Саха сирэ оҕо төрөөһүнүнэн Арассыыйаҕа тохсус-онус миэстэҕэ турар

Share

Тэлэбиисэринэн биэриигэ ыытааччы: “Сэтинньи түмүгүнэн Саха сирэ оҕо төрөөһүнүнэн Уһук Илиҥҥэ рекорду олохтоото, манна туох миэрэ көмөлөстө?” – диэн Ил Дархантан ыйытта.

Тустаах ыйытыыга Айсен Николаев бу кэккэ уратылааҕын аһаҕастык этэр оруннааҕын ыйда. “Биһиги, хомойуох иһин, оҕо төрөөһүнэ эбиллэ турар диэн этэр кыахпыт суох. Биһиэхэ, дойдуга курдук эмиэ оҕо төрөөһүнэ намтаан иһэр. Ону кытта төрөөһүн таһыма балачча үрдүк таһымҥа турар. Билигин оҕо төрөөһүнүнэн дойдуга тохсус-онус миэстэҕэ, Уһук Илин уокурукка бигэтик бастакы сылдьабыт. Нэһилиэнньэ эбиллиитинэн Уһук Илиҥҥэ уонна дойдуга ахсыс миэстэҕэ турабыт.

2020 сылтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаана эбиллэн иһэрэ үөрдэр. Бу сылларга үс тыһыынчаттан тахса ыалынан эбилиннэ, бу 10 %  чугаһыыр” – диэн иһитиннэрдэ.

Бу элбэх оҕолоох ыалы өйөөһүн чахчы үлэлиирин туоһутунан буоларын ыйар. Маныаха ийэни, оҕону кытта  сибээстээх, дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһөр араас социальнай төлөбүрдэр көрүллэллэрин, федеральнай бүддьүөтү кытта өрөспүүбүлүкэттэн 29,5 млдр. тыырылларын эттэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

38 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

57 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago