Саха сирэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнэр

Share

Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Михаил Гасанбалаев 1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин бэлэмнэниир уонна тэрийэн ыытар оробуочай бөлөх мунньаҕын ыытта.

Михаил Гасанбалаев “оробуочай бөлөх  тэрийэр-иһитиннэрэр үлэнэн дьарыктаныаҕа. Сүрүн сорук – биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини хааччыйыы буолар”  диэн туран, өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Айсен Николаев Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк таһымҥа ыытар соругу туруорбутун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Мунньахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын көрсө сүрүн тэрээһиннэри тэрийиигэ туһуламмыт боппуруостары ырыттылар.

Ахсынньыга өрөспүүбүлүкэҕэ үүнэр көлүөнэни патриотическай иитиигэ былаас уорганнарын уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин бөҕөргөтөр соруктаах ыытыллар «Кыайыы Знамята» эстэпиэтэ саҕаламмыта. Ахсынньы 16 күнүгэр Дьокуускайга Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар норуоттар икки ардыларынааҕы волонтердар үөрэтэр эрэгийиэннээҕи киинннэрэ аһыллыбыта.

Сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Вильям Иванов мунньахха Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан киинэлэри өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ тыйаатырдарыгар элбэхтик көрдөрөргө этии киллэрдэ. Мунньах күн сүрүн боппуруостарыттан биирдэстэринэн Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри бэлэмнээһиҥҥэ уонна ыытыыга иһитиннэрэр-биллэрэр тиһиктэр сырдатыы үлэтин көхтөөхтүк ыытыылара бэлиэтэннэ. Таһаарыылар сүрүн тиэмэлэринэн историческай кырдьык, патриотизм, Аҕа дойду сэриитин уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын албан аатырдыы буолуохтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Быйыл офтальмолог быраастар биригээдэтэ ханнык оройуоннарга сылдьалларый?

Норуот дьокутаата, Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан 2025 сылга Саха сирин офтальмологтара…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр аныгыс нэдиэлэҕэ халлаан сылыйара күүтүллэр

Аныгыс нэдиэлэҕэ Красноярскай кыраайтан кэлэр циклон Саха сирин кэккэ оройуоннарыгар сылаас салгыны аҕалара күүтүллэр. Синоптиктар…

34 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка 39 саастаах дьахтар баан каартатыттан харчы уорбут

ИДьМ 3 №-дээх полиция отделыгар эр киһи аатыгар микрозайм ылбыттарын уонна баан каартатыттан харчы уорбуттарын…

49 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Владимир Путин Аҕа дойдуну көмүскээччи сылын тэрийэр туһунан Ыйаахха илии баттаата

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тохсунньу 17 күнүгэр 2025 сылга Аҕа дойдуну көмүскээччи сылын тэрийэр туһунан…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 37 саастаах эр киһи быһаҕынан анньыллыбыт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 7 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

Саҥа мэхэньиисим – саҥа сүүрээн

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аһын-үөлүн бэлиитикэтин министиэристибэтэ “СӨ муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныыга…

2 часа ago