«Саха сирэ» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрин кытары көрүстэ
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/faf1baf7-276e-4189-8687-34122b3da640-1060x596.jpg)
Бүгүн «Саха сирэ» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрин кытары көрүстэ.
«Сахамедиа» холдинг медиа-киинигэр көрсүһүү истиҥник ааста. Тэрээһини хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Александр Тарасов уонна хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Анивера Акимова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Көрсүһүүгэ мустубут уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр санааларын үллэһиннилэр. Кинилэр хаһыаты көтүппэккэ ааҕалларын, суруйалларын сэргэ, тэрээһиннэргэ көмөлөһөр баҕалаахтарын биллэрдилэр. Дьоһуннаах кэпсэтии буолла, инники былааннар торумнаннылар.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.24-1.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-11.54.37.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-11.54.34.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-11.54.27.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-11.54.20.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.39.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.40.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.37.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.29.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.34.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.31.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.32.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.34-1.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.28-1.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.27.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/01/whatsapp-image-2024-01-16-at-13.17.36.jpeg)
Бу көрсүһүүгэ сылдьан баран, Полина Победа хоһоон суруйан ыытта.
ДЬОҺУННААХ ЫҤЫРЫЫ
/»Саха сирэ хаһыат» уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэри көрүстэ/
Дьоһуннаах ыҥырыы
Дьоһуннаах эйгэҕэ
30 сыл, 50 сыл
Суруйбут дьоннорго
Сырыттым, кыттыстым
Боччуммун киллэрэн.
Кэпсэтэн истэххэ
Кэрэни түстэһэр,
Сиэрдээҕи сырдатар
«Саха сирэ» хаһыаппыт
Кырдьыгы суруйар
Сахалыы тыыннаахпыт!
Көрбөтөх-билбэтэх
Көрдүм мин дьоннорбун,
Сороҕу кууһуохпун
Баҕара санаатым!
Суруйар ыырдаргыт
Күннэтэ кэҥээтин!
«Суруйуу — мас суоруу
Буолбатах» диэччилэр,
Ол эрэн ардыгар
Мас суорбут ордук дуу?
Суруйуу сэрэхтээх —
Кэннэ кээнчэ буолбатар!
ПОЛИНА ПОБЕДА
16.01.2024с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: