Кэнники 5 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ табаларын ахсаана 170 тыһыынча төбөҕө диэри элбээтэ. Манна «Аччыгый уонна орто урбаан» диэн бэрэсидьиэн бырайыагын чэрчитинэн, тыа хаһаайыстыбатыгар төрүт дьарыктаах дьону гранынан өйөбүл көмөлөөх буолла. Бу бырайыагы Владимир Путин 2019 сыллаахха көҕүлээбитэ.
2024 сылга 28 мөлүйүөн солкуобай «Эдэр табаһыт» бырагыраамаҕа ыытыллыаҕа. Бу бырагыраама 2020 сылтан үлэлиир. 35 сааһын туола илик табаһыт 4 сылтан итэҕэһэ суох бу эйгэҕэ үлэлиир буоллаҕына, 1 мөлүйүөн солкуобай бэриллэр. Бу кэнниттэн өссө 5 сыл табаһытынан үлэлиэхтээх. 2021 сылтан Саха сирин бары улуустарыгар үлэлиир. Бу көмөнү номнуо 50 киһи ылла.
Усуйаанаҕа «Таба-Яна» хаһаайыстыба 21 тыһыынча табалаах. Салайааччы Петр Томскай этэринэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хайысхатынан 138 мөлүйүөн солкуобайдаах көмөнү ылбыттар. Хаһаайыстыба атын улуустарга табалары атыылыыр, маны тэҥэ, икки буойунаны ылбыттар. Таба этиттэн, тириититтэн араас бородууксуйаны оҥорон таһаараллар.
Маны тэҥэ, сылгыны иитиигэ эмиэ гранынан көмө бэриллэр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…