«Саха сирэ» хаһыаты ааҕа охсорго тиэтэйиҥ!
“Саха сирэ” хаһыат бүгүн киһи аахтар ааҕа олоруох, киһи илиититтэн араарыан баҕарбат ис хоһооннооҕун бэлиэтиир тоҕоостоох.
Быйыл кыһын хойутаан, кэтэх ыаллар эмиэ арыый хойутаан идэһэлэннилэр. Ол эрээри, сорох тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин хайыы үйэ “сүүскэ охсон” бүтэрдилэр” диэн саҕалыыр суруналыыс Женни Стрюкова “Идэһэ төһөҕө турарый?” диэн матырыйаалын. Онон бу күннэргэ барыбытын интэриэһиргэтэр боппуруос хоруйун бу ырытыы ыстатыйаттан булан ылыаххыт.
Кэлиҥҥи кэмҥэ «Саха сиригэр оҥоһулунна» диэн бэлиэлээх олоххо-дьаһахха наадалаах тэриллэри, маллары, иһиттэри, аһы-үөлү оҥорон таһаарыыга ордук ыччат ылсан эрэрэ хайҕаллаах суол. Биллэн турар, бэйэ сиригэр оҥоһуллубут, ааттыын да «бэйэ киэнэ» буолара чахчы. Хаачыстыбатын, амтанын, тас көстүүтүн — дууһалыын, ис куттуун ылынаҕын. Соторутааҕыта ырыынак эйгэтигэр кылгас кэм иһигэр «Сууйар» диэн ааттаах убаҕас мыыла араас көрүҥүн оҥорон таһаарар тэрилтэ эрэллээхтик хардыылаан киирдэ. Бу сонун сүүрээни кимнээх олоххо киллэрбиттэрин билсээри, мин “Якутия” технопааркаҕа тиийэн резиденнэри көрсөн кэпсэттим. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Сопхуос саҕаттан биир да сыл уоппуската суох үлэлиир киһи баара буолуо диэн, бука, үгүспүт сэрэйэн да көрбөтө чахчы. Дьэ, оннук киһи баар эбит. Амма Болугуруттан төрүттээх Павел Семенов, норуокка биллэринэн, Балык Байбал — Мэҥэ Хаҥалас Хорообут нэһилиэгин күндү күтүөтэ. Хорообуттар көмүскэ тэҥнээх күтүөттэрин туһунан “Молокуолуур Балык Байбал” диэн матырыйаалбар ааҕыҥ.
Арай биирдэ эбээм билэр киһитигэр мөҕүттэ олороругар түбэстим. «Ити киһи быйыл уллартарар хаатыҥкатын аҕалбата, атаҕын айаҕар уган кыстыыра буолуо» диэбитин истэн, быарбын тарбаабыппын өйдүүбүн. Билигин атын үйэ, өҥө барыта харчыга оҥоһуллар. Былырыын баччаларга этэрбэспин 3500 солк. уллартаран бэрт ичигэстик кыстаан туораабыт киһи, быйыл сыаната төһө буоларын сураһарга, сыананы тэҥнииргэ сананным.
“Уол оҕону хорсун гына иитиэххэ наада. Кини онтон-мантан куттанан дугдуҥнуу сылдьыа суохтаах. Кыра сааһыттан эт-сиин өттүнэн кыахтаах гына иитиэххэ. Тустууга, буоксаҕа биэрэн бэйэтин иннин көрүнэр гына иитэр олус наада дии саныыбын. Кыра сааһыттан куттас буола улааппыт уолтан хорсун эр киһи үүммэт. Онон оҕо эрдэҕиттэн куттаммат, харса суох гына иитэн таһаарыахтаахпыт”, — диэн “Итии чэйгэ” сүбэлиир көҥүл ырыаһыт Аскалон Павлов.
Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата сыл ахсын кыстыкка киириигэ сүрүн кыһалҕа буолан хатыланар. Сайылык сезона бүттэ даҕаны Дьокуускай кытыы уулуссаларыгар үөрүнэн сылдьар ыт ахсаана элбиир. Билигин маннык уустук балаһыанньа улуустарга эмиэ баар. Оттон куорат таһынааҕы бөһүөлэктэртэн Жатайга бу кыһалҕа сытыытык турар. Иитиилээх сааҕа тэҥнээх боруода ыттар дьоҥҥо “суоһууллара” хаһан тохтотулларый? “Алабай жатайдары куттуур” матырыйаал сытыы тиэмэтинэн үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа. Бу холобурдаабыт үс ыстатыйаларым ааптардара — Ульяна Захарова. Суруналыыс хорутуулаахтык ырытар сытыы матырыйаалларын хайаан да ааҕыҥ диэн сүбэлиибин.
“Үлэлиир биэнсийэлээхпин. Үлэбиттэн уураттахтарына, биэнсийэм тута эбиллэр дуо?”. Бүгүн “Хаһыат уонна ааҕааччы” рубрикаҕа маннык ыйытыы элбэх. Балаһаны бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.
Арассыыйаҕа алтыс Сбер “21 оскуола” аһыллыыта буолла. Манна учуутал — суох, манна сыана — суох. Хайдах уонна үөрэнэллэр? Учуутала уонна сыаната суох аныгы оскуола туһунан матырыйаал ааҕааччы сэҥээритин ыларыгар эрэнэбин.
Өскөтүн Саха сирин баһыйар үгүс оскуолаларыгар кылаастары олохсуйбут халыыбынан “А”, “Б” диэн ааттаан баран, физика-математика, гуманитарнай хайысхалаах диэн араарар эбит буоллахтарына, бу оскуолаҕа “Ааҕыы кылааһа”, “Фольклор кылааһа”, “Тиэхиньиичэскэй кылаас” диэн сүрэхтээбиттэр. Бу ханнык оскуоланый? Үөрэх тиэмэтигэр суруйар суруналыыс Людмила Попова билиһиннэрэр оскуолаларын туһунан ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Ким эрэ атаҕын тыҥыраҕа этигэр быһа үүнэр, атаҕын уллуҥаҕа улаханнык чэрдийэр эбэтэр хайа барар, тыҥырахтара кыайан кырыллыбат буолуор диэри кытааталлар, кыараҕас атах таҥаһын кэтэртэн атаҕын аалларар. Дьэ, маннык кыһалҕалаах дьон подолог идэлээх исписэлиискэ сылдьан, улаханнык махтанан бараллар. Подолог өҥөтүн төһө билэбит билэбит? Бу туһунан суруналыыс Надежда Егорова билиһиннэрэр.
Кэнники кэмҥэ 5-6 саастарыгар диэри тыллана илик, эбэтэр, чуолкайа суохтук саҥарар оҕолор элбээтилэр. Бу туохтан буоларый? Оҕолорго, төрөппүттэргэ хайдах гынан көмөлөһүөххэ сөбүй? Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3-с №-дээх килиниичэскэй балыыһа иһинэн үлэлиир паллиативнай сулууспа психолога Мария Гуляеваны кытта “Оҕо тоҕо хойут тылланарый?” матырыйаалыгар суруналыыс Ангелина Васильева кэпсэттэ. Сэһэргэһээччитэ бу кыһалҕаны уйулҕа өттүттэн ырытыыта уонна бэйэтин дьиэ кэргэнин кыһалҕатын туһунан кэпсээбитэ ааҕааччы болҕомтотун тардара чахчы.
“Биирдэ уустук ыстатыйаны суруйа олорон, олорор сирбэр туох эрэ мэһэйдиир үөскээбитин билбитим. Эдэр эрдэхпинэ кутургуйа тахсан сордуур этэ, эмиэ ол буолуо диэн санаам түспүтэ. Ол эрээри, бу сырыыга кутургуйа буолбатах этэ. Мэҥ эбит” диэн суруйар суруналыыс Егор Карпов. “Кутталлаах мэҥ” матырыйаалы аахпыт эрэ киһи, мантан инньэ сэрэниэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: