Саха сирэ түөрт Арассыыйа Дьоруойунан киэн туттар

Саха сирэ түөрт Арассыыйа Дьоруойунан киэн туттар

30.12.2023, 16:00
Бөлөххө киир:

Александр Колесов, Алексей Неустроев, Филипп Евсеев уонна Михаил Егоров 2023 сылга Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын ыллылар. Кинилэр дьоруойдуу быһыыларын Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду барыта биллэ уонна киэн тутунна. Кинилэр хорсун быһыы уонна дойдуга бэринии чаҕылхай холобурунан буоллулар.

АЛЕКСАНДР ГАВРИЛЬЕВИЧ КОЛЕСОВ

Младшай лейтенант, “Боотур-1” баҕа өттүнэн барааччылар Саха сиринээҕи этэрээттэрин хамандыыра, РФ Дьоруойа Александр Колесов 1973 сыллаахха ыам ыйын 14 күнүгэр Нам улууһун Арбын сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.

Оҕо сааһа Өймөкөөн улууһугар ааспыта. Манна 8-с кылаа­һы бүтэрэн баран, 1988 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Онтон Сэбиэскэй аармыйаҕа Бендеры куоракка Приднестровскай иирсээн кэмигэр миротворческай күүстэргэ сулууспалаабыта. 1993 сыл­лаахха Саха сиригэр ис дьыала уорганнарыгар сулууспалаабыта, бойобуой уонна бэлэмнэнии инструкторынан үлэлээбитэ. 1990-с сылларга Чечня бастакы сэриитигэр кыттан, “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1997 сыллаахха сап­­пааска баран, харабыллыыр тэрилтэни салайбыта. Кэлин тутуу уонна тырааныспар эйгэлэригэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр дириэктэри бастакы солбуйааччынан үлэлээбитэ.

2022 сыллаахха кулун тутар бүтүүтэ Донбасстан куоппут дьоҥҥо биир идэлээхтэрин кытары гуманитарнай көмөнү тириэрдэ барбыта. 2022 сыл от ыйын 27 күнүгэр Александр Колесов салалтатынан “Боотур-1” баҕа өттүнэн барааччылар бастакы этэрээттэрэ тэриллибитэ. 2022 сыллаахха кини этэрээтэ БАРС-2 штурмалыыр этэрээт састаабыгар Цуповка, Макарово, Токаревка сэлиэн­ньэлэр тастарыгар инники кирбиигэ сэриилэспитэ. 2023 сыл муус устарга Александр Колесовка РФ Дьоруойун аата иҥэриллибитэ, Хорсун быһыы уордьанынан, “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Александр Гаврильевич кэргэннээх, үс оҕолоох.

ДМИТРИЙ НИКОЛАЕВИЧ ЕГОРОВ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сыл алтынньы 9 күнүнээҕи ыйааҕынан, гвардия рядовойа Дмитрий Егоровка (“Сунтаар” диэн позывнойдаах) байыаннай иэһин толорууга дьоруойдуу быһыыны көрдөрбүтүн иһин, Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэриллибитэ (өлбүтүн кэннэ). Дмитрий Егоров ДНӨ Новомайорскай нэһилиэнньэлээх пуунун таһыгар ВСУ чааһын суох оҥорон, өстөөх төттөрү чаҕы­йарга кү­­һэллибитэ.

РФ Дьоруойа, “За укрепление боевого содружества” мэтээл­лээх Дмитрий Егоров 1975 сыл тохсунньу 27 күнүгэр Сунтаар улууһун Тойбохой сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1991 сыллаахха Арыылаахха орто оскуоланы бүтэрбитэ. 1993-1994 сылларга Чита уобалаһын Борзя куоратыгар Сэбилэниилээх Күүстэргэ сулууспалаабыта. Аармыйа кэнниттэн Бурятияҕа үлэлээбитэ, ол иһигэр оһохчутунан. Байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытыгар муора пехотатын 155-с туспа биригээдэтин стрелковай батальонун отделениетын ­ытааччытынан баҕа өттүнэн барбыта. 2023 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта, 2023 сыл алтынньы 10 күнүгэр төрөөбүт дойдутугар көмүллүбүтэ.

Дмитрий кыра эрдэҕиттэн олус хорсун, булугас өйдөөх, туохха барытыгар дьаныардаах уонна ханнык да балаһыанньаттан кыайыылаах тахсара. Ол да иһин, кини дьоруойдуу быһыыны оҥо­руоҕар дьиэлээхтэртэн ким да саарбахтаабатаҕа. Аармыйаҕа тааҥкаҕа сулууспалыыр кэмигэр чугас дьоно хамандыырыттан Хайҕал суругу уонна аҕата Махтал суругу туппуттара. Егоровтары, байыаннай династияҕа киллэриэххэ сөп, тоҕо диэтэххэ, кини ийэтин уонна аҕатын өттүттэн бары байыаннайдар.

ААН ДОЙДУГА СУРАҔЫРБЫТ “АЛЕША” ТААҤКА ЭКИПААҺА

Филипп Евсеев уонна Алексей Неустроев Арассыыйа Дьоруойун Сулуһун Курскай кыргыһыы 80 сылыгар анал­лаах үөрүүлээх тэрээһин кэмигэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путинтан туппуттара.

Кинилэр ахсаанынан баһыйар өстөөх күүһүн урусхаллаабыттарын аан дойду барыта биллэ. Танкистар бу хорсун быһыыларынан, Саха сирин уонна Арассыыйа устуоруйатыгар бэйэлэрин ааттарын кыһыл көмүс буукубанан суруйдулар. Дьоруойдары чиэстээһин үөрүүлээх сиэригэр-туомугар Ил Дархан кинилэргэ 1 мөлүйүөн 500 тыһыынча солкуобайдаах харчынан сэртипикээттэри туттарбыта.

ФИЛИПП АЛЕКСАНДРОВИЧ ЕВСЕЕВ

Байыаннай сулууспа­лаах, ефрейтор, механик-суоппар, Т-80 (“Алеша”) тааҥка экипааһын састаабын кыттыылааҕа Филипп Евсеев 1984 сыл кулун тутар 1 күнүгэр Сунтаар улууһун Күндэйэ нэһилиэ­гэр сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ улахан оҕонон төрөөбүтэ. Сунтаардааҕы А.П.Павлов аатынан 1 №-дээх орто оскуоланы бүтэрбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан успуордунан, буоксанан уонна тустуунан дьарыктаммыта. 2001 сыл­лаахха Сунтаардааҕы 23 №-дээх орто тиэхиньиичэскэй училищеҕа силиэсэр-суоппар идэтин ылбыта. 2002-2004 сылларга танкист-мэхээнньигинэн сулууспалаабыта. Аармыйа кэнниттэн дойдутугар төннөн кэлэн, мэхээнньик-суоппарынан үлэлээбитэ. 2022 сыллаахха байыаннай эпэрээссийэҕэ мобилизацияламмыта. Алтынньыга “үөрэх” кэнниттэн байыаннай эпэрээссийэ бара турар сиригэр ыытыллан, 127-с мотострелковай дивизия тааҥкатын мэхээнньик-суоппарынан анаммыта. 2022 сыл бэс ыйын саҥатыгар биир дойдулааҕа Алексей Неустроев көрдөһүүтүнэн уонна командование көҥүлүнэн ытыалаһыы кэмигэр бааһырбыт мэхээнньик-суоппары солбуйбута.

Филипп икки эһээтэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбытыттан биирдэстэрэ Курскай Тоҕойго сэриилэспитэ. Филипп аҕата ыарыһах сүрэхтээх буолан, 50 сааһыгар тиийбэккэ өлбүтэ. Ийэтэ эмиэ эрдэ ыалдьан өлбүтэ. Филипп билигин эдьиийдээх уонна балыстаах. Филипп кэргэниниин, уһуйаан мусукаалынай педагогунуун үс оҕолоохтор. Улахан кыыстара педагогическай кэллиэскэ, кыра кыыс Дьокуускайга истибэттэр оскуолаларыгар, уоллара 8-с кылааска үөрэнэллэр.

АЛЕКСЕЙ МИХАЙЛОВИЧ НЕУСТРОЕВ

Тааҥка взводун оператор-наводчига, ефрейтор Алексей Неустроев 1987 сыл от ыйын 29 күнүгэр Уус Алдан улууһун Танда сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Кини Уус Алдан улууһугар Дьоруой аата иҥэриллибит – тохсус, оттон төрөөбүт Тандатыгар төрдүс киһинэн буолла. Биэс оҕолоох Неустроевтар ыал улахан уоллара. Тыа сирин оҕотун курдук, кыра эрдэҕиттэн ыарахан үлэҕэ эриллэн улааппыта. Ийэтэ интэринээккэ иитээччинэн, аҕата тырахтарыыһынан үлэлээбиттэрэ, билигин биэнсийэҕэ олороллор.

«Мин эһиги норуоккут патриотизмыгар хаһан да саарбахтаабатаҕым. Оттон билигин ол патриотизм туһунан Арассыыйа, аан дойду барыта биллэ».
(В. Путин)

+1
10
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -12°C
  • Ощущается: -12°Влажность: 79% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: