Саха сиригэр ойуур баһаарын бохсууга 800-чэкэ киһи үлэлиир

Share

Өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын умуруорууга 800- чэ киһи үлэлиир. 40 тиэхиньикэ тардылынна. Бу туһунан Экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатын министирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Сууккаҕа уопсайа 7 ойуур баһаара Амма, Бүлүү, Нерюнгри, Томпо, Уус Алдан улуустарыгар 2,8 тыһыынча га иэннээх сиргэ умуорулунна. Ити кэмҥэ 12 ойуур баһаара Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Уус Маайа улуустарынан 1 182,7 га сиргэ күөдьүйдэ.

Сууккаҕа 125 791 га иэннээх сиргэ 58 ойуур баһаара турбута биллэр: 11 – Алдан, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар, 10 –Нюрюнгри оройуонугар, 5 – Кэбээйи оройуонугар, 2-лии —  Үөһээ Дьааҥы, Амма, Мииринэй, Томпо, Уус-Маайа оройуоннарыгар, 1-дии – Булуҥ, Эдьигээн, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Өлүөхүмэ, Эбээн Бытантай оройуоннарыгар.

«Билигин нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат», — диэтэ Андрей Коноплев. Мантан 1 тыһыынчаттан тахса гектар иэннээх сиргэ 4 ойуур баһаара Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Мииринэй, Мэҥэ Хаҥалас оройуоннарыгар умуруорулунна.

Салгыы зондировщик сөмөлүөттэр туһаныллаллар. «Полярные авиалинии» Ан-26 сөмөлүөтүн Өлүөнэ өрүс уҥуоргу оройуоннарга, «Росгидромет» хампаанньа Як-40 сөмөлүөтүн Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар көтүтэр былааннаахтар. Бе-200 амфибия сөмөлүөтэ Дьокуускай куоракка дьуһуурустубаҕа ылылынна.

Саха сиригэр бэс ыйын 11 күнүттэн эрэгийиэннээҕи таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Муниципальнай таһымнаах эрэсиим Өлүөхүмэ уонна Томмот улуустарыгар салгыы үлэлиир. Бу иннинэ Амма оройуонугар биллэриллибитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Нерюнгритээҕи лесничествоҕа сырытта уонна КЧС мунньаҕын ыытта

Ил Дархан Айсен Николаев Нерюнгригэ оробуочай сырыытын кэмигэр Нерюнгритээҕи лесничествоҕа сылдьан, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ. -Сайын …

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ааҕааччы суруга: Виктор Дмитриев рекорд олохтообута 40 сыла буолла

Рекордсмен отчут Виктор Серафимович Дмитриев республикаҕа олохтообут рекорда 40 сыла туолуутун көрсө.         …

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньалыас Уйбаан – сирдьит, хааччыйааччы

Биллэрин курдук, саха норуотун чулуу уола Алексей Елисеевич Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй киһи уонна гражданин быһыытынан…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эһиил Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев  Нерюнгригэ оробуочай сырыытын кэмигэр 2025 сылга ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии боппуруостарын…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Нерюнгри оройуонугар үлэлиир

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев оробуочай сырыынан Нерюнгри оройуонугар тиийдэ. Тута үөрэх эбийиэктэригэр сылдьан,  …

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга хас да буолан биир киһини кырбаабыт дьону туттулар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ ыччаттар хас да буолан биир эдэр киһини сидьиҥник кырбыыр, тэбиэлиир видеолара…

4 часа ago