sakha.gov.ru
Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорум иитинэн, бэс ыйын 15 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна «Промсвязьбанк» ПАУо бииргэ үлэлээһиҥҥэ икки өрүттээх сөбүлэһии түһэристилэр. Сөбүлэһиигэ «Промсвязьбанк» бэрэссэдээтэлэ Петр Фрадков уонна Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаатылар.
Өрөспүүбүлүкэ социальнай суолталаах бырайыактарыгар уонна урбааны сайыннарыы бырагырааматыгар баантан өйөбүл ылыаҕа. Бииргэ үлэлээһин урбаан салаатыгар кирэдьииттээһин, Саха сирин олохтоохторугар ипотеканы биэриигэ, олорор дьиэнэн хааччыйыыга, тутууга федеральнай бырагыраамалары олоххо киллэриини кытары сибээстээх.
«Бүгүн түһэриллибит сөбүлэһии федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бырагыраамалары олоххо киллэриигэ төһүү күүһүнэн буолуоҕа. Биисинэскэ уонна олохтоохторго үбүнэн көмөнү оҥорууга өйөбүл буолуоҕа», – диэтэ Айсен Николаев.
Сииттэҕэ "Үтүө санаа харыйата" сылын аайы ыытыллар. Кэнники кэмнэ олохтоохтор олус көхтөөхтүк кыттар буоллулар. Киирбит…
Бэрдьигэстээххэ 2025 сылы түмүктүүр "Бастыҥнар түһүлгэлэрэ" тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Үрдүктэн үрдүгү баһылааһын, сулустарга…
2026 сыл Уот кыһыл ат сыла буоларынан уонна улууспутугар ыытыллар Олонхо сылынан Сииттэ олохтоохторугар ураты,…
Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…
Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…
Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…