Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыал ахсаана элбиир

Share

ЗАГС салалтатын дааннайынан, от ыйыгар уолаттарга Лев, Александр, Михаил, Эркин, Мирон диэн ааттар киэҥник бэрилиннилэр. Оттон сэдэх ааттар испииһэктэригэр Адьян, Дансар, Джейсон, Назар киирдилэр.

От ыйыгар кыргыттары үксүн София, Аделина, Кэрэли, Амелия, Эмилия диэн ааттаатылар. Ураты ааттар быыстарыгар – Сибэкки, Эвилана, Ариона. 7 ый иһигэр Саха сиригэр уопсайа 6045 оҕо төрөөтө, ол иһигэр 2910 кыыс уонна 3135 уол оҕо. 2020 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыал ахсаана 10%-нан элбээн, 34,6 тыһыынчаттан таҕыста.

Ааспыт сылга оҕолор 44%-тара дьиэ кэргэҥҥэ үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорунан төрөөбүттэр. 2024 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэ үүнүүтүн тэтиминэн Арассыыйа Федерациятыгар 12-с миэстэни, оттон оҕо төрөөһүнүнэн — Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортотугар 1-кы уонна дойдуга 10-с миэстэни ылла.

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин дьиэ кэргэни, ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйүүр боппуруостарга улахан болҕомтотун уурар. 2025 сылга дойдуга «Дьиэ кэргэн» диэн саҥа национальнай бырайыак үлэтин саҕалыаҕа, онно сүрүн болҕомто Арассыыйа ыалларын этэҥҥэ буолууларыгар уонна олохторун хаачыстыбатыгар ууруллуоҕа.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Кирэдьиит каартатынан бырыһыан төлөөбөккө хайдах туһаныахха сөбүй?

Харчыны иэс ылан баран бырыһыан төлөөбөт буолуу — кирэдьиит каартатын сөпкө дьаһаннахха, толору кыаллар суол.…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сыыппара
  • Уопсастыба

Матвиенко үлэлээбэт дьонтон ОМС-ка сылга 45 тыһ. солк. хомуйар туһунан этии киллэрдэ

Арассыыйаҕа, официальнай дааннайдарынан, мөлүйүөнүнэн үлэлээбэт эрээри үлэлиир кыахтаах гражданнар бааллар. Кинилэр мэдиссиинэнэн хааччыллыыларын иһин официальнайдык…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэҕэ, хамнаска уонна үөрэхтээһиҥҥэ ороскуот улаатыаҕа

Кэлэр сыл бүтүүтүгэр биэнсийэ орто кээмэйэ 27 117 солкуобай буолуоҕa. Ону таһынан, тиийинэн олоруу алын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Аллараа Халымаҕа үрүҥ эһэлэри күһүҥҥү кэтээн көрүү ыытыллар

Балаҕан ыйын 20 күнүттэн «Курдигино-Крестовая» уонна «Чайгургино» эркээйи сирдэргэ үрүҥ эһэлэри күһүҥҥү кэтээн көрүү саҕаланна.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Айсен Николаев Владимир Путины төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр, Владимир Путин төрөөбүт күнүн бэлиэтиир. РФ Бэрэсидьиэнин Саха сирин элбэх омуктаах…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка суол быһылааныгар суоппар эчэйбит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр алтынньы 6 күнүгэр «УАЗ Патриот» уонна «Хонда Фит» массыыналар…

2 часа ago