Саха сирэ сайдыы суолунан эрэллээхтик хардыылыыр
Саха сирэ кэнники сылларга аан дойду кириисиһигэр да, арҕаа дойдулар сааҥсыйаларыгар да кыһарыйтарбакка балысханнык сайдар.
Биэс сыл иһигэр инвестиционнай килиимэт туругунан дойду бары эрэгийиэннэрин ортолоругар Национальнай рейтиҥҥэ 52-с миэстэттэн 13-с миэстэҕэ тахсыбыта. Бу мээнэ сыыппаралар буолбатахтар: билигин Арассыыйа бу саамай улахан эрэгийиэнэ бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы үүнүүтүнэн да, дьиэ кэргэн дохуотун үрдээһининэн да инники күөҥҥэ таҕыста. Билиҥҥи кэмҥэ Саха сирэ Арассыыйа экэниэмикэтэ туруктаах сайдыытын тирэҕинэн буолар.
Ааспыт сыл түмүгэ
2023 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ эрэгийиэннээҕи баалабай бородууктаны оҥоруута 2,3 трлн солк. тэҥнэспитэ, үрдээһинэ 3,5% буолбута. Кэнники биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ гааһы уонна ньиэби хостооһун көрдөрүүтэ биллэрдик үрдээтэ. Ааспыт сыл бүтэһик ыйдарыгар гааһы хостооһун 2022 сыллааҕар 13,1% үрдээбитэ бэлиэтэммитэ. Оттон алмааһы, таас чоҕу уонна көмүһү хостооһун бигэ туруктааҕа бигэргэммитэ.
Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин экэниэмикэтэ туруктаах буолан, билиҥҥи уустук кэмҥэ дойду экэниэмикэтин тирэҕинэн буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Кэнники сылларга Уһук Илини уонна Арктиканы кэлимник сайыннарыы балысханнык барарыгар үлүгэрдээх үлэ баран эрэр.
Сыл аҥаарыгар – үүнүү
2024 сыл аҥаарыгар тас дойдулар хааччахтааһыннарын, сааҥсыйаларын аахсыбакка, өрөспүүбүлүкэ эрэгийиэннээҕи валовай бородууктатын (ВРП) кээмэйэ ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ, 6,3% үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Мантан салгыы сыл аҥаарынааҕы көрдөрүүнү ырытыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экэниэмикэҕэ министиэристибэтин биэс-алта ыйдааҕы дааннайынан оҥоһулунна.
Быйылгы сыл тохсунньу-ыам ыйдарын ылан көрдөххө, оҥорон таһаарыы индексэ – 110,0% тэҥнэстэ. 2023 сылга бу кэмҥэ 100,8% буолбута. Экэниэмикэни хамсатар бары салааларга үрдээһин бэлиэтэнэр.
Таас уонна бороҥ чоҕу хостооһун 136,9% (16 342,2 тыһ. туонна) тэҥнэһэн ааспыт сыл бу ыйынааҕы көрдөрүүттэн 2,4 төгүл (10 672,6 тыһ. туонна) үрдээбитэ бэлиэтэннэ. Бу үрдээһини чуолаан Элгэтээҕи чохтоох сир байытар фабрикалара биэрдилэр.
Ааспыт сыл бастакы аҥаарын кытары тэҥнээтэххэ, айылҕа гааһын хостооһун Чайыҥдатааҕы баайдаах сиргэ айылҕа гааһын хостооһун кээмэйин улаатыннарыы суотугар 7,6%, көмүһү хостооһун 14,3% улааппыт.
Инвестиция
2030 сылга диэри 4 трлн солкуобайтан тахсалаах инвестициялааһын бырайыактарын олоххо киирэллэрэ былааннанар. 2023 сылга хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх – 739 млрд солкуобай кэриҥнээх инвестиция оҥоһуллубута. Инвестиция үксэ олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга туһуланыахтаах.
2024 сыл бастакы аҥаарыгар сүрүн хапытаалга инвестиция кээмэйэ 117,4 млрд солк. тэҥнэспит, ол эбэтэр ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ 19,5% үрдүк. Инвестиция үрдээһинэ ньиэп уонна гаас бөдөҥ хампаанньаларын («Газпром Инвест» ХЭУо, «Сургутнефтегаз» ААУо, «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» ХЭУо, о.д.а.), ол иһигэр Ленскэй оройуонугар ньиэп-гаас баайдаах сири баһылааһыҥҥа инвестиционнай бырайыактара уонна Нерюнгритааҕы чоҕу хостуур хампаанньалар уонна Саха сирин илин өттүгэр үрүҥ уонна кыһыл көмүһү хостооһун бырайыактара олоххо киириилэрин кытары сибээстээх.
Ааспыт сылтан инвестицияны тардан Хаҥалас, Нам уонна Мииринэй улуустарыгар урутаан сайдыы территориятын тэрийии саҕаламмыта. Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, маннык 15-тэн итэҕэһэ суох территорияны тэрийэн олохтоох табаары оҥорон таһаарыынан уонна өҥөнү оҥоруунан хааччыйыы соруга турар.
Тыа хаһаайыстыбата
2024 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 15 млрд солкуобай тыырыллыбыта. Үбүлээһини, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, өссө 500 мөл. солкуобай улаатыннарбыттара. Бу үп-харчы тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылары өйүүргэ туһуламмыта.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы ааспыт сыл бастакы аҥаарын кытары тэҥнээтэххэ, 1,3% түспүт. Кыра түһүү үүтү оҥорон таһаарыыга уонна сабыылаах сиргэ оҕуруот аһын үүннэрии кээмэйэ намтаабытынан быһаарыллар.
Быйылгы сыл аҥаарыгар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыта маннык буолбут: сылгыттан-сүөһүттэн уонна дьиэ көтөрүттэн – 2 430 туонна (ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ – 109,5%), үүт ас – 35,0 тыһ. туонна (97,5%), сымыыт – 71,5 мөл. устуука (100,6%) бородууксуйата оҥоһулунна.
Үлэлээх буолуу
Үлэтэ суох буолуу таһыма үлэлиир кыахтаах дьон ахсааныттан 5,3% намтаата. Үлэтэ суох дьон уопсай ахсаана 2,0 тыһ. киһинэн аҕыйаабыт уонна учуокка турааччыта 27,7 тыһ. киһи буолбут.
Саха сиригэр үлэлиир киһи ахсаана сыл аҥаарыгар 519,5 тыһыынча киһи буолбут, ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ, 3,2 тыһыынча киһинэн эбиллибит. Оттон экэниэмикэ салааларыгар үлэлээччитэ 5,3 тыһыынча киһинэн эбиллэн, 491,9 тыһыынчаҕа тэҥнэспит.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысыланнас сайдыытын уонна олох-дьаһах тиһигэр саха киһитэ урут истибэтэх-көрбөтөх араас идэлэригэр бэлэмнээһин барар. Ол курдук быйылгыттан интеллектуальнай интегрированнай систиэмэлэр, тэхэньиичэскэй эксплуатация уонна робот оҥорон таһаарыытын хааччыйыы, бырамыысыланнай оборудованиелары таҥыы, тиэхиньиичэскэй хааччыйыы, өрөмүөн, гидравлическай уонна пневматическай оборудованиены таҥыы, о.д.а. идэлээх исписэлиистэри үөрэтии саҕаланыаҕа. Онон Саха сирэ аныгы олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсар хайысханы тутуһан инники хардыылыыр.
Быйыл хамнас үрдээтэ
Үлэлиир дьон орто хамнаһын кээмэйэ сыл аҥаарыгар ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ 15,7% үрдээн 114 698,3 солкуобайга тиийбит. Манна өрөспүүбүлүкэ үлэлиир дьонун ахсаанын бүтүннүүтүн уонна бары эйгэҕэ ааҕыллар хамнаһы тэҥнээһин орто көрдөрүүтүн ылаллар. Онон үрдээһин сүрүннээн сир аннынааҕы баайы хостуур тэрилтэлэр үлэһиттэрин, ол аата бырамыысыланнаска үлэлээччилэр (16,4 %-н), тутааччылар (16,3 %-н) уонна үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрин (13,1 %-н) суотугар буолла.
Оттон дьиҥнээх хамнас 8,1% бэлиэтэнэр. Кыралаан да буоллар, дойду үрдүнэн хамнас улаатар, биэнсийэ, атын даҕаны социальнай төлөбүрдэр кэнники үрдүүллэр. Нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар араас өрүттээх көмө, өйөбүл оҥоһуллар.
2024 с. тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) 18,5% улаатан 19 242 солк. буолбута. Оттон Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ оройуоннааҕы коэффициеннары уонна хотугу эбиликтэри учуоттаан туран үрдээбитэ. Сахастат ааспыт сыллааҕы дааннайынан, улуустарынан үрдүк орто хамнас алын кээмэйэ Анаабыр улууһугар бэлиэтэммитэ суруллар. Саха сирин муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын ортолоругар үрдүк орто хамнастаах бырамыысыланнай улуустарынан буолаллар: Анаабыр улууһа – 173 тыһ. солк., Өймөкөөн улууһа – 156 тыһ. солк., Мииринэй улууһа – 151,7 тыһ. солк.
Тутуу
Кэнники өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тутуу киэҥ хабааннаахтык барар. Сыл аайы олус элбэх социальнай эбийиэк, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуллан үлэҕэ киирэр. Илин Уһук уокуругар чугаһынан тэҥэ суох аныгылыы оҥоһуулаах, хааччыллыылаах Кардиологическай киин, Онкология киинэ Дьокуускай куоракка тутуллан мэдиссиинэ сайдыытыгар улахан хардыы оҥоһулунна. Оттон хаарбах дьиэттэн саҥа толору хааччыллыылаах таас дьиэлэри тутан дьону көһөрүү бары улуустарга ыытыллар бэлиитикэ.
Ол курдук сыл аҥаарыгар тутууга хаалыы да таҕыстар, үлэ барар. Быйылгы сыл аҥаарыгар 315,8 тыһыынча кв.м олорор дьиэ үлэҕэ киирбит. Бу ааспыт сыл бу кэмнээҕи көрдөрүүтүттэн 42,3% улахан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: