“Саха сирэ, инниҥ диэки!” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус саҕаланна

Share

Бу сыл от ыйын 1-30 күннэригэр “Саха сирэ, инниҥ диэки!” (“Якутия, вперед!”) каадыры бэлэмнээһиҥҥэ аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттыыга сайаапкалары ылыахтара.

Сайаапкалары куонкурус якутиявперед.рф саайтыгар ыытыллар. Куонкурус үс түһүмэҕинэн барыаҕа:

1 түһүмэх – куонкуруска кыттааччылартан сайаапкалары ылыы;

2 түһүмэх – кыттааччылары сыаналааһын уонна сүүмэрдээһин;

3 түһүмэх – куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэ.

“Саха сирэ, инниҥ диэки!” өрөспүүбүлүкэтээҕи каадыр куонкуруһун ыытыы балаһыанньатын, бырагырааматын, “СӨ каадыр эрэсиэрбэлэрин единэй систиэмэтин туһунан” СӨ Ил Дарханын ыйааҕын сиһилии t.me/sakhagove манна көр.

“Саха сирэ, иннин диэки!” – бу элбэх салайааччы үөһэ тахсарыгар, идэлээх үлэһит быһыытынан  үүнэригэр-сайдарыгар уонна саҥа саҕахтары арыйарыгар кыах биэрэр каадыр сүрүн куонкуруһа.

Өскөтүн эһиги салайарга бэлэм, бэйэҕит дьайыыгыт, олоххут уонна тулалыыр эйгэҕит туһугар  эппиэтинэһи сүгэр лиидэр быһыытынан сананар, өрөспүүбүлүкэ, гражданнар, чугас дьоҥҥут, куораккыт уонна сэлиэнньэҕит олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга бэлэм буоллаххытына, бу куонкурус эһиэхэ аналлаах! “Саха сирэ, инниҥ диэки!” каадыр өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар күүтэбит. Өрөспүүбүлүкэ хамаандатыгар киириҥ. Өрөспүүбүлүкэҕа наадалаах дьоҥҥут – Саха сирэ эһигини кэтэһэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago