Саха сирэ уонна Беларусь успуорка кыттыгас бырайыактары үлэлэтиэхтэрэ

Share

Алтынньы 1 күнүгэр Айсен Николаев уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Виктор Лукашенко бииргэ үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

— Мас-рестлинг аан дойдуга киэҥник тарҕанан эрэрэ континентальнай уонна глобальнай мультиспортивнай оонньуулар бырагыраамаларыгар киириэ диэн эрэли саҕар. Бу үлэҕэ биһиги Беларусь өттүттэн өйөбүлү күүтэбит. Мас-рестлинг көрүҥүн аан дойдуга тарҕатарга күүспүтүн түмэн, бииргэ үлэлэһиэх этибит. Салгыы оҕо успуордун, национальнай көрүҥнэри өйүүр кыттыгас бырайыактары үлэлэтэргэ бэлэммит. Биһиэхэ художественнай гимнастика, чэпчэки атлетика, хайыһар успуорда, оҕунан ытыы көрүҥнэригэр тириэньэрдэри, спортсменнары бэлэмниир кыах баар, — диэн Ил Дархан эттэ.

Кини Виктор Лукашенкоҕа «Азия оҕолоро» оонньууларга Беларусь хамаандата көхтөөх кыттыытын иһин махтанна.

— «Азия оҕолоро» олус үчүгэй санааны, өйдөбүлү хаалларбыттара. Бу күрэхтэһиилэртэн саҕыллан, биһиги Азияҕа кыттыыбыт саҕаламмыта. Ыччаттарга да, улахан дьоҥҥо да Азия турнирдарыгар кыттар буолуохпут. Эһиги өрөспүүбүлүкэҕитигэр өрүү үөрүүнэн тиийиэхпит, — диэн Виктор Лукашенко эттэ.

Бу иннинэ Беларусь бэрэсидьиэнэ Александр Лукашенко кинилэр хамаандалара «Азия оҕолоругар» үрдүк көрдөрүүлэммиттэрин бэлиэтээбитэ.

Беларусь хомуур хамаандата «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга аан бастаан кыттыбыта. Спортсменнар 78 мэтээли (27 кыһыл көмүс, 21 үрүҥ көмүс уонна 30 боруонса) ылан, уопсай ааҕыыга үһүс миэстэҕэ тахсыбыттара.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

11 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

13 часов ago