Салгыы
Саха сирэ уонна Индия туризмҥа, үөрэххэ уонна көмүс оҥоһуктарын бырамыысыланнаһыгар бииргэ үлэлэһии көрүҥнэрин көрөллөр

Саха сирэ уонна Индия туризмҥа, үөрэххэ уонна көмүс оҥоһуктарын бырамыысыланнаһыгар бииргэ үлэлэһии көрүҥнэрин көрөллөр

15.06.2023, 10:53
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа Ил Дархан Айсен Николаев «Индийский Бизнес-Альянс» кэмиэрчэскэйэ суох кыттыгас тэрилтэ бэрэсидьиэнэ Манодж Котванины кытта көрүстэ.

“Индия, Саха сирин атыыга биир бөдөҥ кыттыгастаах дойдутунан буолар. Бу, бастатан туран, алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнас уонна күндү таастары оҥоруу эйгэтин кытта сибээстээх. Бүгүн биһиги Индияны кытта эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы таһымҥа бииргэ үлэлэһиини сайыннарар кыахтарын көрөбүт. Инвестиционнай, атыы-эргиэн, туристическай уонна култуурунай кыахтары үөрэтиигэ индийскэй хампаанньаларга уонна урбаанньыттарга Саха сиригэр биисинэс соруктары тэрийэргэ этии киллэрэбит”, — диэн Ил Дархан эттэ.

Кэлэр сыл тохсунньутугар өрөспүүбүлүкэ  Гандинагарга Vibrant Gujarat саммитка кыттар уонна алмаас эйгэтигэр бииргэ үлэлэһии боппуруостарынан туспа сиэссийэ ыытары былаанныыр.

Итини тэҥэ, көрсүһүүгэ үөрэх, доруобуйа харыстабылын, туризм, маһы таҥастааһын эйгэлэригэр кыттыгас бырайыактар кыахтарын көрдүлэр.

Култуура уонна успуорт эйгэтигэр хардарыта киинэлэри көрдөрүүнү, гастроллары тэрийиини, Арассыыйаҕа уонна Индияҕа ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы култуура уонна успуорт бырайыактарга кыттары салгыыр ирдэнэрин ыйаллар.

Былырыын Индияны кытта таска атыы 600 мөл. дуолларга чугаһаабыта. Саха сирэ Индияҕа күндү таастары, чуолаан, алмааһы уонна бриллианы, таас чоҕу, брикеты таһааран атыылыыр. Индияттан өрөспүүбүлүкэҕэ таҥастаммыт күндү таастар, аһылык, химиичэскэй уонна оҥорон таһаарар бырамыысыланнас бородууксуйалара кэлэллэр.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: