Национальнай бырайыактар Саха сиригэр дьон олоҕун-дьаһаҕын таһымын үрдэтиигэ, олорор усулуобуйатын тэрийиигэ, ону тэҥэ хас биирдии киһи талаанын билинэн, арыйарыгар туһуланаллар.
Ол курдук Саха сиригэр уопсайа 15 национальнай бырайыак үлэлиир. Онно эбии өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалар бааллар. Саамай элбэх үбү эрэйэр национальнай бырайыактарынан «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ», «Доруобуйа харыстабыла», «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар», «Демография», «Үөрэхтээһин» буолаллар.
Онуоха өрөспүүбүлүкэ салалтата сөптөөх бэлиитикэни ыытара эмиэ улахан оруоллаах. Мээнэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев «Национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ тус сыаллаах көрдөрүүлэри ситиһэр инниттэн көдьүүстээх салайыы ирдэнэр» диэн эппэтэх буолуохтаах.
Бу күннэргэ суруналыыстар Дьокуускай куорат иһигэр национальнай бырайыактарынан тутулла турар эбийиэктэри кэрийэн, эт кулгаахпытынан иһиттибит, илэ харахпытынан көрдүбүт.
Ил Дархан Айсен Николаев: «Национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ тус сыаллаах көрдөрүүлэри ситиһэр инниттэн көдьүүстээх салайыы ирдэнэр ДТК (ДСК) оскуолата – сайдыы киинэ.
Дьокуускай куорат ДТК (ДСК) түөлбэтигэр, 153-с кыбаарталга, Иван Кульбертинов аатынан уулуссаҕа 990 миэстэлээх оскуола эмиэ «Үөрэхтээһин» нацбырайыагынан тутулла турар. Тутуу 2022 с. саҕаламмыта, сүрүн бэдэрээтчит «РФА-Инвест» Инвестиционнай-үп хампаанньата» АУо буолар. Оскуола быйыл күһүн, 4-с кыбаарталга үлэҕэ киириэхтээх.
Тутуу уопсай иэнэ 17 128,9 м2, бэлиэтээн эттэххэ, бу оскуола «Прометей» түөлбэтигэр баар оскуолаттан 4000 кв.м улахан. Бүгүҥҥү күҥҥэ эбийиэккэ 200 киһи үлэлии сылдьар. Тутуу 62% бэлэм диэххэ сөп. Бу нэдиэлэттэн иһинээҕи ааннары туруоруу, кырааскалааһын, линолеум тэлгээһин, о.д.а. үлэлэр саҕаланнылар. Аны күһүн сэтинньи 30 күнүгэр эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. Билиҥҥитэ кыраапыктан хойутааһын суох.
Оскуолаҕа доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго сөптөөх эйгэни тэрийиинэн, хас биирдии үөрэнэр кылааска биирдии миэстэҕэ кириэһилэ-кэлээскэ, киирэр ааҥҥа пандус, лифт баар буолуо. Оскуола тиэргэнигэр успуорт уонна оонньуур былаһаакка оҥоһуллуо, газон, от-мас олоруо. Уопсайа 3 этээстээх оскуолаҕа 33 кылааска 30-туу оҕо үөрэнэрэ былааннанар. 540 миэстэлээх остолобуой, мэдиссиинэ блога, икки успуорт саалата, 288 миэстэлээх аактабай саала, хореографическай саала, 90 миэстэлээх ааҕар сирдээх бибилэтиэкэ, 27 миэстэлээх информационнай-коммуникационнай технологиялары туһанан дьарыктаныы зоната, кинигэни харайар сир, уолаттарга уонна кыргыттарга тус-туһунан үлэ уруогун мастарыскыайа, рекреация хоһо, коворкинг-киин, кыһыҥҥы саад, интерактивнай түмэл, IT-технология кэбиниэтэ, алын кылаастарга оонньуур кэбиниэт, о.д.а. баар буолуохтара. Аныгы оскуола үөрэҕирии, иитии-үөрэтии киининэн буолуоҕа.
Бу эбийиэк «Үөрэхтээһин» нацбырайыак чэрчитинэн «Аныгы оскуола» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан тутулла турар. Интэринээт-оскуола уопсай иэнэ 6 439,69 м2: үөрэнэр куорпуһа – 4 555,09 м2, интэринээтэ – 1 884,60 м2.
3 этээстээх оскуола 200 оҕо үөрэнэригэр, интэринээт 125 оҕо олороругар аналлаах. Оскуола-интэринээт Ш буукуба быһыылаах, тиэргэнигэр байыаннай-спортивнай бэлэмнэниигэ сөптөөх былаһааккалаах, эргиччи сүүрэр суоллаах, футболлуур хонуулаах, баскетболлуур, волейболлуур, араас оонньуулары ыытар былаһааккалардаах, сынньанар сирдээх буолуоҕа. Үөрэтэр куорпуһугар 20-лии оҕо үөрэнэр 5 кэбиниэт, химия, биология, физика лабораториялара, лаборантскайдаах информатика 2 кэбиниэтэ, лингафоннай 2 хос, ааҕар саалалаах бибилэтиэкэ, 120 миэстэлээх аактовай, успуорт саала, 3 симиэнэнэн 92 киһи биирдэ олорон аһыырыгар остолобуой, маһынан, тимиринэн уһанарга мастарыскыай, автодьыалаҕа, муусукаҕа, уруһуйга уһуйарга анал кэбиниэттэр бааллар. Бырайыак быһыытынан 2-с уонна 3-с этээстэргэ линиэйкэлэри ыытарга уонна тус састаабы кэккэлэтэн туруорарга аналлаах киэҥ-куоҥ холл оҥоһулла сылдьар.
Оттон интэринээтигэр бастакы этээскэ медпуун, 4 куруһуогу ыытар кэбиниэт, видеонан кэтээн көрөр оборудованиелаах дьуһуурунай баахта хоһо, иитиллээчилэр тус малларын харайар, сынньанар уонна уйулҕаны сынньатар хостор, сэбиэдиссэй кэбиниэтэ, таҥаһы сууйар, куурдар, өтүүктүүр сирдэр, о.д.а. оҥоһуллуохтара. 2-с этээскэ 4-түү оҕо утуйар хосторо, дьуһуурунай баспытаатал хоһо, душ, туалет, 3-с этээскэ эмиэ 4-түү, 5-тии миэстэлээх утуйар хостор, туалет, душ оҥоһулла сылдьаллар.
Бу оскуолаҕа маарынныыр оскуола Уһук Илин суох, ураты оҥоһуулаах, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир оскуола буолар.
«Умнас» суолу саҥардан оҥоруу «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан ыытыллар. Манна үлэ сүрүннээн кыраапык быһыытынан баран иһэр. Суол тутуутун үлэтэ быйыл сайын бүтэн, эбийиэк балаҕан ыйыгар туттарыллыахтаах. Билиҥҥитэ суол учаастагын 11-с-12-с км үрүт араҥатын ууруу үлэтэ бүттэ – I мааркалаах хайыр таастан уулларан, сылаас сымалаҕа булкуйан, 13 см халыҥнаах гына бетоннаах аспаал суола кутуллуоҕа. Ол кэнниттэн, тыраасса бүтүүтүттэн саҕалаан, 5 см халыҥнаах бытархай бетонунан аспаал кутуохпут. Ону сэргэ тротуардары оҥоруу, бордюр таастарын таҥыы, сырдатар остуолбалары, о.д.а. оҥоһуллуо.
«Умнас» айан суолун саҥардан оҥоруу кэнниттэн 11+868– 20+000 км учаастакка түөрт балаһалаах суол ситэриллиэ, онно тырааныспар куттала суох сырыытын хааччыйар уонна тыаһы намыратар тимир истиэнэлэр, ыйынньыктар оҥоһуллуохтара, суол бэлиэлэрэ туруохтара, светофордар ыйаныахтара, сырдатар лаампалар уонна тротуардар оҥоһуллуохтара. Икки сыллааҕыта аспаалы уурар аныгы тиэхиньикэни ыланнар үлэ тэтимнэммит. Үлэ кэминэн баран иһэр, хаалыы суох, аны күһүн эбийиэги болдьоҕор туттарар былааннаахтар.
Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…