Саха сирэ Кировскайга 28 эбийиэги өрөмүөннүүр, чөлүгэр түһэрэр.
Быйыл Саха сириттэн исписэлиистэр күүстэринэн Кировскай куоракка 28 эбийиэк өрөмүөннэнэр. Бу туһунан ДНӨ тирэх пуунуттан иһитиннэрдилэр.
«Чөлгө түһэрии үлэтэ тиһиктээхтик салҕанар. Соругу көдьүүстээхтик толорууттан саҥа сир-уот сайдыыта тутулуктаах«, — диэн Ил Дархан бэлиэтээн турар.
Саха сирэ сибээһи олохтообут куоратын оттук сезонугар бэлэмниир. Шефтээх эрэгийиэн Кировскай куоракка маны сэргэ алта уулусса уотун-күөһүн, куорат балыыһатын үрдүн, Шахтерская уулуссаҕа суолу, МФЦ дьиэтин оҥорон бүтэрдэ. Балаҕан ыйыгар Албан аат аллеятын, «Кыайыы» култуура уонна сынньалаҥ пааркатын тупсаран оҥорууну түмүктүүр былааннаахтар. Тутааччылар билигин эргэ бассейны оҥороллор. Маны таһынан куорат пааркатын тупсаран оҥоруу бырайыактыыр сметнай докумуона оҥоһулунна.
Саха сириттэн тиийбит дьон Кировскайга 2 № -дээх оскуоланы тупсаран оҥордулар уонна 1 №-дээх оскуоланы чөлүгэр түһэрдилэр. Ону таһынан, 286 оҕо бу сайын доруобуйаларын чэбдигирдэр лааҕырдарга сынньаннылар. Саха сирэх куорат коммунальнай сулууспатын үлэтигэр анаан анал тиэхиньикэ, куорат балыыһатыгар «Газель» көлөнү атыыласпыт. Бу күннэргэ түөрт уһуйаан, култуура уонна сынньалаҥ киинин дьиэтин бырайыагын симиэтэтин бэлэмнииллэр. Кировскай куораты саҥардан, тупсаран оҥоруу генеральнай былаана оҥоһуллар. Санатан эттэххэ, 2022 сыллаахха Саха сирэ сибээһи олохтообут ДНӨ 31 эбийиэк чөлүгэр түһэриллибитэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…
Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…
Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай? Ахсынньы 14 күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…
Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…
Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…