Саха сирэ, Сахалин, Камчатка Уһук Илин уокуругар уһун үйэлээхтэринэн үрдүк көрдөрүүлээхтэр
Этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн ким баҕарбат буолуой?
Дьэ доҕоттор, үөрэн сэгэс гына түһүөхпүт иһин, Саха сирэ, Сахалин уонна Камчатка Уһук Илин уокуругар уһун үйэлээхтэрбит ахсааннара элбээһининэн инники күөҥҥэ киирбиппит!
Күөйэ түһэн эттэххэ, Благовещенскайга «Демографическое развитие Дальнего Востока и Арктики» диэн Бүтүн Арассыыйтааҕы кэмпириэнсийэ ахсыс төгүлүн ыытыллар.
Демографическай кэмпириэнсийэ РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан бигэргэтиллэн, Уһук Илин демографическай бэлиитикэтин Кэнсиэпсийэтигэр сөп түбэһэн сыл ахсын ыытыллар.
Благовещенскайга тэрийээччилэринэн Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ, Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы Корпорацията уонна Амур уобалаһын бырабыыталыстыбата буолаллар.
Бу туһунан сиһилии манна киирэн ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: