Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин ааспыт нэдиэлэҕэ Кытайга буолан ааспыт “Биир эргимтэ, биир айан” пуорумҥа суол-иис, тырааныспар эйгэтигэр хас да этиилэри оҥорбута. Манна кини Уһук Илин эрэгийиэннэрин, Саха сирин ойуччу тутан бэлиэтээтэ. Бу пуорумҥа биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев Арассыыйа дэлэгээссийэтигэр киирэн кыттыбыта устуоруйаҕа хаалар эмиэ биир ураты түгэнинэн буолла.
Пуорум түмүктэрэ
Хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр бу пуорум туһунан сиһилии суруйан турабын. Онон манна тохтообокко эрэ, түмүктэрин туһунан аҕыйах этиини суруйуум. Владимир Путин пуорум түмүгүнэн суруналыыстарга биэрбит пресс-кэмпириэнсийэтигэр “Биир эргимтэ, биир айан” аҥаардас Кытай эрэ бырайыага буолбатаҕын, манна дойдулар бары кэриэтэ хабыллалларын бэлиэтээн эттэ.
— “Биир эргимтэ, биир айан” бырайыак бу аҥаардас Кытай эрэ бырагыраамата буолбатах. Бу бырайыак бүтүн аан дойдуну барытын хабар. Ол иһигэр Американы, Африканы, Европаны, Азия, Тиихэй акыйаан кытылын, Арассыыйаны барыбытын таарыйар. Бу бырайыак нөҥүө “Транссиб”, “БАМ”, Хотугу муора суолун, “Хоту-соҕуруу” суоллар курдук улахан бырайыактарбытын сайыннарарбыт биһиэхэ бэйэбитигэр көдьүүһү эрэ аҕалар. Бу суолларбыт бары биир ситимҥэ киирэннэр, дойдубут сайдыытыгар төһүү буолуохтаахтар. Онон Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ киллэрбит бырайыагын толору өйүүбүт, — диэн бэлиэтиир Владимир Путин.
Ити биирэ. Иккиһинэн, бу бырайыак нөҥүө судаарыстыбалар бииргэ үлэлэһиилэригэр биир саҥа былаһаакка оҥоһуллан эрэрин бэлиэтээн этиэм этэ. Пуорум кэмигэр Владимир Путин Кытай, Казахстан, Узбекистан, Пакистан, Лаос, Монголия, Таиланд, Вьетнам, Венгрия салайааччыларын кытары атах тэпсэн олорон кэпсэттэ. Үсүһүнэн, бу пуорум аан дойдуга киэҥ сэҥээриини ылбытын, кэпсэтиини, ырытыһыыны таһаарбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кытай бу пуорум кэнниттэн суруналыыстарга улахан медиафоруму тэрийэн ыыппыта. Онон “Биир эргимтэ, биир айан” бырайыак информация хонуутугар киэҥник сырдатылынна. Төрдүһүнэн, пуорум сыалын-соругун ситтэ дии саныыбын, суол-иис, тырааныспар эйгэтин сайыннарыыга үгүс этии киирдэ. Олортон Арассыыйаҕа сыһыаннааҕы ылан көрүөххэ.
Хотугу муустаах муораттан — Индия акыйааныгар
“Биир эргимтэ, биир айан” бырайыак — сүрдээх улахан былаан. Евразия суолларын барытын биир ситимҥэ киллэрэрин ааһан, хас да континены холбуур, дойдулары барыларын кэриэтэ таарыйар бырайыак буолар. Владимир Путин бу туһунан этэригэр “Транссиб”, “БАМ”, “Хоту-соҕуруу” курдук улахан бырайыактары аҕынна.
— Арассыыйа соҕуруу өттүгэр биһиги “Хоту-соҕуруу” диэн бырайыакпытын былааннаан олоробут. Бу суол Балтика, Арктика пуортарын, Персия хомотун, Индийскэй акыйааны кытары ситимниэхтээх. Мурманскайтан саҕалаан Иран пуордугар диэри тимир суол ыллыга тардыллыахтаах. Итини таһынан тимир суол иккис утаҕа “Транссиб” суолунан Уралынан, Сибииринэн барыахтаах. Бу бырайыакпыт Омскайы, Новосибирскайы, Кемеровоны, Томскайы, Алтайы биир ситимҥэ киллэриэхтээх. Үсүһүнэн, Хотугу муустаах муораҕа, Ямал арыытыгар тахсар суолбутун сайыннарыахтаахпыт. Бу бырайыак “Транссиб” уонна Байкал-Амур магистралларын ситимниэхтээх, — диэн этэр кини.
Салгыы кини Уһук Илин эрэгийиэннэрин суолларын сайыннарыыны ойуччу тутан бэлиэтээтэ.
— Уонна түмүккэ Уһук Илини сайыннарыыга биир улахан бырайыакпытын — Саха сиринэн ааһар Байкал-Амур магистралын, Өлүөнэ, Амур өрүстэри туоруур муосталар тустарынан этиэхпин баҕарабын. Өлүөнэ уонна Амур — бу Сибиир саамай улахан өрүстэрэ. Маны таһынан, Тиихэй акыйаан тимир суолун, айан суолларын, Хотугу муустаах муора пуортугар терминаллары сайыннарыы барыахтаах. Бу бырайыактар бары биир ситимҥэ киирэн, Хотугу муустаах муораны Тиихэй, Индийскэй акыйааннары кытары холбуохтаах. Хотугу муустаах муоранан сырыы туһунан эттэххэ, эһиилгиттэн саҕалаан таһаҕаһы таһарга улахан ледоколларбытын киллэрэн, айаны-сырыыны сылы эргиччи ыытар санаалаахпыт. Бу Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр барыларыгар сүрдээх улахан уонна суолталаах бырайыак буолар, — диэн этэр кини.
Онон Аҕа баһылыкпыт Уһук Илин эрэгийиэннэрин сайыннарыынан сирэйдээн Саха сирин экэниэмикэтигэр биир баттаамалаах этиилэри оҥордо. Владимир Путин Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста туһунан бу күһүн балаҕан ыйыгар иһитиннэрэн турар. Тута сөрөөн бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ. Онон өр кэтэспит аалбыт баһа хамныах курдук.
Саха сирэ Кытайы кытары үлэлэһиитэ
Урукку сылларга өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Арассыыйа саҥа атаҕар туруутугар тас дойдулары кытары үлэлэһэн, үгүс судаарыстыбаны Москва тула түмпүт буоллаҕына, билигин Саха сирэ Кытайы кытары үлэлэһиитэ Москва уонна Пекин сыһыаннаһыыларыгар биир сүрүн далаһанан буолла. Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа дэлэгээссийэтигэр киирэн, пуорумҥа тыл эппитэ ураты суолталаах.
Айсен Сергеевич бэйэтин этиитигэр Саха сирэ Кытайы кытары үлэлэһиитин аҕынна. Манна кини табаарынан эргинии сылтан сыл элбээн иһэрин, “Джалинда-Мохэ” хайысханан тимир суолун тутууга Саха сирин оруолун туһунан иһитиннэрдэ. Бу суол Саха сириттэн Аллараа Бэстээхтэн саҕалаан Амур уобалаһын Сковородино, Джалинда нэһилиэнньэлээх пууннарынан Кытай Хэйлунцзян провинциятын Мохэ куоратыгар тиийиэхтээх. Бу суол таһаҕаһы таһыыга биир сүрүн миэстэни ылар. Холобур, билигин Саха сирэ уонна Кытай табаарынан эргиниилэрэ үс миллиард дуолларга тэҥнэспит буоллаҕына, кэнэҕэскитин бу көрдөрүү хас эмэ төгүл үрдүөхтээх. Уонна саамай сүрүнэ, бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, Нерюнгриттан Кытайга диэри айанныыр суол икки тыһыынча килэмиэтир курдугунан кыччыахтаах. Ол түмүгэр табаар кэлэр болдьоҕо да кыччыахтаах, табаары таһыы да элбиэхтээх.
Бу бырайыак туһунан үгүстүк суруйан турабыт. Былырыын бу суол тутуутугар үлэни ыытарга Айсен Николаев Амур уобалаһын губернаторын Василий Орлову кытары дуогабар түһэрсибитэ. Ону таһынан “Саха сирин тимир суоллара” хампаанньа уонна Кытай тас дойдуларга бырамыысыланнаһын сайыннарарыгар үлэлэһэр ассоциацията эмиэ бииргэ үлэлэһэргэ илии баттаспыттара. Билигин Амур уобалаһын уонна Кытай провинциятыгар таһаҕаһы таһыыга анал пууну сөргүтүүгэ үлэ бара турар. Санатан эттэххэ, бу пуун 1993 сыллаахха аһылла сылдьыбыта. Ол эрээри оччолорго таһаҕаһы таһыы олус аҕыйах буолан, сабыллан хаалбыта. Онон пуорум түмүгүнэн ылан эттэххэ, Москва Кытайы кытары үлэлэһиитигэр Саха сирэ биир дьоһун миэстэни ылар буолла. Бу биһиги экэниэмикэбитигэр туһаны эрэ аҕалыаҕа.
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга уопсайа 193,76 МВт кыамталаах 14 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр диэн ОДьХК уонна энергетика…