Саха сирэ “Көмүс күһүн”  быыстапка-дьаарбаҥкаҕа 69 мэтээли ылла

Share

“Көмүс күһүн” Арассыыйа 26-с агро-бырамыысылыннай быыстапкатын салааларынан  куонкурустарын түмүгүнэн Саха сирин дэлэгээссийэтэ 69 мэтээли (ол иһигэр, 55 кыһыл көмүс, 9 үрүҥ уонна 5 боруонса) ылла.

Өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, быйыл агро-хайысхалаах оскуолалар 35 мэтээли (28 кыһыл, 3 үрүҥ, 4 боруонса) ылан,  ордук биһирэннилэр.

Саха сиринээҕи наука киинин М.Г.Сафронов аатынан ЯНИИСХ учуонайдара  уонна  дьоҕус инновационнай тэрилтэлэрэ 12 кыһыл, 3 үрүҥ, 1 боруонсаны мэтээллэри кытта,  РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин икки Махтал суругунан бэлиэтэннилэр. Ону таһынан саха пиэримэрдэрэ уонна тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ үрдүктүк сыаналаннылар.

«Биһиги сылтан сыл ахсын быыстапкаҕа саҥа бородууксуйалары, ол иһигэр агро-оскуолаларбыт бородууксуйаларын, туруорабыт. Маннык быыстапкаларга кыттыы – Саха сирин бородууксуйатын  оҥорон таһаарааччыларын федеральнай таһымҥа көрдөрөр, араас эрэгийиэннэр бэрэстэбиитэллэригэр билиһиннэрэр, ону таһынан үрдүк хаачыстыбатынан уонна минньигэһинэн уратылаах бородууксуйаларбытын билэллэригэр бэриллэр кыах”, — диэн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров санаатын үллэһиннэ.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

3 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago