Саха сирэ сыыппара салаата сайдыытын көрдөрүүтүгэр – бастыҥнар ахсааннарыгар

Share

Дойду эрэгийиэннэрин цифровой трансформация салайааччыларын кытта мунньахха бииргэ үлэлээһин түмүгүн таһаардылар, 2030 сылга диэри кэскиллээх тосхоллору торумнаатылар.

«ЦИПР-2024» кэмпириэнсийэ чэрчитинэн ыытыллыбыт мунньаҕы РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Чернышенко ыытта.

Тэрээһиҥҥэ Саха сирэ уопсай көрдөрүүтэ бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьара бэлиэтэннэ — 80% үрдүк. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдэтээлин солбуйааччы Анатолий Семенов мунньах кыттыылаахтарыгар  Саха сиригэр сибээс инфраструктурата уонна ВОЛС сайдыытын билиһиннэрдэ. Оптоволокнону олоххо киллэрии тэтимнээхтик ыытыллар буолан,  ыраах сытар, суола-ииһэ эрэйдээх 380 нэһилиэк интэриниэккэ холбонуута – улахан ситиһии. РФ Бэрэсидьиэнэ  Владимир Путин көҕүлээбит «Экономика данных» саҥа национальнай бырайыагын чэрчитинэн бу үлэ салгыы ыытыллыаҕа.

Анатолий Семенов сотору кэминэн федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи таһымнаах айан суолларыгар олохтоохтор  суотабай сибээһинэн туһанар кыахтаныахтарын иһитиннэрдэ. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ араадьыйа сибээһэ муҥутуурдук сайдыаҕа. Бырайыак чэрчитинэн арктическай улуустар  уонна ыраах сытар хоту улуустар араадьыйаны истэр кыахтаныахтара. Ол курдук, геологтар, булчуттар, табаһыттар тыаҕа сылдьан, араадьыйаны холкутук истэ сылдьар буолуохтара.

Сиһилии дойду эрэгийиэннэрин цифровой трансформация салайааччыларын кытта мунньахха өссө ханнык кэскиллээх боппуруостары ырыппыттарын https://www.sakha.gov.ru/ билсиҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

4 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

4 часа ago