Саха сирэ: нэдиэлэ түмүктэрэ

Share

Балаҕан ыйын 11-16 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ буолбут интэриэһинэй түгэннэри, тэрээһиннэри түмэн таһаарабыт. 

Ол курдук Саха сиригэр Ил Дархан быыбарын түмүктэрин таһаардылар. Ил Дархан дуоһунаһыгар түөрт хандьыдаат турбутуттан, куоластаабыт киһитин ахсаанынан олох ырааҕынан хаалларан, Саха сирин олохтоохторун итэҕэллэрин ылан, кыайыыны Айсен Николаев ситистэ. Куолаһы тиһэх ааҕыы  түмүгүнэн, Айсен Николаев 75,77%, Виктор Губарев – 10,41%, Гаврил Парахин – 5,69%, Игорь Борисов – 5,20% куолаһы ыллылар.

Владивосток куоракка ыытыллыбыт Илиҥҥи  экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Саха сирэ  үс күн иһигэр 100 млрд солк. суумалаах 30-ча инвестиционнай бырайыакка илии баттастылар. Быйыл бырайыактар хайысхалара киэҥ – норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһииттэн саҕалаан бырамыысыланнай эбийиэктэргэ, ты­­рааныспарга, сибээскэ, олорор дьиэни тутууга тиийэ. Ол иһигэр Дьокуускайга саҥа кыбартааллары  тутуу  туһунан олус дьоһуннаах бырайыактары кэпсэттилэр. «Спортивнай», «Звезднай» түөлбэлэр бырайыактарын үбүлээһинигэр уонна Өрүс пуордун оройуонугар саҥа микро-оройуон тутуутугар сөбүлэһиилэр түһэрсилиннилэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх кыһаларыгар  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 162 оҕолоро ураты усулуобуйанан үөрэххэ киирдилэр.  Ол курдук, 89 оҕо орто анал, 73 оҕо үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирдилэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан 12 киһи устудьуон буолла. Кинилэртэн 3 киһи орто анал, 9 киһи үрдүк үөрэххэ киирдилэр. Онтон байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро уруккуттан  үөрэнэ сылдьар буоллахтарына, кинилэри тус сыаллаах үөрэххэ көһөрөллөр, үрдэтиллибит истипиэндьийэни аныыллар.

Кэлэр нэдиэлэ саҥатыттан  Дьокуускай киин болуоссатын саҥардыы үлэтэ саҕаланыаҕа. Ленин болуоссатын көҕөрдүүгэ, дьон сылдьар тротуардарын саҥардыыга улахан үлэ барыаҕа. 13 миэтэрэлээх сэргэлэри туруоруохтара. Киров уонна Аммосов уулуссаларын диэки сынньалаҥ зонатынан буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago