Саха сирэ Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнэр

Share

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов “Кыайыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта.

Вице-премьер өрөспүүбүлүкэҕэ быйылгы Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 79 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр, 2025 сылга Аҕа дойду сэриитигэр Кыайыы 80 сылын генеральнай эрэпэтииссийэтинэн  буолуоҕун бэлиэтээтэ. Үбүлүөйдээх сылга эрэгийиэҥҥэ 60-тан тахса тэрээһин ыытыллара былааннанар.

Күн бүгүн Саха сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин 2 тыһ. курдук (сэрии кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, блокада кыттыылаахтара) бэтэрээнэ олорор, итинтэн сэрии кыттыылааҕа – 13, сэрии сылын оҕолоро ааты 12 261 киһи ылбыта.

“Улуу Кыайыы үбүлүөйүн өрөспүүбүлүкэҕэ уопсастыбаннаһы, ыччаты, үөрэнээччилэри көхтөөхтүк сыһыаран, киэҥ далааһыннаахтык ыытыахтаахпыт. Дойду устуоруйатын улахан бэлиэ түгэнин, эһэлэрбит, аҕаларбыт хорсун быһыыларын туһунан өйдөбүл көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэхтээх”, — диэн Георгий Степанов бэлиэтээтэ.

Кыайыы күнүгэр, ыам ыйын 9 күнүгэр, Саха сиригэр олорор Аҕа дойду Улуу сэритиин бэтэрээннэригэр, кыттыылаахтарыгар, кинилэр огдооболоругар уонна  кинилэри кытта тэҥҥэ турар дьоҥҥо биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр. Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова, 2025 сылга, Кыайыы 80 сылыгар төлөбүр икки бүк эбиллиэҕэ диэн иһитиннэрэр. Ол курдук, эһиил Кыайыы күнүнээҕи биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ биэстэн 100 тыһ. солк. диэри тэҥнэһиэҕэ.  Туһааннаах бырайыак сөбүлэһии бүтэһик түһүмэҕэр сылдьар.

Күн бүгүн, өрөспүүбүлүкэ бэйэни салайыныы уорганнара түһэрбит чахчыларынан, дьиэтин-уотун усулуобуйатын тупсарыныан баҕарар Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ суох. Дьиэҕэ наадыйар сэрии бэтэрээннэрэ, огдооболоро бары хааччыллан олороллор.

Тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар, үбүлүөйдээх сыл былаанын хабан туран, Кыайыы 79 сылын бырааһынньыгар бэлэмнэнии хаамыытын туһунан өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрин, биэдэмистибэлэрин  информацияларын иһиттилэр. Үгэс быһыытынан быйыл бырааһынньык күннэригэр “Георгиевскай ленточка”, “Тэлгэһэнэн ыллыыбыт”, “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ”, “Мин дьиэ кэргэмминэн киэн туттабын”, “Кыайыы түннүгэ” аахсыйалары, оскуолаларга Кыайыы күнүгэр аналлаах кылаас чаастарын, хорсун буолуу уруоктарын ыытыахтара, мемориалларга сибэкки ууруохтара.

2025 сылга ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы 80 сылын бырааһынньыгар бэлэмнэнии уонна тэрийии туһунан ыйаахха Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаабыта.

Санатан эттэххэ, бэрэсидьиэн ыйааҕын туолуутунан, Айсен Николаев былырыын СӨ Ил Дарханын сорудаҕын испииһэгэр илии баттаабыта. Ол курдук, Аҕа дойду сэриитигэр кыайыы 80 сылын бэлиэтээһиҥҥэ бэлэмнэнии чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Саха сирин саллааттарын албан ааттарын миэстэлэринэн оҕолорго, ыччакка аналлаах өрөспүүбүлүкэ туристическай сырыыларын оҥоруохтара, ол иһигэр, Белоруссияҕа, Монголияҕа, Кытайга.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

27 минут ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

15 часов ago