Саха сирэ уонна Хэйлунцзян провинциятын икки ардыгар айан-сырыы туһунан кэпсэтии таҕыста
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов Хэйлунцзян «Дэ Шо» бырамыысыланнай хампаанньатын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин Дун Юнбинныын көрүстэ.
Көрсүһүүгэ өрүттэр Саха сирин чох бырамыысыланнаһын тула кэпсэттилэр. Хэйлунцзян бырамыысыланнай хампаанньатын бэрэссэдээтэлэ господин Дун Юнбин бүгүҥҥү күҥҥэ Мохэҕа Арассыыйаттан кэлэр таһаҕаһы көрсөргө бары инфраструктура бэлэмин эппит. Дьулустаан Борисов үлэ бастакы түһүмэҕин «АК «Железные дороги Якутии» нөҥүө бырайыагы олоххо киллэриигэ, сылга хас мөл туоннаны тиэрдэр кыах баарын иһитиннэрбит.
Ол курдук бырайыагы Арассыыйа таһымыгар бигэргэтэргэ КНР провинцията төһө чоҕу туттарын туһунан докумуонунан бигэргэтии наадата этиллибит. Дьулустаан Борисов бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ чоҕу хостуур хампаанньалар чоҕу ыытарга бэлэмнэр.
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа уонна Кытай икки ардынааҕы сыһыан улахан суолталааҕын бэлиэтиир.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3388887 манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: