Салгыы
Саха сирэ тутуунан Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ

Саха сирэ тутуунан Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ

Ааптар:
14.10.2024, 15:50
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Саха сирэ Уһук Илин федеральнай уокурукка тутуутун кээмэйинэн 1 миэстэҕэ уонна дойдуга 14 миэстэҕэ таҕыста.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга тохсунньу-атырдьах ыйдарыгар ыытыллыбыт тутуу үлэтин кээмэйэ, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 3,2 % үрдээбит. Балаҕан ыйын саҥатынааҕы туругунан 529,9 тыһ.кв.м. олорор дьиэ үлэҕэ киирбит. «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак «Олорор дьиэ» эрэгийиэннээҕи бырагыраама иитинэн, 2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьиэни киллэрии былаана 690 тыһ. кв.м., ол иһигэр 310 тыһ. — элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр олорор дьиэни тутууга аныгы историяҕа былырыын рекорд олохтоммутун бэлиэтээн турар. 705 тыһ. кв. олорор дьиэ, ол иһигэр 390 тыһ. кэтэх дьиэ уонна 315 тыһ.элбэх кыбартыыралаах дьиэ киирбитэ ыйыллыбыта.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: