«Саха сирэ» хаһыаты аахтыҥ дуо?

Share

Соторутааҕыта дэриэбинэ иһигэр сылгы, ынах, кулунчук бөҕө ыһыахха кэлбит дьон курдук түөлбэлээн мустубуттара видеонан тарҕаммыта.

“Бу элбэхтэрин. “Кулунчуктар утуйан абыраммыттар”, – диир видеоҕа устааччы дэриэбинэ олохтооҕо. Кырдьык, сылгылар дьиэ аттыттан, дэриэбинэттэн арахсыбат буолбуттара ыраатта. Харахпыт көрө үөрэнэн, кыһаллыбат да курдук буоллубут.  “Сылгылар дьиэ таһыттан тоҕо арахпаттарый?” диэн суруналыыс Женни Стрюкова сытыы матырыйаала үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

“Саха сирэ”  хаһыат сахалыы ырыаҕа  өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустары ыытара үгэскэ кубулуйда. 2022 сыллаахха Туймаада ыһыаҕар “Саха сирэ ыллыыр”  өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун ыытан, киэҥ сэҥээриини ылбыта. Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылларыгар анаммыт   куонкурус   урукку сахалыы ырыалары сөргүтэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатар иһитиннэрэр сыаллаах-соруктаах ааспыта. Быйылгы куонукурус хайдах ааспытын, Горнай улууһун Орто Сурт олохтоохторо Вензеллэр дьиэ кэргэҥҥэ Өлүөнэ лочуостарыгар путевка хайдах тиксибитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Биһиги бу күннэргэ эрэ биллибит, тас дойдуга тахсарга Арассыыйа гражданстволааҕын бигэргэтэр бэлиэ наадатын. Сүүрэн кэлбиппит, 100-чэкэ киһилээх уочарат турар. Аны оҕом аҕатын кытта арахсыбыппыт ыраатта. Эмиэ да арахсыбыппытын туоһулуур сибидиэтэлистибэ баар буоллаҕына, аҕатын өттүн толорор наадата суох дииллэр. Оннук эрэ буоллун, оҕом аҕата билигин ханна баарын хантан билиэмий. Ыксыыр дьоҥҥо моһол буолла, хаарыаны эрдэттэн билбиппит эбитэ буоллар. Арассыыйа да иһигэр айанныырга ылыахха наада, бэрэбиэркэҕэ ханна, туох санаалаах киһи турара биллибэт. Гражданствоҕыт бэлиэтэ ханнаный диэн эмискэ ирдээн туруо дии, онон хааччына сылдьар ордук” диэн ким маннык санаатын эттэ?  Дьэ бу туох түрүлүөн буолла? Бу туһунан суруналыыс Антонина Эверстова сытыы матырыйаалын ааҕыҥ.

“Кэнсиэртэргэ, тэрээһиннэргэ дьон буола турар быһыыны-майгыны үгүстүк төлөпүөҥҥэ устар. Кинилэр аны холкутук олорон кэнсиэри көрбөттөр. Оннооҕор аһыыр астарын, оҕолорун, дьиэ кэргэттэрин туһунан кэпсээн барытын социальнай ситимҥэ киэҥник  тарҕатар буолбуттара сөхтөрөр. Бу барыта хаһааҥҥыттан саҕаламмытай?”  диэн ыйытан туран, суруналыыс Ульяна Захарова туох тиэмэни ырытта? Ааҕыҥ, сэргээҥ.

“Күрэхтэһии кэмигэр “Тунах түһүлгэҕэ” көрөөччү тырыбынатыттан дьикти, ураты күүстээх салгын илги­йэр курдуга. Дьон миэхэ эрэлэ күүспэр күүс эбэрэ, санаабын кынаттыыра. Хайдах эрэ дьонум-сэргэм миэхэ эрэлин ыһык­тыбатах киһи дии саныырым. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн мээнэҕэ этиллибэтэх. Тырыбынаҕа олорор ыалдьааччылар миигин өйүүр санааларын күүһэ кыайыыга аҕалла. Онон сахам дьонугар миэхэ эрэллэрин иһин махталым муҥура суох” диэн Дыгын оонньууларын кыайылааҕа Дьулустаан Ноговицын санаатын тиэртэ. Кини тус олоҕун, успуорка сыһыанын туһунан матырыйаалбын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Манна сыһыаран эттэххэ, өссө биир дьикти баар. Биһиги 1974 сыллаахха тыйаатырга кэлиэхпитигэр диэри Саха тыйаа­тыра биир үгэстээҕэ – атын омук испэктээктэрин туруоралларыгар дьоруойдар хайаан да сирэйдэригэр гириим оҥостоллоро, парик кэтэллэрэ эбэтэр баттахтарын кырааскалаталлара. Негры оонньуур буоллаххына, букатын даҕаны хара өҥүнэн гириимнэнэллэрэ. Онтон биһиги тыйаатырга туох эмэ уларыйыыны киллэриэххэ диэн сыал-сорук туруорумматахпыт да үрдүнэн, нуучча классическай театральнай оскуолатын бүтэрэн кэлбит дьон тыйаатыр олоххо чугаһыахтаах диэн санаат­тан эбитэ дуу, гириимтэн аккаастанан барбыппыт. Дьиҥэр, ол сыыһа эбит” диэн ким суруналыыс Надежда Егороваҕа санаатын маннык тиэрпитин бүгүҥҥү хаһыат кэпсиэҕэ.

«Азия оҕолоро» оонньууларыгар кэлбит Монголия дэлэгээссийэтин салайааччыта Эрдэнэваанчик Батбаатар сахалыы саҥарарын туһунан сурах суолталаах тэрээһин биир

кэрэхсэбиллээх сонунун быһыытынан социальнай ситимнэри тилийэ көппүтэ. Кин кырдыьыек Чурапчыттан төрүттээх дуо? Хайдах саха тылын умна илигий? Бу туһунан бүгүҥҥү матырыйаалбар ааҕыҥ.

Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын институтун киинин салайааччы, устуоруйа билимин дуоктара Екатерина Романова тоҕо саха цииркэтин  «феномен» диэн ааттыбытын суруналыыс Ангелина Васильева матырыйаалыттын билиэххит.

Тускулу куруук араастаан кириитикэлиибит даҕаны, кини эппитин курдук куйаас күннэр турдулар. Абытай! Абытай! Бачча сааспар диэри маннык буспуппун-хаппыппын өйдөөбөппүн. Кэм даҕаны дьахталлар барахсаттар абыраннылар. Араас моһуоннаах сэлээппэлээх сэгэлдьиһэллэр. Хата, оптуобуска олорсоору бииртэн сөҕөн кэллим. Аттыбар олорор эдэр кыыс кимиэхэ эрэ төлөпүөннүүр, айаҕа хам буолбат. Бары сэкириэтин барытын кэпсээтэ. Күллэ-үөрдэ, ол аайы уһун кыламаннара көтөн хаалыах курдук сапсыйаллар. Син ыйааһыннаах кыламан быһыылаах ээ. Арай ити олорон наар «кондиктара суох, кондиктара суох», — диир. Туох омук тыла буоллаҕай диэн араастаан толкуйдаан, өйбүн сыстым даҕаны төрүт истибэтэх тылым эбит. Дьэ бу  “кондик” диэн бүгүҥҥү күҥҥэ олус наадалаах туох тэрил буоларын бүгүн Биэтэс Билээхэби аахтаххытына билиэххит.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

11 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago