Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар улахан тэрээһиннэргэ бэйэтин санаатын эттэ.
“Билигин улахан тэрээһиннэр эрдэттэн былааннанан, үптэрэ көрүллэн, тэрээһиннээхтик ыытыллаллар. Быйыл Тааттаҕа буолаары турар “Манчаары оонньууларын” улахан эбийиэктэрэ барыта кэмигэр тутуллан үлэҕэ киирэр буоллулар, ону таһынан Ытык Күөлгэ улахан оскуола, балыыһа тутулунна, суоллара оҥоһулунна. Онон оонньууларынан сибээстээн, урукку сылларга ситэ тутуллубакка турбут эбийиэктэр аҕыйах сыл иһигэр тутулуннулар”.
Ил Дархан ордук олохтоохтор үөрүүнү кытта тэҥҥэ үлэлэһэллэрин, биир санаанан туруна сылдьалларын бэлиэтээтэ. Арай федеральнай суол туруга кутталлаах, ол гынан баран айылҕа ардаҕы аҕаллын-аҕалбатын, суол үлэлиэхтээх диэн тоһоҕолоон эттэ.
Айсен Николаев Дьокуускайга, Нерюнгрига, Сунтаарга буолуохтаах улахан ыһыахтарга эмиэ тохтоото. Бэлэмнэнии үлэлэр эмиэ эрдэттэн барбыттарын эттэ.
Итиэннэ Ил Дархан бар дьонугар баҕа санаатын ыытта:
«Ыһыахтарга этиллэр алгыстар дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийдиннэр, Сахабыт сиригэр дьолу-соргуну аҕаллыннар, үчүгэй быйаҥнаах сайын буоллун. Уонна саамай баҕам диэн биһиги туспутугар байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга күүстэригэр күүс эбилиннин, түргэнник кыайыылаах-хотуулаах дойдуларыгар этэҥҥэ төннөллөрүгэр баҕарабын».
Тохсунньу 9 күнүгэр Уус Алдан улууһугар Мүрүгэ "Түһүлгэ" киин балаҕан-дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,…
Доруобай буолуу төрдө. Тыыныынан эмтэнии биир саамай былыргы ньымата -- хатха-йога. Биһиги кэммитигэр биир сиргэ…
Күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий? Бу туһунан И.М.Сосин "Күн-дьыл билгэтэ" кинигэтигэр сиһилии суруллар. Тымныы кыһын буоларыгар:…
Дьааҥы улууһун Арыылаах орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна Петр Слепцов…
Ахсынньыга Дьокуускайга оҕолорго уонна ыччаттарга I өрөспүүбүлүкэтээҕи төрүт култуураҕа чөмпүйэнээт буолан ааспыта. Төрүт сахалыы эйгэни…
Сахалар билгэлэрэ Сахалар итэҕэллэринэн киэһэ таһырдьа улаханнык саҥарыа, айдаарыа суохтааххын, сир иччитин кыыһырдыаххын сөп. Түүн…