«Саха сирэ» хаһыат тугу суруйда?

Share

Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ түһүүлээх да, өрө күүрүүлээх да күннэргэ-дьылларга бары бииргэ түмсэн, улуус чэчирии сайдарыгар, олоҕун уйгута тупсарыгар үлэлиир-хамсыыр, кэскилин түстүүр.

Кэнники сылларга туох ситиһиллибитин, туох хамсааһын тахсыбытын туһунан бүгүн ”Саха сирэ” хаһыакка Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаевы кытта суруналыыс Сайаана Львова кэпсэтиитэ ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

“Кимнээх эрэпэтиитэрдииллэр, тоҕо эрэпэтиитэрдииллэр, хамнастара намыһах дуо, сүрүн хамнас­таах үлэлэрин хайдах толороллор, бэйэлэрэ үөрэтэр оҕолоро эрэпэтиитэрдэнэллэрэ буолуо дуо, тоҕо, оҕо ким, туох буруйунан бырагырааматтан хаалар? Эрэпэтиитэргэ төлөөн үөрэттэрэр буоллахпына, учуутал туохха наада? Ити курдук бииртэн-биир ыйытыы ситимнэнэн тахсан иһэр. Хаһан эмэ хоруйа көстөрө, боппуруос быһаарыллара эбитэ дуу…” диэн ыйытыылардаах “Ноҕуруусканы аччатыы хаачыстыбаны үрдэтиэ дуо?” матырыйаалы бэчээккэ суруналыыс Людмила Попова бэлэмнээтэ. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Ыйыт-хоруйдуубут” балаһаҕа дьон үксүгэр үлэҕэ сыһыаннааҕы ыйытар.  Онон тыа сирин олохтоохторун быйыл сотору-сотору игирэ ньирэйдэр төрүүллэрэ интэриэһиргэттэ.  Ол курдук, “Быйыл игирэ ньирэй төрөөһүнэ тоҕо элбээтэ?” диэн ыйытыыга “Сахаагроплем” судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин отделын зоотехнига Татьяна Протопопова туох диэн хоруйдаабытын бүгүҥҥү хаһыаттан билсиҥ.

Оттон “Үлэлээбэт бырааһынньык күннэргэ бүлүтүөн (листок нетрудоспособности) төлөнөр дуо?” диэн ыйытыыга бүгүн эппиэти биэрдэ Култуура үлэһиттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы идэлээх сойууһун Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин салайааччыта. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Һыллыый, бириэмэ ыраатта, балыккын көрө барар кэмиҥ кэллэ…” – диэн сарсыарда 7 чаас саҕана аҕата кинини уһугуннаран сибигинэйэриттэн, кырачаан Ян уһукта биэрдэ… Кэпсэтиибит “Урал” атомнай ледокол хапытаанын 2-с көмөлөһөөччүтэ Ян Рожин оҕо сааһын умнуллубат бу түгэниттэн саҕаланна. “Тыыттан — ледоколга” / Атомнай ледокол хапытаанын уҥа илиитэ Ян Рожинныын кэпсэтиибитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Толору хааччыллыыта суох, күһүн-саас уунан туолар, кыһынын муус буолар дьиэлэр билигин даҕаны улуустарга да, Дьокуускайга да бааллар. Хомойуох иһин, онно дьон олорор.  Дьокуускай куорат Аппа уҥуор оройуонун Тимирязев аатынан 62-с №-дээх аадырыска биир этээстээх дьиэ түннүгэр диэри сиргэ тимирэн, иҥнэччи бара сатаан баран, синим биир диэбиттии ханньаччы баран турар. Бу  дьиэҕэ дьон олороро буолуо дии санаабат этим.  Дьиэ тиэргэнигэр киирбитим, бэрт сэргэхтик туттан-хаптан олороллор эбит. Куһаҕан усулуобуйаҕа олоробут диэн баран ыһыктынан кэбиспэтэхтэр. Дьиэ 1958 сыллаах тутуу. Дьэ, бу эргэ дьиэҕэ киирэн суруналыыс Ульяна Захарова тугу көрдө-иһиттэ? Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыаттан билсиҥ.

Оҕурсу саамай тарҕаммыт ыарыыта фузариоз — силис ыарыыта (корневая гниль). Буорга фузариум диэн түүнүк тэллэйэ баар. Ол куһаҕан көрүү-харайыы түмүгэр мөлтөөбүт силиһи сутуйар. Силиһэ ыалдьан, аһылыгы аанньа иҥэриммэт буолар. Оҕуруотчуттарга анаан оҕурсуга ууну кутуу, эбии аһатыы, эмтээһин туһунан сүбэни бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Өймөкөөн улууһугар ытыктанар, “Мола” общинаны тэринэн олорор табаһыттар дьиэ кэргэттэрэ  Марианна Дмитриевна уонна Илья Яковлевич Тарковтар ыал буолан бииргэ олорбуттара оруобуна 50 сылын туолла.  Табаарыстарын туһунан Өймөөөнтөн  Валентина уонна  Прокопий Ксенофонтовтар “Таба элбиирин  туһугар үрүҥ көлөһүнү тоҕон…” диэн удьуор табаһыт Тарковтар тустарынан суруйууларын ааҕыҥ.

“Саха киһитэ балаҕан туттан, түптэ уматан, ыһыах ыһан, олоҕу уруйдаан, киһи сиэринэн сайдан, олорон кэллэҕэ. Дьэ, итиниэхэ билигин Култуура дыбарыастарын, Олоҥхо дьиэлэрин, балаҕаннарын тыа сирдэригэр тутуу тэтимнээхтик барарын олус сэргиибит.  Итинник үчүгэй дыбарыас кэриэтэ Олоҥхо дьиэлэрдээх дьон, ама, ыччаттарбытын саха норуотун култууратыгар, үгэстэрбитигэр уһуйбат буолуохпут дуо?  Мин үлэбинэн элбэх улууска сылдьабын. Холобур, быйыл кыһын Ньурба улууһун Хорулатыгар аһыллыбыт Олоҥхо балаҕаныгар сылдьан, саха буолан төрөөбүппүнэн уонна өрөспүүбүлүкэ былааһа Олоҥхо дьиэлэрин тутууга үбү көрөн көмөлөһөрүн итэҕэйэн, сүөм үрдээн кэлбиттээҕим” диэн “Култуура уопсастыба олоҕор дьоһун оруоллаах” диэн матырыйаалыгар суруналыыс Надежда Егорова ырытыытын ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

Дьааҥы Суордааҕар бэйэ дьарыктаах киһи үлэлэтэр. Бурдуктарын эмиэ “Арктикатааҕы эргиэн уонна логистика хампаанньата” хааччыйар. “Биир бухааҥка килиэби 65 солк. атыылаһабыт. Биэкэр нэһилиэк хас биирдии олохтооҕуттан сайаапка хомуйан, оччо ахсааннаах килиэби таһаарар”, – диир баһылык В.П. Стручков. Үчүгэйэ диэн, манна килиэп хаһан да “быстыбат”. Онон бурдугунан хааччыллыы үчүгэй. Ол эрээри, биэкэрдэр тиийбэттэр, сорох бэкээринэлэр хантан да көмөнөн туһаммат эбиттэр, онно эбии уот арахсыыта эҥин курдук мэһэйдэр тыа сирин килиэбинэн хааччыллыытын харгыстыыллар. Бэкээринэлэр кыһалҕаларын биирдэ эмэ Ил Түмэн дьокутааттара анаан дьүүллэһиэхтэрин наада” бу ырыаҕа ылланар Оленегорскай олохтоохторо килиэптэрин тоҕо бэйэлэрэ астыылларын туһунан матырыйаалы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

4 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago