Саха сирэ «Прорыв года» номинация кыайыылааҕынан буолла
10.12.2025, 11:46
Айсен Николаев МАХ ханаалыттан.
Бөлөххө киир:
Саха сирэ «Бессмертный полк России» Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын пуорумугар «Прорыв года» диэн номинацияҕа кыайыылаах таҕыста. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев МАХ ханаалыгар иһитиннэрдэ.
«Биһиэхэ бу олус улахан суолталаах, Улуу Кыайыыны үйэтитиигэ биһиги барыбыт үлэтин билинии буолар. Бу — тыһыынчанан киһи сыратын түмүгэ.
Быйыл сэлэлээн хаамыыга 50 тыһыынчаттан тахса олохтоох дьон чугас дьонун мэтириэттэрин тутан хаампыта. Бу хаамыы көлүөнэлэр көрсүһүүлэринэн буолла — оҕолору кытта төрөппүттэр, бэтэрээннэр хаамтылар. Бу маннык көлүөнэлэр алтыһыыларыттан, биир уопсастыба буолууларыттан дойдубут түмсүүлээх буолар. Хаамыыны тэрийбит уонна кыттыбыт дьоҥҥо махтанабын», — диэн Ил Дархан суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: