Мария Васильева түһэриитэ (СИА)
Саха сиринээҕи Биир кэлим сүрүннүүр киин байыаннай дьайыыга «Сокол» квадроцикллары оҥорон тиэрдиини салгыы ыытыаҕа. Саха сиригэр оҥоһуллубут тустаах тиэхиньикэлэри байыаннайдар бэркэ туһаналлар. Ол туһунан бүгүн билигин буола турар «Прямой линия» бырагыраамаҕа Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
«Ростовка уонна саҥа сирдэргэ-уоттарга тирэх буолар пууннар баар буолуулара байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга олус наадалаах бородууксуйаны тиэрдиигэ улахан төһүүнэн буолаллар. «Сокол» квадроцикллары, дроннары, тепловизордары тиэрдии биһиги уолаттарбытыгар уонна байыаннай чаастарга улахан көмөнү оҥорор. Уолаттар олус бэрт тэриллэр дииллэр. Юрий Трутнев Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэригэр тустаах оҥорон таһаарыыны ыытарга болҕомтотун уурбута. Кини федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэн сакаас быһыытынан оҥоһуллуохтаахтарын ыйбыта. Онно биһиги квадроциклларбытын холобурдаабыта. Онон бородууксуйаны салгыы тиэрдии ыытыллыаҕа», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Санатар буоллахха, РФ Бэрэсидьиэнигэр Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев Дьокуускайга кэлэ сылдьан, «ЯКТ Сокол» хампаанньа оҥорбут квадроциклларын көрбүтэ уонна байыаннай дьайыыга маннык тиэхиньикэлэри элбэҕи оҥорон тиэрдэргэ сорудахтаабыта.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …