Саха сирэ уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ: көмөлөһүү салҕанар

Share

СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бу сайыҥҥыттан ыла Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ДНӨ кытта хардарыта бииргэ үлэлээһин туһунан cөбүлэһиилэринэн үлэлэр бара тураллар.

«Билигин өрөспүүбүлүкэлэр икки ардыларыгар сибээстэр олохтоннулар. 2022 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр Ил Дархан А.С.Николаев Донецкай куоракка сырыытын кэмигэр, ДНӨ Кировскай куоратын дьаһалтатын баһылыга С.В.Ермаковы кытта бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаабыттара. Сөбүлэһии быһыытынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Кировскай куорат кыһыҥҥы оттук кэмигэр уонна үөрэх сылыгар бэлэмнэниитигэр көмөнү оҥордо.

Бу кэмнэргэ өрүттэр аны Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна ДНӨ эргиэн, экэниэмикэ, наука уонна тиэхиньикэ, култуура, социальнай эйгэ өттүнэн, онтон да атын боппуруостарга бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһии түһэрсиилэрэ бэлэмнэнэр, сотору кэминэн илии баттаһыахтара. Маны сэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нерюнгри куоратын уонна ДНӨ Кировскай куоратын дьаһалталарын икки ардыларыгар бырааттыы сибээстэри олохтооһун туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаһыы боппуруоһа бэлэмнэнэ сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куораты кытта шефтэһии бэрээдэгинэн бииргэ үлэлээһинэ салҕанар».

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

14 часов ago