Саха сирэ уонна «Нордголд» хампаанньа бииргэ үлэлээһиҥҥэ илии баттастылар
Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Севергрупп» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Мордашов Өлүөхүмэ куоратыгар бииргэ үлэлээһин Меморандумугар илии баттаатылар. Маны таһынан, «Севергрупп» хампаанньаҕа киирсэр «Нордголд» уонна СӨ Бырабыыталыстыбата икки өрүттээх сөбүлэҥи түһэристилэр.
Бу сөбүлэҥ түһэрсиитэ көмүс хостуур бөдөҥ хампаанньаны кытта аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар социальнай уонна экологическай бырагыраамаларыгар өр сыллаах үлэни тэрийиигэ туһуланна.
“Кэлиҥҥи сылларга Саха сирин салалтата бырамыысаланнас хампаанньаларын кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ үгүс өрүттээх үлэни ыытар.«Нордголд» хампаанньа өрөспүүбүлүкэҕэ бөдөҥ көмүс хостуур тэрилтэ ахсааныгар киирсэр. Онон аҕыйах ахсааннаах норуоттар олорор түөлбэлэригэр, чуолаан Тээнэҕэ, Чапаевоҕа, Саҥыйахтаахха, Өлүөхүмэ куоратыгар оскуолалары уонна оскуола-уһуйааннары «Нордголд» өйөбүлүнэн тутуллуоҕа”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
«Севергруп» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Мордашов Саха сирэ уонна Өлүөхүмэ биир кэлим сайдалларын туһугар өр сыллаах үлэ барыаҕын, инвестиция өйөбүлүнэн үлэ миэстэтэ тахсыаҕын туһунан эттэ. Кини чугастааҕы 10 сыл устата өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 100 млрд солк нолуок киирэрин эттэ. Онон хампааньа төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттары өйүүр туһуттан чопчу эбэһээтэлистибэлэри ылалларын туһунан бигэргэттэ.
Мантан инньэ «Нордголд» хампаанньа Өлүөхүмэ улууһун оскуолаларын тутууга, социальнай бырагыраамаларга уонна өрөспүүбүлүкэ бырайыактарыгар үбүлүһээни көрүөҕэ. Ону таһынан, сөбүлэҥ чэрчитинэн хампаанньа олохтоох дьонтон каадырдары бэлэмниэҕэ, устудьуоннар уонна эдэр исписэлиистэр быраактыка баралларыгар үлэ миэстэтин көрүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: