«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара «Азия оҕолоро» оонньуулары хото сырдаталлар

Share

Бу күннэргэ «Азия оҕолоро»  норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулары сырдатыыга өрөспүүбүлүкэ иһитиннэрэр-биллэрэр тиһиктэрин бары  үлэһиттэрэ бары кыахтарын, болҕомтолорун ууран сырдата сылдьаллар. 

«Сахамедиа» холдинг салалтата «ЯСИА» сонуннары тарҕатар ааҕыныстыбатын, «Якутия», «Саха сирэ» хаһыаттарын суруналыыстарыгар эрдэттэн анал пуормалары сакаастаан, суолталаах тэрээһиҥҥэ ох курдук оҥостон бэлэмнэммитэ.

Онон кыһыл футболкалаах айар үлэһиттэри ыраахтан көрдөххүтүнэ, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара сылдьаллар эбит диэн кэлэн оонньуулар тустарынан бэйэҕит санааҕытын атастаһыҥ,  сонуҥҥутун кэпсээҥ. Биһиги эһигини кытта бииргэ үлэлэһэргэ бэлэммит.

Хас биирдии суруналыыс бэйэлэрин сырдатар көрүҥнэрбитин үллэстэн, бу күннэргэ бары  спортивнай тэрээһиннэр тустарынан хото сырдата сылдьабыт.

Түгэнинэн туһанан, «Сахамедиа» салалтатыгар айар үлэһиттэргэ, биһиэхэ, болҕомтотун уонна үлэлиирбитигэр бары усулуобуйаны тэрийэригэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Ол курдук, быйыл Аммаҕа ыытыллыбыт 17-с Олоҥхо ыһыаҕар анал массыына биэрэн, бэйэбит көлөлөөх буолан, бэрт тахсыылаахтык үлэлээн кэллибит. «Саха сирэ», «ЯСИА»  суруктаах пуормабытын ыраахтан көрөн, дьоруойдарбыт бэйэлэринэн кэлэн,  үлэлэрин билиһиннэрдилэр, сонуннарын үллэһиннилэр. Онон » Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга да үгүс киһи кэлэн санаатын үллэстиэ диэн эрэнэбит.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

50 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago