Улахан уол бааһыран кэлэн баран, үсүһүн барбыта. Кыра уол атаҕын эчэтэн, эмтэнэн баран, уоппускатыгар кэлэн барда. Суруналыыс Ангелина Васильева хаартан сиэдэрэй оҥоһуктары – сыл бэлиэлэрин оҥорон, биир дойдулаахтарын үөрдэр Сунтаар улууһун Хаданыгар олорор уран уус Иннокентий Иванову кытта кэпсэтиитин салгыы аахтаххына, бэрт үгүһү билиэххит.

Бу күннэргэ биһиги хаһыаппытыгар Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүттэн  байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Иван Бугаев ыалдьыттаан ааста. Кини хорсун быһыытын таһынан, дроннары суулларар буулдьаны толкуйдаан оҥорон, бэйэтин уопутун байыаннай дьайыыга тарҕатан, элбэх байыаһы быыһаабытын туһунан суруналыыс Сайаана Львова сиһилии сырдаппыта үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

“Былырыын маркетологпытын кытта кафеҕа чэйдии олордохпутуна, Новай Зеландияттан кэлэ сылдьар дьүөгэтэ киирэн кэллэ, билистибит: “Омук тылыгар үөрэтэр бэлэм оскуолалаах эрээри, тоҕо саха тылыгар уһуйбаккын?” – диэбитигэр, чахчы даҕаны диэн санаа киирбитэ. Ол иннинэ Таилаҥҥа олорор кыыс эмиэ ыйыта сылдьыбыттаах. Кинилэр чопчу сахалыы кэпсэтэргэ үөрэтэр оскуола суоҕун ыйбыттара. Маҥнай барытын ырытан көрөн, дьон чахчы сэҥээрэрин билбиппит. Онтон өйдөөн көрбүтүм: бэйэм оҕолорум нууччалыы саҥараллар эбит. Бу иннинэ оскуолабын уонна биисинэспин тэҥҥэ дьүөрэлии сылдьыбыт эбит буоллахпына, былырыыҥҥыттан учууталлыырбын тохтотон, урбаан эйгэтигэр хоннох­тоохтук ылсан үлэлиир эбиппин диэн толкуйга кэлбитим” диэн суруналыыс Людмила Поповаҕа ким кэпсээбитин хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

Омук тыллара тута киирэ охсон, күннээҕи олоххо туттарбытыгар солбуга суох курдук буолаллар. Ол курдук, кэшбэк, кринж, амбассадор о.д.а. тыллар билигин элбэхтик туттуллаллар. Күннээҕи олоххо омук тылларын туттарбыт таһынан, аны Дьокуускай куоракка баар үгүс маҕаһыыннар, кафелар, кулууптар бары омуктуу буукубанан суруллан тураллар. Улуустар кииннэригэр кытта оннук көстүү баар. Бу туһунан суруналыыс Ульяна Захарова ырытыытын кытта үгүс ааҕааччы сөбүлэһиэҕэ.

“Быйылгы «Саха сирэ» хаһыаты «Сахамедиа» сурутуу салаатыгар балтым анаан суруттарбыт этэ. Ол сурутуум кибитээнсийэтэ кыайыылаах  буолан, куукуна миэбэлин сүүйэн соһутта. Хаһан да туох да сүүйүү оонньуулаах тэрээһиҥҥэ кыттааччым суох, онон  быйылгы Моҕой сыла ситиһиини тосхойдо диэхпин сөп. Моҕой – бэйэм сылым, 1953 сыл төрүөхпүн. Ханна эрэ “бэйэҥ сылгар байаҕын” диэн аахпыттаахпын. Көр, туолар эбит ээ” диэн санаатын үлэһиннэ эрэллээх ааҕааччыбыт, хаһыаты сурутууга куукуна миэбэлин сүүйэн ылбыт бааттаах сурутааччы Валерий Захаров. Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруйуубун ааҕыҥ.

“Наҕыл-намчы бэйэлээх, олус  кэрэ мөссүөннээх, билиҥҥэ диэри субурхай суһуохтаах  Валентинаны  көрдөххүнэ, кини саҥатын, ырыатын иһиттэххинэ, орто дойду олоҕо барыта уу-нуһараҥ буола түһэргэ дылы. Кинилиин көннөрү аҕыйах тылынан кэпсэттэххэ даҕаны, киһи ис-иһиттэн сырдыыр, эн эмиэ туох эрэ кэрэни, үйэлээҕи оҥоруоххун баҕараҕын” диэн суруналыыс Надежда Егорова “Саха ыала” балаһаҕа  ким туһунан суруйбутун бүгүҥҥү  хаһыакка ааҕыҥ.

“Кола Бельды сиэнэ” буола сылдьарбын былырыын күһүн уоппускаттан кэлэн баран билбитим. Доҕотторум бастакы сонуннара ол этэ. Ол иһин бэркэ кэрэхсээн, интэриниэккэ киирэн Кола Бельды олоҕун интэриэһиргээн үөрэтэн көрбүтүм” диэн бэлиэтээбит, “Ама, мин..” диэн ырыатынан “Үрдэлгэ” хаардыы хааман киирбит Святослав Эверстовы кытта кэпсэтиибин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Аҕаларын үтүө дьыалатын салҕаан

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ пресс-тур тэрийэн, бэҕэһээ, 20 суруналыыһы уонна блогеры илдьэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Чэгиэн

СҮБЭҺИТ: Битэмиин тиийбэт буоллаҕына

Кыһыҥҥы кэмҥэ киһи доруобай, чөл туруктаах буоларыгар, таһыттан киирэр араас дьайыыга эт-хаан утарсыытын күүһүрдэригэр быраастар…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Азия, Тиихэй акыйаан кытылыгар: Арассыыйа уонна Япония

“Биһиги икки кынаттаахпыт, Европа уонна Азия”, – диэн биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев эппитэ билигин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөнэ муостатын тутуу үһүс түһүмэҕэ бигэргэннэ

Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ бырайыага Арассыыйа бэрэсидьиэнин Владимир Путин өйөбүлүн ылан, концессия услуобуйатыгар тутуллан эрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр буруйу оҥорууну арыйыы ахсаана үрдээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Ис дьыала министиэристибэтин гражданнар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ, буруйу оҥорууну утары охсуһууга уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суола быһыта — нүөлсүтүү төрдө

Бэҕэһээ суруналыыстар уонна блогердар тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров көҕүлээһининэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоҕус уонна…

3 часа ago