Салгыы
Саха сирэ — саамай креативнай эрэгийиэн

Саха сирэ — саамай креативнай эрэгийиэн

Ааптар:
02.12.2022, 07:39
Бөлөххө киир:

Сергей Собянин  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Russian Creative Awards  «Сыл саамай креативнай эрэгийиэнэ» бириэмийэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Бириэмийэни туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ Москваҕа  «Зарядье» кэнсиэртиир саалаҕа буолла.

Москва мэрэ Собянин бириэмийэ туттарарыгар дойду киин куората былырыын саамай креативнай эрэгийиэн буолбутун бэлиэтээн эттэ. «Бу сылга эмиэ креативнай эрэгийиэн бириэмийэни ыларга сыал-сорук туруоруммут. Ол гынан баран  туһааннаах бириэмийэ биэс сылга биирдэ эрэ туттарыллар эбит»,- диэн эбэн эттэ.

Саха сирэ саамай креативнай эрэгийиэн аатын ылыыга  Красноярскай кыраайы, Татарстаны,  Нижегородской уонна  Тюменскай уобаластары кытта күрэстэспитэ.

Ил Дархан Айсен Николаев:

«Бу өрөспүүбүлүкэ кыайыыта.Креативнай экэниэмикэни сайыннарыыга дьоһун кылааттарын киллэрбит дьон кыайыылара буолар. Биһиги дэгиттэр талааннаах, айар дьоҕурдаах дьоннордоохпут. Кинилэр Саха сирэ сайдарыгар бары күүстэрин ууран туран  үлэлииллэр»,- диэн телеграмҥа суруйда. 

Былырыын Russian Creative Awards бириэмийэ кыайыылаахтарын туттарыы сиэрэ-туома ахсынньы 18 күнүгэр ыытыллыбыта.  72 эрэгийиэнтэн 3 тыһыынча кэриҥэ сайаапка киирбитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: