Саха сирэ уонна ДНӨ Докучаевскай куората сөбүлэҥ түһэристилэр

Share

Бэҕэһээ, тохсунньу 23 күнүгэр, Москваҕа Саха сирин өрөспүүбүлүкэтэ уонна ДНӨ Докучаевскай куораты кытта сөбүлэҥ түһэристилэр.

Өрөспүүлүкэ аҕа баһылыга Айсен Николаев уонна ДНӨ бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччы Ольга Макеева докумуоҥҥа илии баттаатылар.

«Сөбүлэҥ сыала-соруга — ОДьКХ, социальнай инфраструктураны, эбийиэктэри сөргүтүүгэ икки өттүттэн бииргэ үлэлэһиини күүһүрдүү буолар. Куораты сөргүтүү үлэтин тус хонтуруолбар тутуоҕум», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Былаан быһыытынан, бу сылга 65 эбийиэги, 2025 сылга 19 эбийиэги сөргүтүү былааннанар. Докучаевскай куораты сөргүтүү үлэтин оробуочай бөлөҕүн сүрүннээччинэн РФ бэрэсидьиэнин Саха сиринээҕи бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов буолла. Манна Кировскайы сөргүтүүгэ кыттыыны ылбыт исписэлиистэр үлэлэһиэхтэрэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, Кировскай куоракка 50 тахса эбийиэк  сөргүтүллүбүтэ. Куорат киин балыыһата, икки оскуола, үс уһуйаан, бибилэтиэкэ, муусука оскуолата. Ону сэргэ куораты сырдатар, итиинэн хааччыйар ситимнэр, успуорт былаһаакката, Кыайыы паарката, таҥара дьиэтэ. Маны таһынан аныгылыы МФЦ дьиэтэ, ИТ киин аһыллыбыттара. Саха сирэ Кировскай куоратын балыыһатыгар мэдиссиинэ тэриллэрин атыылаһыыга, саҥардыыга көмөлөспүтэ. Саҥа рентген-аппараат атыылаһыллыбыта.  Саха сирин  офтальмолог-быраастара Донбасс олохтоохторун харахтарын эмтээбиттэрэ, эпэрээссийэлээбиттэрэ, Кировскайга ааспыт сыл алтынньытыттан уопсайа 700 киһи көрдөрбүтэ. Онтон 340 киһи эпэрээссийэлэммитэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

57 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

16 часов ago