Саха сирэ инвестицияҕа лиидэр буолар кыахтаах
Арассыыйа эргиэн-бырамыысыланнай балаататын бэрэстэбиитэллэрэ Саха сирин экэниэмикэҕэ миниистирин кытта көрсүһүүлэригэр өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бэлиитикэтин туһунан кэпсэттилэр.
Дэлэгээттэр эрэгийиэҥҥэ үчүгэй инвестиционнай балаһыанньа олохтоммутун бэлиэтээтилэр: Саха сирэ уопсай көрдөрүүтүнэн дойду үрдүнэн 15 бастыҥнар истэригэр киирсэр. Кэнники 5 сылга оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга 2 триллион солкуобайдаах үбү уктулар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата тырааныспар инфраструктуратын сайыннарар уонна экэниэмикэҕэ инновационнай быһаарыылары киллэрэр. Ол иһин атын эрэгийиэннэртэн, омук да сирдэриттэн хампаанньалар интэриэстэрэ улаатар.
Бу үлэ көдьүүстээҕин туһунан Ленскэй кулууп эспиэрдэрэ эмиэ этэн тураллар.
Леонид Хазанов:
— Саха сирин салалтата инвестордары киллэриигэ көхтөөх бэлиитикэни ыытар. Билигин үгүс хампаанньалар инвестиция өттүнэн кэскиллээх эрэгийиэннэри көрдүүллэр. Саха сирэ биир маннык кэскиллээх эрэгийиэн буолара чахчы. Төһө да арҕааҥҥы сааҥсыйалар ыкталлар, дойдуга инвестиция кээмэйэ улаатта диэн этиэххэ наада.
Роман Файншмидт:
— Саха сирэ Уһук Илин саамай улахан эрэгийиэнэ, Арассыыйа илин диэки хайыспыт кэмигэр өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сибээстэрэ кэҥиирэ улахан суолталаах. Азияҕа түргэнник сайдан иһэр экэниэмикэлээх Кытай, Вьетнам курдук дойдулары кытта сыһыаннарын көхтөөхтүк сайыннарар. Бу дойдулар ырыынактара энэргиэтикэ уонна минеральнай ресурстарга күүскэ наадыйар буоланнар, Саха сирэ кинилэргэ сир баайын атыылыан сөп.
Владимир Климанов:
— Саха сиригэр нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга туһуламмыт кэккэ миэрэлэр бааллар. Ону тэҥэ, сүрүн үлэни инвестордары, урбаанньыттары кытта ыыталлар. Эрэгийиэннэргэ преференциальнай эрэсиим киирэн, инвестицияны киллэрэргэ табыгастаах. Ол суотугар үлэ миэстэлэрэ тахсаллар, хамнас кээмэйэ үрдүүр, инфраструктура саҥардыллар. Бу барыта нэһилиэнньэ материальнай балаһыанньатыгар үчүгэйдик дьайар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: