Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Share

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри уһун айаҥҥа туруммуттара.

Сунтаартан быһалыы Туруктаҕа (Ленскэйгэ) диэри, онтон Маачанан, Бодойбонон Бурятияҕа тиийбиттэрэ. Былыр бу Тайҕа диэн ааттаммыт сиринэн-уотунан саха атыыһыттара, булчуттара атынан, табанан сылдьыбыт аҕай сирдэрэ.

Айанньыттар кинилэр суол­ларын суоллаан, ыҥыырдаах атынан айаны эттэринэн-хааннарынан билэн, үксүгэр тайҕа быыһынан, хайалары уҥуордаан, үрэхтэри туораан, сиргэ, үүтээҥҥэ хонон, 3000 кэриҥэ килэмиэтир сири үс ый устата айаннаатылар.

Хаартысканы Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков тиксэрдилэр
Хаартысканы Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков тиксэрдилэр
Хаартысканы Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков тиксэрдилэр

Саамай уустук сир — Саха сириттэн Иркутскай уобаласка тиийэ суола-ииһэ суох, хайалаах сиринэн айан этэ. Ат сиир ото суох буолан, эрэйи көрбүттэрэ. Маны тэҥэ, таас­таах сиргэ уонна аспаалга аттар туйахтара элэйэн, эрэйдэммиттэрэ. Тимир боккуоп да элэйэн хаалар эбит этэ, онон хаста да уларыппыттара.

Хата, ханна тиийбит сирдэрин ахсын, эбэҥкилэр, бүрээттэр, нууччалар олус үчүгэйдик көрсөн, аһатан-сиэтэн, хоннорон, туох кыалларынан көмөлөһөн испиттэрэ. Бэл, суол­га көрсүбүт дьон харчы биэрэллэрэ.

Ыра санааны толоруу

Арамаан оҕо эрдэҕиттэн маннык айанныан, сири-дойдуну көрүөн баҕарара. Аҕыйах сыллааҕыта Дугуйдаан Винокуровы ыраах айаҥҥа атаа­ран баран, сайыһа хаалыаҕыттан, бу санаата өссө күүһүрбүтэ. Онон биэнси­йэҕэ тахсан баран, улахан хаһаа­йыстыбатын, күһүҥҥү түбүгүн, дьиэ кэргэнин хаалларан, бу ыра санаатын толорорго санаммыта. Дьэ, чахчы, уонна хаһан?

Күһүнү батыһа айан­наан иһэн, Арамаан айылҕа, сир-дойду уларыйыытын сонургуур хараҕынан көрөн, айан күчүмэҕэйдэрин туһунан сахалыы толкуйдарын видеоҕа устан, телеграм-ханаалга таһаа­ран испитэ. Кини хараҕынан көрөн, дьон дацаннарга, түмэллэргэ, улахан куораттарга, улуу күөллэргэ, ха­­йаларга, кэрэ-бэлиэ сирдэргэ сылдьыбыт курдук сананна.

«Массыынаҕа таһаҕаһы, аһы, оту тиэнэ сылдьыбакка, суол тугу тосхойорунан айанныыр санааҕа да астык», — дэһэл­лэр айанньыттар.

Бырааттыы норуокка – бүрээттэргэ

Бокуруоп саҕана  өбү­гэлэрбит олорбут сирдэригэр — Байкалга тиийбиттэрэ. Бурятияҕа тиийээттэрин кытта, кинилэр тустарынан сурах тарҕанан, «этэрбэс араа­дыйата» үлэлээн, хас сэлиэнньэ аайы бүрээттэр олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Суолунан баран истэхтэринэ, күҥҥэ сүүрбэччэ массыына тохтоон, кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэллэрэ.  Бүрээттэр бу саха сэмэй дьонун «дьоруойдар» дииллэр, суол ыараханын бэркэ билэллэр, саха аттарын тулуурдарын сөҕөллөр.

Сахули бөһүөлэгэр баһылык Бальжинима Занданов олус үчүгэйдик көрсөн, аһатан-сиэтэн, хоннорон, аттарыгар эбиэс булан, бэркэ көмөлөспүтэ. Кини салгыы билэр дьонугар этэн, ыйан биэрэн, хас дэриэбинэ аайы күндү ыалдьыт курдук көрсөллөрө.

Хаартысканы Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков тиксэрдилэр
Хаартысканы Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков тиксэрдилэр
Хаартысканы Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков тиксэрдилэр
Хаартысканы Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков тиксэрдилэр
Хаартысканы Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков тиксэрдилэр

Баргузин сэлиэнньэтигэр РФ үтүөлээх учуутала, Бурятия национальнай успуор­дун көрүҥнэригэр федерация вице-бэрэсидьиэнэ Андрей Дондуповка хоммуттара.

Андрей Ракшаевич дьиэтигэр түһэрэн, бүрээт норуотун бүлүүдэлэринэн күндүлээн баран, өссө айан дьонугар олус наадалаах тиэрмэһи бэлэхтээбитэ. Роман Октавианович кэргэнэ өрбүт кыл паннотун, тымырдаайытын утары ууммута. Онон икки бырааттыы норуот чулуу уолаттара илии тутуһан, хардарыта махтанан, өссө да көрсүөх буолан арахсыбыттара.

Салгыы «Баргуджин Токум» туристическай киин (сал. Баир Будаев) 5 сулустаах гостиницатыгар босхо түһэрэн, сынньаппыттара. Оронгойга уолаттары успуорт төрүт көрүҥнэригэр үөрэтэр лааҕырга (сал. Нима Батуев) түспүттэрэ. Манна оҕолору аты миинэргэ, тустууга, сүөһү уҥуоҕун тоһутар национальнай көрүҥҥэ, о.д.а. олус үчүгэйдик үөрэтэллэрин сөхпүттэрэ. Хапсаҕайдаһан, Роман кыайбыта, онон саха аатын түһэн биэрбэтэҕэ.

Ытык Байкал күөлгэ кии­рэллэригэр, анаан алаадьы­лаан, сахалыы сиэри-туому толорон, сүгүрүйбүттэрэ. Аттарын улуу эбэҕэ уулатан баран, салгыы күөлү кыйа Улан-Удэ куоракка айаннаабыттара.

Тэрэппиин атыыһыт суолунан

Кяхтаҕа кинилэри хаһаак атамаана Виктор Цырепов көрсүбүтэ.

Кяхта (бүрээттии Хяагта хото) — Кяхтинскай оро­йуон киинэ, 18 тыһыынча киһи олорор кыра куорат. 1727 сыл­лаахха төрүттэммитэ. Монголия кыраныыссатыгар турар буолан, судаарыс­тыбаннай суолталаах. Манан Монголияҕа, Кытайга тиийэр суол ааһар.

19-с, 20-с үйэлэргэ Арассыыйа уонна Кытай атыытын-эргиэнин киинэ буол­бута. Манна Саха сириттэн тиийэ түүлээҕи, арыыны аҕалан атыылыыллара. Кытайдар сүрүннээн чэйи, солко таҥаһы, фарфор иһити аҕалаллара. Онон Кяхта бүтүн Арассыыйаны уонна Арҕаа Европаны чэйинэн хааччыйара.

Ол да иһин Сунтаартан меценат Трофим Павлов-Тэрэппиин атыыһыт атынан айан бөҕөтүн айаннаан, таһаҕас аҕалар уонна атыылаһан барар, Кытайы кытта сибээһи тутар эбит. Биһиги айанньыттарбыт аныгы кэмҥэ кини суолунан толору айаннаатылар, сыалларын ситистилэр.

Чыҥыс Хаан дойдутугар

Сэтинньи 11 күнүгэр Улан-Батор куоракка тиийбиттэрэ. Сылгылары Монголияҕа киллэрэргэ элбэх докумуон ирдэнэр эбит, маны оҥорторорго бириэмэ бөҕө барар диэн, аттарын хаалларарга күһэллибиттэрэ. Хата, Кяхта куоракка көрөр-истэр киһини булан, хаалларбыттара. Бэйэлэрэ массыынанан Монголия киин куората Улан-Баторга тии­йэн, Чингисхан өйдөбүнньүгэр, түмэлигэр сылдьан, кэрэ-бэлиэ сирдэринэн күүлэйдээбиттэрэ.

Хаартысканы Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков тиксэрдилэр

Кинилэри Бурятиятааҕы доҕотторо массыынанан илдьэ сылдьыбыттара. Киэҥ кэйээр улуу дуолугар быыһа суох үгүс сүөһү, сылгы, бараан үөрэ мэччийэ сылдьарын көрөн, сөрү диэн сөхпүттэрэ. Монголия этинэн-үүтүнэн бэйэтин хааччынар эрэ буолбатах, тас дойдуларга эмиэ таһаарар эбит.

Билигин кинилэр төттөрү аттарын тиэйэн кэлээри, массыына кэтэһэ сылдьаллар. 4 аты тиэйэргэ 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ ирдэнэр, ол харчыны хомуйаллар.

Сунтаар улууһун баһылыга А.В. Григорьев көмөлөһүөх буол­ла.

“Сыалбытын ситистибит”

Роман Попову кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттыбыт.

– Атынан айаны эдэр эрдэхпиттэн сэргиибин. Хадан уонна аттынааҕы нэһилиэктэр сирдэринэн, быысаһар улуустар кыраныыссаларыгар улахан күөллэри, кэрэ сирдэри көрөөрү атынан айанныыр­бын сөбүлүүбүн. Ол билбит сирдэрбин көрдөрөөрү, былырыын нэһилиэгим 125 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, эдэр дьоҥҥо аттаах похуоту тэрийбитим. “Хадан нэһилиэгэ үс улууһу ситимниир” диэн киинэ устан, нэһилиэкпэр бэлэх оҥорбутум.

Быйылгы айаммытын “Төрүттэрбит суолунан” диэн бырайыактаан, улууспутугар Аҕам саастаахтар сылларын биллэрбиттэринэн, Бодойбоҕо таһаҕас таспыт, бириис­кэлэргэ оҕус үүрбүт урукку көлүөнэ дьоҥҥо анаан, төрүттэрбит олорбут улуу эбэлэригэр – Байкалга сүгүрүйэн ааһан, Монголия кыраныыссатыгар Кяхтаҕа, Улуу Солко суолугар тиийэр саха атыыһыттарын суолларын сөргүтүү этэ. Ону барытын күннээҕинэн киинэҕэ устан, бар дьоҥҥо көрдөрөр сыаллаах айаннаатыбыт. Сыалбытын ситистибит дии саныыбын.

Салгыы улуу Чыҥыс Хаан дойдутугар атынан тахсар былааннаах этибит, онтубут кэккэ төрүөтүнэн кыаллыбата, ол оннугар массыынанан тахсан, Монголияны киинэҕэ устан, дьоҥҥо көрдөрдүбүт.

Бэйэм санаабар, дьон айаны сэргээтилэр, тоҕо диэтэххэ, былыр өбүгэлэрбит атынан сылдьыбыттарын курдук ба­­лааккаҕа, үүтээҥҥэ хонон, иннибитигэр туох баарын сэрэйэн эрэ билэн, аара олохтоох дьоннуун  хонон-өрөөн сэһэргэһэн, олохторун-дьаһахтарын билсэн, видео  көмөтүнэн тыһыынчанан киһиэхэ билиһиннэрэн, барыларын кытта бииргэ айаннаабыппытыттан астынным. Биһигини бу айаҥҥа айылҕа кэрэ көстүүлэрэ, дьон үтүө санаата кэрэхсэттэ.

Аттары төттөрү массыынанан илдьээри күүтэбит, туруктара үчүгэй, саха ата тулуурдааҕын атын омуктарга көрдөрдүлэр. Биир нэдиэлэ сынньанаары, көстө-биллэ төлөһүйдүлэр, ырбыттара ааста. Саха ата ити курдук түргэнник чөлүгэр түһэр, күүс-сэниэ мунньунар. Саха сиригэр күһүҥҥү, кыһыҥҥы үлэ, үгүс түбүк кэтэһэр.

“Саха норуота киэн туттар кыахтаах”

Нима Батуев, эмчит, уһуйааччы:

Бу айан дириҥ суолтатын тута өйдүү охсор уустук. Ол эрээри, кинилэр үгүс киһи кыайбат дьыалатын оҥордулар. Ыра санаа уонна ол туолуутун икки ардыгар дьайыы баар! Кинилэр бу дьайыыны оҥордулар уонна ыра санаа туолар кыахтааҕын көрдөрдүлэр. Киһи аһыыр-таҥнар эрэ туһугар олорбот, ыра санаа диэн эмиэ баар. Дьон саҥатыттан иҥнибэккэ, күннээҕи түбүккэ баттаппакка, ыраланыҥ уонна ону толорорго дьулуһуҥ! Оҕолорбутугар дьолу баҕарар буоллахпытына, бастаан бэйэбит дьоллоох буолуохтаахпыт. “Хаһан эрэ, кэлин” буолбатах, бүгүн, билигин!

Айанньыттар суолларыгар көрсүбүт дьонноро тоҕо бары көмөлөспүттэрэ буолуой? Тоҕо диэтэр, бу үгүс дьон ыра са­­наата буолар. Ким айанныан баҕарбатый? Төһө да уустук, ыарахан буоллар, үгүстэр ыра санаабытын бу икки киһи толоро сылдьар. Кинилэр өйдөрүнэн буолбакка, сүрэхтэрэ тугу этэринэн сылдьаллар, ыраас, сырдык санаалаахтар. Ол иһин суолга эмиэ оннук дьону көрсөллөр.

Айаны хорсуннар сөбүлүүллэр, оттон суол ыраас, сырдык дьону таптыыр. Саха норуота бу хорсун уолаттарынан киэн туттуон сөп. Оттон биһиэхэ, бүрээттэргэ, кинилэр номнуо чугас дьон буоллулар. Дойдуларыгар төннөллөрүгэр көмө наада буоллаҕына, көмөлөһүөхпүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

5 часов ago