Саха сирэ минеральнай ресурсаны хаҥатыыга пилотнай эрэгийиэн буолуоҕа

Share

Ыам ыйын 26 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ урбаанньыттара РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Бүтүн Арассыыйатааҕы «Дьыалабыай Арассыыйа” уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэннэрин кытта көрсүһүүтүгэр куйаар ситиминэн кытттыыны ыллылар.

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Дьыалабыай Арассыыйа» уопсастыбаннай тэрилтэ Федерация субъектарын, муниципалитеттар салайааччыларын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиирин, эрэгийиэннээҕи инвестиционнай стандарт үлэҕэ киириитин көхтөөхтүк сүрүннүүрүн бэлиэтээтэ.

«Дойду дьоҕус уонна орто биисинэһэ арҕаа дойдулар бренд буолбут ырыынактарын көхтөөхтүк баһылаан,  бэйэ бородууксуйатын, оҥорон таһаарыытын сайыннарарга ылыстылар. Дойдубут хампаанньалара баар кыаҕы эрэллээхтик туһанан, бэйэлэрин табаардарын уонна өҥөлөрүн тупсардылар уонна оҥорон таһаарыыларын үрдэттилэр, онон атын дойдулары баһыйаллар да диэххэ сөп», — диэн бэлиэтээтэ дойду баһылыга.

Судаарыстыба баһылыга ырыынак ис тутулунан эрэ олорор сатабыла суоҕун, сонун өрүттэри тобулуохха наадатын  бэлиэтээтэ. Ол курдук, Азия, Африка, Латинскай Америка курдук дойдулар табаар, өҥө, технология саҥа сайдар суолларын көрдүүллэрин, байыталларын холобурдаата. Маныаха Саха сирин кыаҕа бэлиэтэннэ. Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэрэ атыы-эргиэн ырыынагын Хотугу муора суолунан сайыннарарга  өрөспүүбүлүкэ суолтата сүҥкэнин өйдүүллэр.

Саха сирин Аҕа баһылыга Айсен Николаев «сыл аайы 10-15 млрд солк. диэри геологическай-сырьевой базаны тэтимнээхтик хаҥатыыга пилотнай эрэгийиэн буолар кыахтаахпыт» диэн көҕүлээтэ. Бу этиини дойду салалтата биһирии ылынна. Айсен Николаев этэринэн, маннык былааны олоххо киллэрии чугастааҕы 15 сыл устата 1 трлн солкуобайтан тахса нолуок үбүн хааччыйыаҕа, 15 тыһыынча кэриҥэ саҥа үлэ миэстэтин таһааран, эрэгийиэҥҥэ 2,5 трлн солк. инвестицияны тардар кыах баар.

Дойду Бэрэсидьиэнэ «Дьыалабыай Арассыыйа» уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэннэрин кытта көрсүһүүтүгэр Москваҕа кэлэ сылдьар тэрилтэ актыыбын таһынан, куйаар ситиминэн Арассыыйа 89 субъегыттан тыһыынчаттан тахса предприниматель кытынна.

Урбаанньыттар дойду Бэрэсидьиэнин  Владимир Путины кытта көрсүһүүгэ бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар усулуобуйаны тэрийиигэ  сонун этиилэрин киллэрдилэр. Кинилэр ыйытыыларыгар РФ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ уонна федеральнай миниистирдэр уонна биэдимистибэлэр салайааччылара тустаах хоруйу биэрдилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago