Саха сирэ “Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ”  бырагырааманан кирэдьиити биэриигэ иккис миэстэҕэ иһэр

Саха сирэ “Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ”  бырагырааманан кирэдьиити биэриигэ иккис миэстэҕэ иһэр

16.10.2023, 18:30
Бөлөххө киир:

Саха сирэ “Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ”  бырагырааманан кирэдьиити биэриигэ Приморье кыраайын кэнниттэн иккис миэстэҕэ иһэр.

Бүгүҥҥү туругунан тустаах бырагырааманан 88 млрд солкуобайтан тахса суумалаах 18440 ипэтиэкэ кирэдьиитэ бэрилиннэ. Итинтэн 2023 сылга уопсайа 311 млрд 676 мөл. солкуобайдаах 6 тыһыынча кэриҥэ кирэдьиитинэн туһаммыттар.

Ону тэҥэ бу бырагырааманан кэтэх дьиэни туттууга 5628 кирэдьиит ылыллыбыт. Итинтэн быйыл 13 млрд 285 мөл. солкуобай суумалаах 2432 ипэтиэкэ кирэдьиитэ бэриллибит.

Эргэ дьиэни (“вторичное жилье”) атыылаһыыга 2213 ипэтиэкэ кирэдьиитин туһаммытар. Ол иһигэр 20213 сылга 3 млрд тахса суумалаах 875 кирэдьиитинэн дьиэ ылбыттар.

“Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак чэрчитинэн саахалланар туруктаах дьиэ оннугар тутууну элбэтии соруга турар.

Бу бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр 2017 сылга диэри маннык туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн дьону көһөрөллөр. Көһөрүллэр дьоҥҥо анаан 134 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллар. Уопсайа 12 тыһыынча киһи дьиэтин-уотун усулуобуйатын тупсарбыт. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 300 тахса уопсастыбаннай эйгэни өрөмүөннээбиттэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: